Итирик туруктаах сылдьан массыынаны ыытыы тохтообот

Итирик туруктаах сылдьан массыынаны ыытыы тохтообот

08.10.2024, 11:56
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

СӨ ИДЬМ дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, биир суукка иһигэр Саха сиригэр буруйу оҥоруу туһунан 7 иһитиннэрии киирбит.

Уус Маайа улууһугар 1965 с. т. эр киһини өлөрдүлэр, уорбаланааччы тутулунна. Дьокуускай куоракка 2005 с. т. эдэр киһи доруобуйатыгар ыарахан дьайыы оҥоһулунна, уорбаланааччы билиннэ. Киин куоракка  уоруу туһунан сайабылыанньа киирдэ, ону таһынан итирик туруктаах сылдьан тырааныспары иккистээн ыытыы быһаарылынна.

Дьокуускайга уонна Томпо улууһугар түөкүннээһин түбэлтэтэ тахсыбытын туһунан иһитиннэрии бэлиэтэннэ. Хаандыга бөһүөлэгин биир оскуолатын үлэһититтэн албыннаан алта мөлүйүөнтэн тахса суумалаах харчыны уордулар (схемата – “инвестициялар”).

Дьокуускайга 11 ыйдаах  оҕо батарея итиитигэр сиэтиллэн, балыыһаҕа   киллэрилиннэ.

Чульман бөһүөлэгэр бэйдиэ сылдьар ыттар саба түһүүлэрин түмүгэр 2012 с. төрүөх кыысчаан доруобуйата айгыраабытыгар бэрэбиэркэ ыытыллар.

Нерюнгри улууһугар “Лена” федеральнай суол 392 килэмиэтиригэр «Фольксваген Пассат» суоппара утары суолга тахсан,  «Хонда ЦРВ» массыыналыын харсыспытын түмүгэр, «Хонда ЦРВ» массыынаҕа олорсон испит  дьахтар тыына быһынна.

Итирик туруктаах сылдьан массыынаны ыыппыт 10 суоппар тутулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: