Иван Алексеев: «Бүддьүөт эһиилги туруга бигэ»
Эһиилги бүддьүөппүт бастакы ааҕыыта Ил Түмэҥҥэ ааспыт ый ортотун эргин буолбута. Иккис ааҕыллыыта бу ый бүтүүтэ парламент бэбиэскэтигэр киирбит. “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, политолог Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” диэн биэриитигэр СӨ үпкэ миниистирин 1-кы солбуйааччы Иван Алексеевтыын кэлэр үс сыллааҕы бүддьүөт сүрүн хайысхаларын, өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй туругун туһунан атах-тэпсэн олорон сиһилии кэпсэттэ.
Сотору иккиһин ааҕыллыа
– Үтүө күнүнэн, Иван Иванович! Сотору кэлэр үс сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ иккис ааҕыыга Ил Түмэн көрүүтүгэр киириэҕэ. Эһиилги бүддьүөт хайдах-туох буолар туруктааҕый? Дьон-сэргэ арҕаа дойдулар соҥнуур экэнэмиичэскэй сааҥсыйаларыттан сылтаан сарбыйыы барыан сөп диэн дьаахханар.
– Үтүө күнүнэн. “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччылара. Санатар буоллахха, соторутааҕыта кэлэр сыллааҕы бүддьүөт бастакы ааҕыыта Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар ааспыта. Иккис ааҕыыта сэтинньи 30 күнүгэр көрүллүөҕэ. Судургутук быһаарар буоллахха, бүддьүөт ылыллыан иннинэ бастаан утаа өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын билгэлээһинэ (прогноһа) көрүллэр. Итинтэн сиэттэриллэн бүддьүөт таҥыллан оҥоһуллар. Маны быһаарыахпыт иннинэ Саха сиригэр үлэлиир улахан хампаанньалары, сир баайын хостуур бөдөҥ тэрилтэлэри уонна урбаанньыттары кытары үлэлэһэн, кинилэр инники былааннарын көрөбүт, үөрэтэбит, ырытабыт.
Билигин баар балаһыанньаттан сылтаан уустуктар үөскээтилэр. Этэргэ дылы, биир-икки сылынан туох-ханнык буолара биллибэт. Аны туран, бүддьүөт бырайыага үс сылы хабар. Улахан хампаанньалар былааннарын хомуйууга уустуктары көрүстүбүт. Ол иһин бүддьүөтү оҥорууга от ыйынааҕы прогнозка сигэннибит. Оттон иккис ааҕыыга балаҕан ыйдааҕынан сирдэтиниэхпит. Аҕыйах кэм иһигэр тустаах сыыппаралар уларыйа-тэлэрийэ тураллар.
Дотация туһунан этэр буоллахха, маннык. Федеральнай бүддьүөттэн биһиги дотацияны ылабыт. Суумата балай эмит улахан, быйылгы 57 млрд солк. этэ.
Төһө даҕаны элбэх нолуок киирбитин иһин ороскуоппут улахан. Сирбит-уоппут киэҥ-куоҥ, кыһыммыт уһун. Хомунаалынай ороскуоппут ордук элбэх. Онон дотацияны син биир ылыахтаахпыт. Бастакы ааҕыыны дьон көрөн баран, сүрүн хайысхаларга бачча эрэ көрүллэр эбит диэн ааспыт сыллааҕы көрдөрүүнү кытта тэҥниир. Бу эмиэ сыыһа соҕус. Тоҕо диэтэххэ, иккис ааҕыыга саҥаттан аттарыллан эбиллэн биэрэр. Бастакы ааҕыыга дотацияны Арассыыйа үрдүнэн бары эрэгийиэннэргэ 70 бырыһыанын эрэ биэрэллэр. Кэлин хаалбыт 30 бырыһыанын суумата биллэр.
Тыа хаһаайыстыбатыгар тохтуур буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тыа хаһаайыстыбатын эһиилги ороскуота быйылгытааҕар кыра буолуо суохтаах. Биһиги маны хайаан да толоруохтаахпыт.
Дотацияны сарбыйа сатааһын
– Дотацияны ааҕыыга саҥа методиканы киллэрэ сатыыллара иһиллэр. Ол киирдэҕинэ, сарбыйыы буолуо диэн баара.
– Федеральнай дотация ааҕыллыыта (методиката) уларыйыахтаах. Эрэгийиэннэр бары кэриэтэ Арассыыйа бүддьүөтүттэн дотация ылаллар. РФ Үбүн министиэристибэтэ бу методиканы уларытаары гыммыта. Ол эрэн, саҥа методиканан суоттаан-ааҕан көрбүппүтүгэр, Саха сиригэр бэриллэр дотация кыччыыра биллибитэ. Биһиэнэ эрэ кыччыыр буолбатах, Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрэ бары хапсаллар.
Ол иһин Ил Дархан Айсен Николаев дотацияны кыччаппаттарын туһунан туруорсар суругу РФ Үбүн министиэристибэтигэр уонна РФ Бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин федеральнай уокурук боломуочуйалааҕа – вице-премьер Юрий Трутневка ыыппыта. Аны соторутааҕыта РФ Федерациятын Сэбиэтигэр бүддьүөккэ парламентскай истии буолбута, онно эмиэ Айсен Николаев тыл эппитэ, дотация кыччаабатын туруорсубута. Онуоха РФ үбүн миниистэрэ Алексей Силуанов “эһиилги дотацияҕыт быйылгыттан кыра буолуо суоҕа” диэн мэктиэ тылын биэрбитэ. Төһө даҕаны саҥа методика киирбитин иһин эһиги харчыгыт кыччыа суохтаах диэн быһаарбыта.
Судургутук быһаарар буоллахха, бу иннинэ эһиги нолуоктан элбэх дохуоту ылаҕыт дииллэрэ. Онон дотацияҕыт кыччаан биэриэхтээх диэн быһаараллара.
– Модельнай бүддьүөт диэн баара. Мин өйдүүрбүнэн, ороскуот дохуоту кытта тэҥ буолуохтаах. Наһаа элбэҕи туһаныллыа суохтаах диэн, ирдэбиллэргэ түбэһиннэрэ сатааһын баара.
– Модельнайы 2017-2018 сылларга олоххо киллэрэ сатаабыттара. Аатыттан да ылан эттэххэ, «идеальнай» диэн буолар. Арассыыйа үрдүнэн орто бүддьүөт ылыллар. Ороскуот уонна дохуот тэбис-тэҥ буолуохтаахтар, ол эрэн,Арассыыйа сирэ-уота киэҥэ бэрт: Саха сирэ уонна Краснодарскай кыраай атын-атын усулуобуйалаахтар буоллаҕа. Биһиги сирбит-уоппут киэҥ-куоҥ, кыһыммыт тымныы, суолбут-ииспит ураты… Онон ити модельнай бүддьүөт хайдах да сөп түбэспэтэ чуолкай. Кэпсэтии эрэ быһыытынан хаалла.
Үс сүрүн хайысха
– Бүддьүөккэ социальнай суолталаах хайысха өрүү баар. Эһиилгигэ ханнык хайысхаларга суолта уурулунна?
– Эһиилги уонна 2024, 2023 сыллардааҕы бүддьүөт хайысхаларын көрдөххө, саамай тыын боппуруоһунан нэһилиэнньэ хамнаһа буолар. Дьон хамнаһа 100 бырыһыан төлөнүллүөхтээх. Хамнаска иэс суох буолуохтаах. Оттон социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууга социальнай төлөбүрдэр, босуобуйалар барыта баар буолуохтара. Эһиилгиттэн РФ бүддьүөтүгэр – Ийэ хапытаала буоллун, социальнай босуобуйалар буоллуннар – бары индексацияланаллар, үрдээн биэрэллэр. Үсүһүнэн, тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто ууруллар. Бу хайысха Саха сиригэр социальнай суолталааҕынан биллэр. Эһиилги бүддьүөккэ бу салааҕа үп көрүллүүтэ олох кыччыа суохтаах. Бу үс сүрүн хайысханы ааттаатым.
– Хамнас үрдүө дуо?
– Бүддьүөт бастакы ааҕыытыгар хамнаһы улаатыннарыы былааннаммыта. Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2012 сыллааҕы ыам ыйынааҕы ыйаахтарын чэрчилэринэн, дьон хамнаһа үрдүөхтээх диэн. Манна учууталлар, быраастар, култуура үлэһиттэрэ хапсаллар. Бу ыйаах былаанын олоххо киллэрии эһиилги бүддьүөккэ киирэн турар. Хас бырыһыан үрдүүрэ 2022 сыл түмүгүнэн чуолкай биллэр. 2023 сылга үктэнэн баран, ону хат суоттаан быһаарабыт. Аны туран, ыйаахха киирбэтэхтэр бааллар, нууччалыы этэр буоллахха, “прочие” (атыттар) диэн. Быйыл бу категорияҕа хапсааччылар хамнастара 10 бырыһыан үрдээбитэ. Эһиил бу үлэһиттэр кыччаабыта 6 бырыһыан улаатыахтаах диэн былааҥҥа киллэрдибит. Сыл аайы хамнас үрдүөхтээх, манна сүрүн оруолу инфляция, уо.да.а. кэккэ экэнэмиичэскэй уларыйыылар ылаллар.
Бэйэ дохуота элбии турар
– Аны бэйэ дохуотун таарыйыахха. Биэс сылтан бэттэх бэйэ дохуотун көрдөрүүтэ хайдаҕый? Элбии турара биллэр.
– Оннук, элбии турар.
Биэс сыллааҕыта бэйэбит дохуоппут бүддьүөт уопсай дохуотуттан 40 бырыһыанын ылара. Билигин ити кирбии 60-70 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Бу – улахан ситиһии.
2012-2014 сыллар эргин АЛРОСА хампаанньа эрэ уопсай дохуоттан 60 бырыһыанын киллэрэр буоллаҕына, билигин алта-сэттэ хампаанньа эбиллэн биэрдилэр.
2014 сылларга сир баайын хостуур улахан тэрилтэлэргэ нолуоктарыгар тоҕо улахан чэпчэтиини биэрэбит диэн боппуруостар күөрэйэ сылдьыбыттара. Ити үчүгэй өрүттээх буолла. Саха сиригэр үктэммит улахан хампаанньалар нолуокка үс-түөрт сыллаах чэпчэтиилээх болдьохторо бүтэн, билигин уопсай хааһынаҕа элбэҕи төлөөн эрэллэр.
Сир баайын хостуур тэрилтэлэр бары кэриэтэ урбаанныы толкуйдаахтар. Кинилэр барытын эрдэттэн ааҕаллар-суоттууллар. Арассыыйа үрдүнэн сир баайдаах сир элбэх. Кинилэр бастакы уочарат ороскуоттарын ааҕыналлар. Ол кэмҥэ нолуокка чэпчэтиини кэмигэр оҥордоххо, тута сөбүлэһэн үлэлээн бараллар уонна атахтарыгар бигэтик турдахтарына, нолуогу толору төлүүргэ кыһаллаллар. Бу бары өттүнэн сөптөөх бэлиитикэ буолар. Ити түмүгэр элбэх үлэ саҥа миэстэтэ тахсар, үтүмэн тутуу ыытыллар.
АЛРОСА туруга этэҥҥэ
– Саха сиригэр саамай элбэх дохуоту киллэрэр хампаанньанан АЛРОСА буолар. Арҕаа дойдулар экэнэмиичэскэй сааҥсыйа ытарчатыгар киллэрэ сатаан баран, онтуларыттан ыһыгыннылар. Сүрүн хампаанньабыт быйылгы туруга хайдаҕый?
– Сааҥсыйа бары хампаанньаларга улахан охсууну оҥордо. Ол эрээри, Арассыыйа алмааһа сааҥсыйаҕа киирбэтэ. Эмиэрикэлэр киллэрэ сатаабыттара эрээри, Европейскай Сойуус ону ылыммата. Ол эрээри, баан өттүгэр, чуолаан төлөбүрү аһардыыга кэккэ уустуктар бааллар. Ол үрдүнэн балаһыанньа этэҥҥэ. АЛРОСА ылыммыт нолуогун барытын төлүү олорор. Арай, дивидени быйыл төлөөбөтө. Арассыыйа үгүс улахан хампаанньалара итинник бэлиитикэни, суолу тутустулар. Улахан тэрилтэлэргэ омук сириттэн элбэх аахсыйалаах баар, кинилэргэ харчыны биэрбэт сыалтан итинник суолу тутуспуттара өйдөнөр. Арҕааҥҥылар экэнэмиичэскэй сааҥсыйаларыгар Арассыыйа эмиэ сөптөөх эппиэти биэриэхтээх буоллаҕа.
Ороскуот эмиэ улаатар
– Быйылгы бүддьүөккэ уларытыы сэтинньи бүтүүтэ буолуохтаах. Сылга түөртэ уларыйар. Быйылгы бүддьүөт туруга хайдаҕый? Ханнык хайысхаларга эбии үп көрүллэрий?
– Судургутук быһаарыам. Былырыын 2022 сыллааҕы бүддьүөт бастакы ааҕыытыгар ороскуоппут 240 млрд солк. этэ. Оттон бу төрдүс уларытыыга ороскуот 354 млрд солк. тиийэр. Ол аата 100-тэн тахса млрд солк. улааппыт. Бу үрдээһин федеральнай үп уонна нолуок киириилэрин кытта сибээстээх. Бу – экэниэмикэ этэҥҥэтин көрдөрөр. Ороскуокка балайда элбэх үп барда. Байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр матырыйаалынай көмөнү оҥорорго элбэх үп туһанылынна.
– Муниципалитеттар бэйэлэрин боломуочуйаларын олоххо киллэрэллэригэр диэн өрөспүүбүлүкэттэн дотация көрүллэр. Бүддьүөттэрин хааччыйыы диэн. Аҕыйах сыллааҕыта манна эмиэ саҥа методика киирбитэ. Ол олоххо киирэригэр сорох нэһилиэккэ дотациябыт кыччыыр диэн баһылыктар улахан кэпсэтиини тэрийбиттэрэ. Маны быһаарар инниттэн эһиги хас биирдии улуус тустаах салайааччыларын кытта атах тэпсэн олорон үлэлээбиккит.
– Бу – 2020 сыллаахха этэ. Нэһилиэк баһылыктара тустаах боппуруоһу көтөхпүттэрэ, сыл аҥаарын быһа үлэлээбиппит. Быйылгы бүддьүөтү ылан көрөр буоллахха, саҥа методика олоххо киирбитин түмүгэр, төттөрүтүн нэһилиэктэргэ барар дотация
1 млрд солк. улаатан биэрбитэ.
Сорох нэһилиэктэр баһылыктара бүддьүөппүт оннунан хаалла, улааппата диэн этиэхтэрин эмиэ сөп. Ити этиллибит дотация улуустар бүддьүөттэригэр аттарыллан түһэр. Улуустааҕы анал хамыыһыйа хайа нэһилиэк элбэҕи, кыраны ыларын көрөн, барытын тэҥнээн биэрэр толору бырааптаах. Бу ааҕыы методикатын нэһилиэк баһылыктара өссө тупсаран биэриэххэ диэн этиилэри киллэрдэхтэринэ, салгыы уларыйыан сөп. Оробуочай бөлөх үлэлиир.
Нолуогу кыччатыы
– Нолуокка уларыйыы киирэрэ элбэх. Холобур, элбэх оҕолоохтор тырааныспар нолуогуттан босхолоннулар. Арктика эргимтэтигэр ити эмиэ киирдэ. Быстах хомуурга барбыттарга эмиэ баар. Ол аата, нолуок киириитэ кыччыыр, ону хантан эрэ ылан толорон бэриллиэхтээҕэ буолуо.
– Нолуокка чэпчэтии киирэрэ нэһилиэнньэ олоҕо чэпчииригэр улахан көдьүүһү оҥорор. Оттон бүддьүөккэ үп киириитэ кыччыыра баар суол. Тустаах быһаарыныы ылыллыан иннинэ нолуок хамыыһыйата эрдэттэн бачча кээмэйдээх нолуок киирбэт диэн барытын суоттуур. Быйыл сааҥсыйалар саҕаламмыттарыгар урбаанньыттар нолуоктара эмиэ кыччатыллыбыта. Ол түмүгэр кэккэ улуустарга уонна Дьокуускайга нолуок киириитэ аҕыйаабыта. Бу чэпчэтии салгыы эһиил эмиэ барар диэн хамыыһыйаҕа быһаарбыттара. Хас да чааһы быһа өр быһаарсыбыппыт. Холобур, улуустар дохуоппут кыччыыр диэн утарбыттара. Урбаанньыттарга көмө оҥоруохтааххыт диэн тустаах министиэристибэ туруорсубута. Аны үп-харчы киирбэтинэн сибээстээн, чэпчэтиини оҥоруо суохтааххыт эҥин дииллэр. Оннук буолуо суохтаах. Холобур, урбаанньыт нолуогар чэпчэтиини ылан баран, үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэргэ, эбии үлэ миэстэтин таһаарарга дьулуһуохтаах. Сыананы улаханнык үрдэтиэ суохтаах. Син биир хайа эрэ өттүнэн нолуокка эбиллии баар буолар. Ону анал хамыыһыйа эрдэттэн өтө көрөн үлэлиир.
Чэпчэтиини ыллыбыт да мээнэ олоххо киллэрбэппит. Эрдэттэн барыта ырытыллар, чэпчэтии киирбитин түмүгэр, атын салаа сайдыахтааҕа эрдэ биллэр, быһаарыллар. Ол түмүгэр, нолуокка син биир үп киирэр. Холобур, быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга тырааныспардарыгар нолуокка чэпчэтии киирдэ. Бу дьон тырааныспардарын хайдах да сүүрдэр кыахтара суох ээ. Тимир көлөлөрө турар, ол иһин чэпчэтии көрүллэрэ оруннаах.
Үс сылынан…
– Экэниэмикэбит үс сылынан хайдах буолуой? Үп эйгэтигэр өр сыл үлэлээбит киһи быһыытынан быһааран кулу эрэ.
– Билиҥҥи балаһыанньа Арассыыйа да, Саха сирин да үрдүнэн инники өттүгэр сайдарбытыгар, туттуммахтаһан хааларга сөптөөх кэм-кэрдии кэллэ. Бу иннинэ үгүс урбаанньыт арҕаа дойдулартан бэлэми аҕалан атыылыыр этэ. Үп-харчы барыта тас дойдуларга тахса турбута. Ол билигин тохтоото. Бэйэбит испитигэр оҥорон таһаарыыны сайыннарар кэм кэллэ, онно дьулуһуохпутун наада. Ити быһаарыллар түгэнигэр, эбии үлэ миэстэтэ тахсыа, нолуокка элбэх үп киириэ уонна хамнас үрдүө. Арассыыйаттан үп-харчы атын дойдуларга аны мээнэ барыа суоҕа. Үгүс өттүгэр сирбит баайын атыылаан, ол үбүнэн атыны атыылаһан аҕаларбыт. Билигин да сир баайын атыылыыбыт эрээри, үгүс салааҕа бэйэбит оҥорон таһаарыахпытын наада, сүрүн бэлиитикэ ол диэки иэҕилиннэ. Маны олоххо киллэрэргэ бары өттүнэн сөптөөх быһаарыныы ылыллыахтаах.
Түмүккэ этиэҕи баҕарыллар, баар балаһыанньалартан сылтаан эһиилги бүддьүөтү таҥыы, оҥоруу төһө да уустуктардааҕын иһин социальнай суолталаах хайысха адьас энчирээбэт. Ол аата, хамнас, социальнай босуобуйалар 100 бырыһыан төлөнүллүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: