Иван Гаврильев: «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэригэр бары кыахпытынан көмөлөһөбүт»

Share

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны көмөҕө наадыйаллар – дьиэ-уот ис-тас кыһалҕатыгар, уйулҕа өттүнэн, гуманитарнай, юридическай көмөҕө наадыйыы элбэх.

Аҕалара, уолаттара, кэргэттэрэ, бырааттара быстах мобилизацияҕа түбэһэн барбыт үгүс дьиэ кэргэттэр тутаах дьонноро суох буолан, кыһарыйтараллара элбэх буоллаҕа. Онуоха биир дойдулаахтара күүс-көмө, илии-атах буолан көмөлөһөн абырыыллар.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр хайдах-туох көмө оҥоһулларын туһунан Ньурба улууһун оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата Иван Гаврильев кэпсиир:

байыаннай дьайыы таарыйбатах ыала, аймаҕа диэн, арааһа, суоҕа буолуо. Барыта бэйэбит оҕолорбут Аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьаллар, онон өрөспүүбүлүкэ өттүттэн араас көмө дьаһала ылыллан өйөбүл оҥоһуллар. Оттон биһиги улууспутун ойуччу ылан этэр буоллахха, хас биирдии нэһилиэккэ, куоракка араас хабааннаах көмө оҥоһуллар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэ хас биирдии ыал эһээтэ, аҕата сэриигэ кыттыбыта, оттон ийэлэр, эбээлэр тыылга кыайыыны уһансыбыттара. Онон биһиги билигин даҕаны өйдүүбүт, маннык уустук балаһыанньаҕа биһиги бары бииргэ, оҕолорбутугар өйөбүл буолуохтаахпытын.

Улуус үрдүнэн Ил Дархан дьаһалын толорууга күүстээх үлэ барар, онуоха баһылыкпыт Алексей Иннокентьев көмө, өйөбүл оҥоһуллуутун бэйэтин тус хонтуруолугар тутар. Хас нэһилиэк аайы анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө тиийэр. Уопсайынан, биир дойдулаахтарбыт кыһалҕалаахха уталыппакка көмөлөһөр үтүө үгэстээхтэр, былыргы сэбиэскэй патриоттуу иитии манна төһүү буолла. Холобур, мин уокурукпуттан икки киһи барбыта, биир уолбут, хомойуох иһин, сырдык тыына быстан, ийэ буоругар аҕалыллан кистэммитэ.

Госпиталга сытар уолаттарбытыгар чугас дьонноро көрсө баралларыгар-кэлэллэригэр ороскуоттарыгар көмөлөһөбүт. Уйулҕа көмөтө эмиэ тиһиктээхтик ыытыллар. Биһиги улууспутугар Ньурбатааҕы техникум уонна оскуолалар үөрэнээччилэрэ «Патриот» диэн хамсааһыннара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр дьиэ ис-тас үлэтигэр элбэхтик көмөлөһөллөр. Холобур, кыстык мастарын бэлэмнииргэ, киллэриигэ, хайытыыга, сааһылааһыҥҥа, саас тиэргэн уутун түһэрэргэ хоруу хаһыытыгар, муус ылыытыгар, киллэриитигэр, сайын тиэргэн отун охсуутугар, онтон даҕаны атын үлэни,  наада буолла даҕаны, толороллор.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Саҥа сылы тыа сиригэр уратытык көрсөр үгэстээхтэр

Уус Алдаҥҥа Бээди төһө даҕаны киинтэн тэйиччи, кытыы буолбутун иһин, олус сэргэх олохтоох. Манна бааллар…

17 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһээ Дьыл 2025 сыл туһунан

Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed  массыына 55 саастаах суоппара утары…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

17 часов ago