Иван Егоров – Танаринскайга аналлаах «Дэгиттэр талаан» литературнай кэнсиэр

Share

Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван Иннокентьевич Егоров-Танаринскай төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт бэртээхэй тэрээһин буолан ааста.

Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.

Ол курдук  «Дайан» сынньалаҥ киинигэр 17.00 чаастан саҕалаан «Дьоҕур утумнара» суруйааччы сиэн быраата Мукучу-Унаар Егоров тимир оҥоһуктарын быыстапкатын нэһилиэкпит дьоно сөҕө-махтайа көрдө. Чахчы да ийэ-аҕа тимир уонна тыл уустарын дьоҕурдарын утума ыччат дьоҥҥо бэриллибитин бар дьон кыраҕы харахтарынан көрөн, эт кулгаахтарынан истэн итэҕэйдэ. Аныгы үйэ түргэн тэтимнээх олоҕун кытта тэҥҥэ тилэх баттаһан, бу курдук уус удьуора, төрүт үгэспит симэлийэн хаалбакка утумнаан бара турарыгар, ыччат дьон бэйэ-бэйэтиттэн үөрэнэн иһэригэр баҕарабыт.

Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.

Сыл-хонук төһө да аастар, үтүө дьон ааттара умнуллубатыттан киһи эрэ үөрэр. Биһиги нэһилиэккэ ахсынньы  биир кэрэ киэһэтигэр тумус туттар, холобур оҥостор, эргиччи талааннаах ытык киһибит Иван Егоров – Танаринскайга аналлаах «Дэгиттэр талаан» литературнай кэнсиэр үгүс дьону түмэ тардан, эдэри-эмэни биир ситимҥэ холбоото.

Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэрдэ.

Бу киэһэ суруйааччы айымньыларыттан «Дэриэбинэчээн» норуот тыйаатырын араас көлүөнэ артыыстара үс тэттик туруорууну быһа тардан көрдөрдүлэр. Бастакы туруорууга «Таю күнү аҕалыа» – Эбээ — Александра Кычкина, Бостуу — Сеня Унаров, Саргылана Эверстова, Егор Жирков, Ульяна Гаврильева оонньоотулар. Иккис туруоруу «Хомолто» — манна Сүөдэри Марк Егоров, Сеняны Николай Андросов, Катяны Вера Прокопьева оонньоотулар. «Дьүөгэлиилэр» үһүс туруорууга  Татьяна Гоголева, Саргылана Иванова бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччү ытыһын тыаһа уҕараабата. Онтон 9 кылаас үөрэнээччилэрэ «Мин дойдум Мукучу» хоһоонун ааҕааттарын кытта чахчы да дойдунаат санаа тыына күүскэ билиннэ. Бу бэртээхэй хоһооҥҥо самодеятельнай композитор Роман Степанов дьүрүлүгэр «Күбэйэ» вокальнай ансаамбыл ырыата ньиргийдэ. «Кырдьаҕас буойуттарга» диэн хоһоонугар, Петр Азаров дьүрүлүгэр ырыаны биһиги эйэлээх олохпут иһин сырдык тыыннарын толук уурбут дьоммуттун санаан, ахтан көрөөччү чуумпуран олорон иһиттэ. Ол кэннэ идэтийбит композитор Захар Степанов дьүрүлүгэр «Күнү көрөр кэрэтин» ырыаны иккис кылаас үөрэнээччилэрэ чахчы да аламай күннүү чаҕылыйан тахсан толоруулара дохсун ытыс тыаһын эрэйиэн эрэйдэ. Бу киэһэни киэргэппит көмүс чыычаахтарбыт инникитин бу аптаах сыанаҕа тахса туруохтарын көрөөччү бигэргэттэ. Күнү көрөр кэрэтиттэн  астыммыт көрөөччү Роман Степанов дьүрүлүгэр «Мутукча сыттаан ырыаны» Константин Степанов толоруутугар истээт даҕаны, хайдах эрэ сандал саас дыргыл сыта көрөөччү сүрэҕин-быарын ортотунан сайан киирэн ураты туругу бэлэхтээтэ. Сыанаҕа эр дьон ансаамбыла тахсан, «Саха комсомолун аатынан этэрээт марша» диэн биир дойдулаахпыт, идэтийбит композитор Захар Степанов дьүрүлүгэр, Роман Степанов баяҥҥа доҕуһуолугар ылламмыта ааспыт кэм долгунугар олордон ааспыта саарбаҕа суох. Талааннаах киһи барытыгар талааннах диэн этии туоһутунан Мукучу-Унаар буолла. Ол курдук кини ийэтинэн аймаҕа Айыы Уолун репертуарыттан ырыаны гитаранан ыллаан бар дьонугар бэлэх уунна. Онтон Николай Сорокин дьүрүлүгэр «Ырыам уонна сибэкки» «Айыллаана» вокальнай ансаамбыл толоруутугар ураты буолла. Хас ылланар ырыа кута-сүрэ көрөөччүнү долгутара ырыаһыкка улахан суолталаах. Алексей Егоров дьүрүлүгэр «Эн хаарга сардаана үүннэрдиҥ» ырыаны Константин Степанов ыллаан бар дьон сүрэҕин сүүйүөн сүүйдэ. Ырыа саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хас биирдии истэ, көрө олорор көрөөччү сүрэҕэ олус долгуйа тэппит буолуохтаах.

Бу курдук хомоҕой тыллаах хоһоон, мутукча сыттаах ырыа, сүрэҕи долгутар айымньылар элбии турдуннар. Биһиги биир дойдулаахпыт айар үлэтин түмпүт халыҥ эттээх-сииннээх «Айымньылар» кинигэтигэр бу айымньылар киирбиттэрэ, туспа кинигэ буолан тахсыбыта биһиги дьолбут! Суруйааччы ааҕааччылаах буоллаҕына үйэтэ уһуурун бүгүҥҥү күн туоһулуур диэтэхпинэ арааһа сыыспатым буолуо. Бар дьоммут ханна да сырыттаргыт киэн туттуҥ Иван Иннокентьевич Егоров-Танаринскайынан. Дэгиттэр талаан тэнийэн истин, тыл ууһа утумнаннын, ыччат дьоммут үйэлээҕи үксэтиннэр!

Вера Прокопьева, Мукучу.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга биллиилээх психолингвист уонна полиглот Дмитрий Петров ыалдьыттыыр

Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник  үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…

5 часов ago
  • Сонуннар

Сарсыҥҥыттан «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланар

Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

Ааһан эрэр ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

НОМОХ БУОЛБУТ ОЛОХ. Бэтиэхэлээх Бэстэрикиэби санаан кэллэххэ…

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Киһи аан туома” эн остуолуҥ кинигэтинэн буолуоҕа

“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи  уорганын  сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аммаҕа “Дьөһөгөй – сир эдэр хаһаайыттара” бырайыак үлэлиир

“Амма Кэскилэ” улуустааҕы оҕо холбоһугун тэрилтэтин нөҥүө О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин педагогтара 2024…

7 часов ago