Иван Гончаров Дьокуускайга сырыыта

Иван Гончаров Дьокуускайга сырыыта

18.02.2024, 18:00
ХААРТЫСКА: SAKGADAY.RU
Бөлөххө киир:

Иннин манна ааҕыҥ:

Суруйааччы Иван Гончаров Саха сиригэр айана, Иван Гончаров уонна «русский якут» өйдөбүлэ (салгыыта).

Суруйааччы Иван Гончаров 1852-1855 сылларга байыаннай фрегат хараабылынан Африканы эргийэ айаннаан, Уһук Илиҥҥэ тиийбитин туһунан «Фрегат «Паллада» диэн кинигэтигэр суруйбута. Кини Петербург куоракка төннөрүгэр Лаамыттан Саха сиринэн, Сибииринэн 4 ыйы быһа айаннаан тиийбитэ…

АММАҔА

Амма өрүһү бэрэбинэлэри баайан оҥорбут болуоттарга олорсон туорууллар. Бу “поруом­ҥа” үс ат уонна тэлиэгэ батар эбит.

Айанньыттары киэҥ-­куоҥ сыһыылар, бурдук саһарчы буспут бааһыналара, суол көнөтө, дьон баайдык-тоттук олороллоро, сайыннары сыарҕанан сылдьаллара сөхтөрбүт. Суруйааччы хайдах эрэ Волга кытылыгар сылдьар курдук сананан ылбыт.

“Подъезжая к реке Амге (это уже ближе к Якутску), я вдруг как будто перенесся на берега Волги: передо мной раскинулись поля, пестреющие хлебом. «Ужели это пшеница?» — с изумлением спросил я, завидя пушистые, знакомые мне золотистые колосья. «Пшеница и есть, — сказал мне человек, — а вон и яровое!”

Я не мог окинуть глазами обширных лугов с бесчисленными стогами сена, между которыми шевелились якуты, накладывая на волов сено, убирая хлеб. Я увидел там женщин, ребятишек, табуны лошадей и огороженные пастбища. «Где же это я? Кто тут живет?» — спросил я своего ямщика. «Исправные якуты живут» (исправные — богатые), — отвечал он”.
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Амма ыстаансыйатыгар тии­йэн кэлэллэр. Амма солобуодатыгар 600-чэ киһи баар, барыта сахалар олороллор диэн суру­йар. “Крестовская станция похожа больше на ферму, а вся эта Амгинская слобода, с окрестностью, на какую-то немецкую колонию. Славный скот, женщины ездят на быках; юрты чистенькие (если не упоминать о блохах)”.

Хаартыска: iltymen.ru

ДЬОКУУСКАЙГА

Дьэ, Өлүөнэ өрүс уҥа биэрэгэр тиийэн кэлэллэр. Кинини туос ураһаҕа шпагалаах, мундирдаах кырдьаҕас “смотритель” көрсөр. Өрүһү оҥочонон сахалар туораталлар эбит. Ол эрээри, киэһэрэн, ураһаҕа хонорго санаммыт.

Бу оҕонньортон Дьокуускай куорат туһунан ыйыталаһар. Онно гостиница суоҕун билэн, соһуйар. Оччотооҕуга Дьокуускайга 2700 киһи олороро, биир таас дьиэ баар эбит. Арыгы атыыланар, тойоттор уонна атыыһыттар кыһынын куораттааҕы дьиэлэригэр, са­­йынын “заимкаларга” (даачаларга) олороллор диэн кэп­сээбит.
Сарсыныгар элбэх арыыны, боротуоханы туораан, нөҥүө кытылы булаллар. Ыраахтан куорат таҥара дьиэлэрин көмүс куупаллара, күөх мырааннар көстөллөр. Өр кэмҥэ суола-­ииһэ суох сиринэн айаннаан кэлбит киһи, куоракка кэлбититтэн үөрэр.

“Нужды нет, что якуты населяют город, а все же мне стало отрадно, когда я въехал в кучу почерневших от времени, одноэтажных, деревянных домов: все-таки это Русь, хотя и сибирская Русь!”

Эргэ мас куоракка киэҥ-­куоҥ Көстүүнэй дьиэ, земскэй суут олохсуйбут соҕотох таас дьиэ, таҥара дьиэлэрэ харахха быраҕыллаллар. Ааһан иһэн, балыыһа, остуруок, хааһына маҕаһыыннарын, баһаары көрөр.

Эргэ, аҥаара сууллубут кириэппэс истиэнэлэрин уонна хас да башня аттынан ааһар. Ол аата 1854 сыллаахха остуруок кириэппэһэ син бүтүн турбут.
Гостиница суох да буоллар, “подорожнай” кумааҕыны көрдөрдөҕүнэ, ыспыраабынньык дьиэ булан биэрэр эбит. Кини урутаан кэлбит табаарыс­тарын булан, тэҥҥэ барсыан баҕарар да, ичигэс, түүлээх таҥаһа суох буолан, тардыллар. Өссө атаҕын тоҥорбута, сүүлэ иһэн тахсар, онтун эмтии, өрүс суола туруор диэри, икки ыйы быһа Дьокуускайга хаалар.

Хаартыска: "Эхо столицы"

ЫАЛДЬЫТЫМСАХ УОПСАСТЫБА

Дьонтон доха саҕынньаҕы, бөрө саҕынньаҕы, кырынаас бэргэһэни, тииҥ тулуубу, куобах суорҕаны, тыс этэрбэһи, тугут тириититтэн “чулкуну”, кырса үтүлүгү, хас да эһэ тэллэҕин булар.

Ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыты олус сайаҕастык көрсөллөр, дьиэлэригэр ыҥыран ыалдьыттаталлар, элбэхтик аһаталлар. Ыалдьыт тууччах балыгы олус сөбүлүүр, “Бөтөрбүүр эбиэттэригэр да сириллиэ суох этэ” дэтэлиир. Күн аайы куруппааскыны сииллэрин, куурусса, тарбыйах этин сиэбэттэрин бэлиэтиир. Шампанскай арыгы сыаната ыараханын сөхпүт: 7 солкуобай эбит. Ол эрээри, “наливка” арыгыттан аккаастамматах.

Дьокуускай мааны уопсас­тыбатын олоҕун маннык ойуулуур: “Обычаи здесь патриархальные: гости пообедают, распростятся с хозяином и отправятся домой спать, и хозяин ляжет, а вечером явятся опять и садятся за бостон до ужина. Общество одно. Служащие, купцы и жены тех и других видятся ежедневно и живут все в больших ладах.

…Замечу еще, что якутские купцы здесь порядочно воспитаны, выписывают журналы, читают, некоторые сами пишут. Почти все они где-нибудь учились, в иркутской гимназии например; притом они не носят бород и ходят в европейском платье, от этого нет резкого неравенства в об­­ществе”.

Суруйааччы Дьокуускай дьоҕус уопсастыбатын барытын кытта билсибит. Кини Сири эргийбит айанын, эриэккэс омук дойдуларын туһунан интэриэһиргээн ыйыталаһаллар эбит. Ол эрээри, Гончаров бэйэтэ маннааҕы олох чуҥкуга суоҕун билэн, соһуйбут.

Я узнал, что жизнь их не неподвижная, не сонная, что она нисколько не похожа на обыкновенную провинциальную жизнь; что в сумме здешней деятельности таится масса подвигов, о которых громко кричали и печатали бы в других местах, а у нас, из скром­ности, молчат”.

Миссионердары – Хитров уонна Запольскай аҕабыттары кытта кэпсэтэн баран, Муустаах муораҕа тиийэ сылы-сыл­лаан айанныылларын, өссө научнай үлэнэн дьарыктаналларын билэн, олус сөхпүт. Дмитрий Хитров аҕабыт саха тылын грамматикатын оҥорбута.

“ЭТО ЯКУТ, НЕДАВНО ЕЩЕ ПОЛУЧЕЛОВЕК, ПОЛУЗВЕРЬ!”

Иван Гончаров кинигэтин ааҕан баран, биир түгэни эппэккэ хаалар сатаммат курдук. Биир уоһунан сахалар үлэһиттэрин, айаҥҥа тулуурдаахтарын, сатабыллаахтарын, мындырдарын бэлиэтиир:

Якуты здесь все: кучера, слуги и ремесленники; они — хорошие скорняки, кузнецы, но особенно способны к плотничной и столярной работе. Им недостает вкуса, потому что нет образцов. Здешние древние диваны и стулья переходят из дома в дом, не меняя формы; по ним делают и новую мебель. Дайте им образец — они сделают совершенно такую же вещь. Знаете ли, что мне обещал принести на днях якут? Бюст Рашели из мамонтовой кости или из моржового зуба. Сюда прислан бюстик из гипса, и якут делает по нем. Якут и Рашель — каково сближение!”

Ол да буоллар, сахалар үҥсүһэллэрин, уорууга дьоҕурдаахтарын туһунан эмиэ суру­йар. Дьэ, оччолорго бу баар суол буолуохтаах. Ол эрээри, хайгыырын быыһыгар, өссө тугу суруйарын ааҕыҥ:

“…Это якут, недавно еще получеловек, полузверь!”

“...Слава Богу, что якуты теперь едят хлеб, а не кору, носят русское сукно, а не сырую звериную кожу! Дикие добродетели, простота нравов — какие сокровища: есть о чем вздыхать! Говорят, дикари не пьют, не воруют — да, пока нечего пить и воровать; не лгут — потому что нет надоб­ности. Природа не совсем была к ним мачеха, наградив их край соболями, белками, горностаем и медведями”.

“…что увижу наконец, после двухлетних странствий, первый русский, хотя и провинциальный, город. Но и то не совсем русский, хотя в нем и русские храмы, русские дома, русские чиновники и купцы, но зато как голо все! …А этот узкоглазый, плосконосый народ разве русский?”

XIX үйэ ортотугар монархическай Арассыыйа сулууспа­лаахтара түҥкэтэх дойду, олохтоох омуктар тустарынан итинник өйдөбүллээх буоллахтара. “Нууччалар кэлэн, хаар-муус дойдуну сайыннаран, сырдатан эрэбит” диэн өйдөбүллээхтэрэ. Ол эрээри, нуучча литэрэтиирэтэ муҥутаан сайдыбыт, крепостной быраап суох буолара чугаһаабыт кэмигэр, оччотооҕу уопсастыба чулуу киһитэ – биллэр суруйааччы олохтоох омугу “дикарь”, “получеловек, полузверь” диэн дьаралыктыыра сөхтөрөр.

ТҮМҮККЭ

1854 сыл сэтинньитигэр Иван Гончаров Иркутскай куоратынан Санкт-Петербург куоракка тиийэ уһун айаҥҥа турунар. Аһын-үөлүн: щи миини, бэлимиэннэри, балыгы, килиэби тоҥнуу хаһаанан илдьэр, ириэрэригэр сүгэнэн кырбастаан киллэрэр. Түүлээх таҥаһыгар сууланан, улаханнык тоҥмокко, кыһыҥҥы дьаам суолунан айанныыр…

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -12°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 79% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: