Иван Бугаев: «Итэҕэллээх буоламмын эрэ тыыннаах сылдьабын»
Бу күннэргэ Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Иван Бугаев ыалдьыттаан ааста. Кини хорсун быһыытын таһынан, дроннары суулларар буулдьаны толкуйдаан оҥорон, бэйэтин уопутун байыаннай дьайыыга тарҕатан, элбэх байыаһы быыһаабыт.
Дойду мүөттээх салгына
– Сэтинньигэ уоппускаҕа кэлбитим. Улуустарга сылдьан, нэһилиэктэргэ оҕолору, олохтоохтору кытары көрүстүм. Дойдубар тиийэн бултаан, айылҕаҕа сылдьан дуоһуйа сынньанным. Хас даҕаны оскуолаҕа сылдьан оҕолорго «Эр санаа» уруогун ыыттым. Мин бэйэм биир сиргэ тохтоон олорбот, мэлдьи кэлэ-бара сылдьар киһиэхэ дьиэҕэ хаайтаран олоруу сөбө суох. Онон элбэх улууска сылдьан табаарыстарбын, аймахтарбын көрүстүм. Дойдубар олус үчүгэйдик көрүстүлэр. Өр тэйэ сылдьан баран тиийэн көрдөхпүнэ, баһылыкпыт Гаврил Викторович Егоров Сиэгэн Күөл нэһилиэгин өрө тардыбыт, бэркэ үлэлии сылдьар эбит. Мин урут кулуупка үлэлии сылдьыбытым. Эдэр ыччат буоламмыт, улахан усулуобуйата суох кулуупка баҕа санаабытынан эрэ үлэлиирбит. Билигин Анна Решетникова салайааччылаах кулуупка, үлэ бөҕө бара турар эбит. Олохтоох далбар хотуттар бэйэлэрин төрүт үгэстэринэн иистэнэр, арааһы бары оҥорор буолбуттар. Элбэх үлэ миэстэтин таһаарар Култуурунай-успуорт комплексын бырайыага оҥоһуллубут, ол эрээри хаһан тутуллара биллибэт эбит. Хайдах эрэ, дойдум дьонун бу баҕа санаалара олоххо киирэрин түргэтэппит киһи диэн баҕа санаалаахпын.
Волонтердар абырыыллар
– Уоппускаҕа кэлэн иһэн Москваҕа «Саха волонтердара» уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа сылдьыбытым. Туйаара Константинова волонтердарын кытары олус үчүгэйдик көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, саха төрүт аһын аһатан сылаас өйдөбүлү хаалларбыта. Тута дойдум сылаас тыына биллибитэ. Онон «Саха волонтердарыгар», биһиэхэ күүс-көмө буолар биир дойдулаахтарбытыгар махтаныам этэ. Киһиэхэ, ордук чуолаан, анараа сылдьар уолаттарга, кыра даҕаны киһилии истиҥ сыһыан наада. Инники кирбиигэ сылдьан биирдэ эмэ дьоммутуттан ас ыыттарабыт уонна, Новоазовскайга уолаттар бааллар, олор харта, балык амсатан, дойдубут тыына биллээччи, оччоҕо санааҥ сырдыыр, күүскэр күүс эбиллибиккэ дылы буолааччы. Астынан, эйэлээх олоххун, оҕо-эдэр сааскын, дьоҥҥун-сэргэҕин саныыгын. Манна кэлэн баран, кыра даҕаны буоллар, анараа сылдьар уолаттарбар улууһум баһылыга Иван Левин биэрбит соботун, аһын баһыылкалаан ыыттым.
Биир түгэн
– Биир түгэни кэпсиэм. Биир дойдулаахпын, Баҕадьаттан сылдьар Алик диэн уолу кытары бойобуой сорудахха киирбиппит. Кинини иннибэр ыыттым, бэйэм кэнниттэн иһэн салайан биэрэбин. Өстөөх сытар сиригэр киирдибит. Арай, биир блиндажка икки нуучча, бэйэбит уолаттарбыт баар эбиттэр. Бу уолаттар манна сыппыттара үһүс күнэ буолбут. Үрдүбүтүнэн тохтоло суох дроннар көтөллөр, снарядынан тамныыллар. Оннук үс күнү быһа сыттыбыт, ас-үөл бүттэ. Ол киирэрбитигэр биир эрэ араассыйаны биэрээри гыммыттарын, командованиебыттан туруорсан, биирбит бааһыран дуу, өлөн дуу хааллаҕына, хайдах сибээстэһиэхпитий, көмөнү хайдах ыҥырыахпытый диэммин, иккиһи ылбытым. Холобур иккиэммититтэн биирбит араас буолар түгэнигэр, бастакы көмөнү оҥорон баран, биирбит салгыы бойобуой сорудаҕы толоро барыахтаах. Оннук, уопсайа, иккиэн уон икки күн сырыттыбыт. Бойобуой сорудаҕы толорон баран тахсарбытыгар, биһигини быыһаары аҕыс киһи бааһырбыта, ол иһигэр биэһэ ыараханнык эчэйбитэ, икки киһи өлбүтэ. Бу биригээдэбит саамай «курутуой» байыастара этэ. Ол сылдьан өстөөхтөртөн аптамаат, атын даҕаны сэрии сэбин, суумкалары илдьэ тахсыбыппыт. Бойобуой доҕотторум «Вильдос», «Карасик», «Сокол», «Орел», о.д.а. баар буоланнар, тыыннаах тахсыбыппыт дии саныыбын. Бу сырыыбытыгар комбаппыт «Эр санаа» уордьаныгар түһэрдибит диэбитэ, ол эрээри ону биһиэхэ буолбакка, комбригпытыгар биэрбит этилэр. Аны билигин биһиги бойобуой сорудахха киирэр уолаттарбытын хайдах эрэ тыыннаах таһаарар туһугар кыһаллабыт.
Итэҕэл туһунан
– Мин билигин итэҕэллээх буоламмын эрэ тыыннаах сылдьабын дии саныыбын. Ону кытта үөһэттэн байыаннай дьайыыга сылдьан суох буолбут быраатым Василий арчылыы сылдьар диэн эрэллээхпин. Анараа Саха сириттэн сылдьар биир киһи баар. Мэлдьи бэйэтэ бэйэтин кытары кэпсэтэ, саҥара сылдьар. Ол киһи, саамай кылаабынайа, уустук түгэҥҥэ ыксаабакка, ыгылыйбакка сылдьыҥ, ыарахан кэмҥэ ийэҕитин, дойдугутун санааҥ диирэ. Мин ол уон икки күн устата өлөр-тиллэр икки ардынан сылдьар кэммэр, өйбөр ол киһи тыллара киирэн кэлбитэ. Итинник өр сырыттахха, киһи өйө-санаата тууйуллар, буккуллар, илистэр, араас санаа киирэр. Урут улахаҥҥа уурбат этим, оттон киһи ыарахан түгэннэргэ түбэстэҕинэ, этэ-сиинэ аһыллан, ону итэҕэйэр эбит.
Биир түгэни ахтыам, арай биирдэ киирсии кэнниттэн, тыл көтөҕөн, икки өттүттэн сөбүлэһэн киирсиини быстах кэмҥэ тохтотуу буолан, өстөөх тирэх пуунуттан биэс уолбутун таһаарбыппыт.
Буулдьа оҥоһуута
– Урут аҕабыт саатын көҥүллэппэккэ илдьэ баран бултуур оҕолор буоллахпыт дии. Доруоп саа хайдах ытарын, ыһылларын-хомулларын кыра эрдэхпититтэн билэбит. Онно сылдьан биир буулдьанан хайдах ытары быһаарсар буолбуппут. Аҕам бултуурга-алтыырга, сэбиргэлинэн туттарга үөрэппитэ билигин улаханнык туһалыы сылдьар. «Баба-яга» диэн бронированнай дрону элбэх буулдьанан ытан кыайбаккын, ол иһин биир анал ботуруон оҥостон ытар ордук. Ол иһин оннук буулдьаны оҥорор буолбутум.
Буулдьа оҥорорбун, эн уопуккун уолаттарга тарҕатыам диэн, Донецкайдааҕы норуот сэриитин майора видеоҕа устубута тарҕаммыт этэ. Ол күнтэн ыла атын чаастартан хас да киһи кэлэн үөрэнэн барбыта, уолаттар эрийэн ыйыталаһан, бэйэлэрэ оҥостор буолбуттара. Бастаан бэйэм оҥорбуппун уолаттарга тарҕатар этим, онтон билигин сорохтор бэйэлэрэ оҥостоллор. Бу буулдьабын патенната биэрдим. Дьиҥэ, миэхэ ол улахан наадата суох эрээри, оҥоһук барыта хаһаайыннаах буолуохтаах диэннэр, эспэртиисэҕэ ыыттыбыт. Дьокуускай куорат 33-с №-дээх оскуолатын технологияҕа учуутала Василий Гоголев дрону утары буулдьаны оҥорор ыстаныагы оҥорбут, кэлээт кинилиин билсибитим, өр кэпсэппиппит. Мин чаас аҥаарыгар 30 буулдьаны оҥорор буоллахпына, кини ыстаныагынан 15 мүнүүтэ иһигэр ону оҥорор кыахтаах. Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов салайар ытар полигонугар тиийэн хайдах ытарын көрдөрбүппүт. Кини эмиэ патенната биэрдэ, онон иккиэммит докумуоммут эспэртиисэҕэ барда. Биһиэнэ хонуу усулуобуйатыгар буулдьаны оҥоруу буоллаҕа дии. Оттон итиниэхэ майгыннатан, баҕар, маассабайдык оҥоруохтара.
Дьиҥэ, ити дьыалаҕа биир эмэ кыахтаах саха киһитэ ылсара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: