Иван Алексеев: «Бастакы ааҕыыга биһиги үс сыллаах параметры көрөбүт»
Бүгүн Ил Түмэн тохсус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар 2025 сылга уонна 2026-2027 сылларга былааннанар кэмҥэ Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылылынна.
Кэлэр сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туһунан СӨ үбүн министиирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев санаатын үллэһиннэ.
— Бүгүн Ил Түмэн мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ 2025 сылга уонна 2026-2027 сылларга былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бастакы ааҕыыга биһиги үс сыллааҕы параметры көрөбүт, үлэ бара турар. Билигин РФ Бырабыыталыстыбатыгар федеральнай бүддьүөт эмиэ саҥа көрүллэ сылдьар. Онно холобур курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллиэхтээх дотация суумата өссө да биллэ илик. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллиэхтээх дотация 70% эрэ көрүллэр, 30% тыырылла илик. Ити үп көрүллэн, биһиэхэ кэллэҕинэ, иккис ааҕыыга социальнай суолталаах ороскуоппутугар эбии көрүөхпүт. Иккиһинэн, сайын бүддьүөтү бырайыагын саҕалыырбытыгар доллар курсун 91,10 солк. ылбыппыт, онтон балаҕан ыйыгар Арассыыйа Киин баана доллар курсун 96,50 солк. оҥорбута. Итини эмиэ биһиги сиртэн хостонор баайтан киирэр нолуок сууматынан иккис ааҕыыга параметрбытын уларытан бүддьүөккэ ороскуоппутун эбии ааҕыахтаахпыт. Быйыл 2024 с. Арассыыйаҕа бара турар нацбырайыактар түмүктэниэхтэрэ. 2025 с. дойду үрдүнэн 19 нацбырайыак үлэтин саҕалыахтаах. Итиннэ саҥа кэлбит субвенциялар, субсидиялар дойду эрэгийиэннэринэн тыырылыннахтарына биһиги эмиэ бүддьүөппүтүгэр көрүөхтээхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: