(Салгыыта. Иннин манна аах).
Суруйааччы Иван Гончаров 1852-1855 сылларга «Паллада» байыаннай фрегат хараабылынан Африканы эргийэ айаннаан, Уһук Илиҥҥэ тиийбитин туһунан «Фрегат «Паллада» диэн кинигэтигэр суруйбута.
Иван Гончаров Петербург куоракка төннөрүгэр Саха сиринэн, Сибииринэн 4 ыйы быһа айаннаан тиийэр. Лаамы байҕалын кытылыгар баар Айаантан Дьокуускайга диэри хайалары уҥуордаан, өрүстэри туораан атынан айанныыллар…
«ГРА-ГРА», ЭБЭТЭР, «ЧУГЕС»
Дьэ, Дьугдьуур хайаларын туораан баран, буоста ыстаансыйаларын батыһа бараллар. Гончаров айаннаан иһэн, кэпсэтэр киһитэ суоҕуттан муунтуйар.
«…Тоска сжимает сердце, когда проезжаешь эти немые пустыни. Спросил бы стоящие по сторонам горы, когда они и всё окружающее их увидело свет; спросил бы что-нибудь, кого-нибудь, поговорил хоть бы с нашим проводником, якутом; сделаешь заученный по-якутски вопрос: «Кась бироста ям?» («Сколько верст до станции?»). Он и скажет, да не поймешь, или «гра-гра» ответит («далеко»), или «чугес» («скоро, тотчас»), и опять едешь целые часы молча».
«Гра-гра» диэн «ыраах-ыраах» дииллэрин сыыһа истэр буолуохтаах. Хата, син сахалыы кэпсэтэ сатыыр эбит. Кини сахалары бу курдук ойуулуур:
«Якуты – народ с широкими скулами, с маленькими глазами, таким же носом; бороду выщипывает; смуглый и с черными волосами. Они, должно быть, южного происхождения и родня каким-нибудь манчжурам. Все они христиане, у всех медные кресты; все молятся; но говорят про них, что они не соблюдают постановлений церкви, то есть постов. Да и трудно соблюдать, когда нечего есть. Они едят что попало, белок, конину и всякую дрянь; выпрашивают также у русских хлеба».
«…Беспрестанно встречаются якуты; они тихий и вежливый народ: съезжают с холмов, с дороги, чтоб только раскланяться с проезжим».
«…Видел якутку, одну, наконец, хорошенькую и, конечно, кокетку. Заметив, что на нее смотрят, она то спрячется за копну сена, которое собирала, то за морду вола, и так лукаво выглядывает из-за рогов…»
САХАЛАР ОЛОХТОРУН ТУҺУНАН
Бу буоста ыстаансыйаларыгар, дьаамҥа үлэлиир сахалар дьадаҥыларын, дьиэлэрэ, олохторо-дьаһахтара мөлтөҕүн бэлиэтиир. Биллэн турар, уоттаах-күөстээх Бөтөрбүүртэн кэлбит киһи көрөрүгэр, атын буоллаҕа.
«…Сегодня мы ночевали в юрте. Что это за наказание! Дрянные бревна едва сколочены, щели заклеены бумагой, лавки покрыты сеном, да камин, от огня которого некуда деваться. Зато мы вчера пили чай с дамами, с якутскими. Мы их позвали сесть с собой за стол, а мужчин оставили, где они были, в углу. Якутки были в высоких остроконечных шапках из оленьей шкуры, в белом балахоне и в знаменитых сарах. По этой причине мы все пятились от них (Сыанан сотуллубут сарыы этэрбэс сытыттан сиргэнэн – аапт.). Две из них – молодые. Им налили чаю; они сняли шапки, поправили волосы и перекрестились, взяв стаканы. Одна принесла нам молока. Здесь есть уже коровы».
«…Вот я один, с человеком, в самобеднейшей юрте со множеством щелей, между якутами, в их семействе. Я принят очень хорошо. В камин подложили дров, уступили мне передний угол, принесли молока. Неразговорчивы только: что ни спросишь, только и отвечают: «Не толкуй», то есть: «Не знаю». Дико, бедно и… неопрятно, хотел было сказать, но оглядываюсь: ни одного таракана и ничего другого… Правду сказать, как и ужиться насекомому там, где стенки состоят из одиноких бревен без конопатки, едва кое-где замазанные глиной? Камин горит постоянно, покуда потушат; в юрте всё равно что на дворе. Ах, скорее бы выбраться из этих нежилых, безмолвных мест! Тоска: на расстоянии тридцати верст ни живой души, ни встречи с человеком, ни жилища на дороге, ни даже самой дороги!»
«…Юрта здесь получше, только везде щелей много, да сверху из-под крыши всё что-то сыплется на голову, должно быть, мыши возятся. Две якутки хлопочут около какой-то кастрюли. По платью их не отличишь от мужчин, только и можно узнать по серьгам».
Ол да буоллар, сахалар кэм да көмөлөһө, аһата сылдьаллар эбит. Биир ыстаансыйаҕа аһа суох хаалан, аччыктыыр буолбуттарыгар, биир уол куһу, куруппааскыны аҕалан биэрбит.
САХАЛЫЫ САҤА, ЭБЭТЭР, «РУССКИЙ ЯКУТ»
Иван Гончаров Саха сиригэр олохсуйбут нууччалар бары сахалыы саҥаралларын бэлиэтии көрбүт. Бэл диэтэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта эмиэ сахалыы кэпсэтэллэр эбит.
«В другую станцию, Ичугей-Муранскую, вез меня Егор Петрович Бушков, мещанин, имеющий четыре лошади и нанимающийся ямщиком у подрядчика, якута. Он и живет с последним в одной юрте; тут и жена его, и дети. Из дверей выглянула его дочь, лет одиннадцати, хорошенькая девочка, совершенно русская. «Как тебя зовут?» – спросил я. «Матреной, – сказал отец. – Она не говорит по-русски», – прибавил он. «Мать у нее якутка? Не эта ли?» – спросил я, указывая на какое-то существо, всего меньше похожее на женщину. «Нет, русская; а мы жили всё с якутами, так вот дети по-русски и не говорят». Ох, еще сильна у нас страсть к иностранному: не по-французски, не по-английски, так хоть по-якутски пусть дети говорят!»
Сэтээтэл эмиэ сахалыы саҥарар: «Это был заседатель. «Лошадей вот нет», – сейчас же пожаловался я. Он оборотился к старосте и сказал ему что-то по-якутски. Я так и ждал, что меня оба они спросят: «Parlez-vous jacouth?*» – и, кажется, покраснел бы, отвечая: «Non, messieurs**». *Вы говорите по-якутски? – фр. **Нет, господа – фр.»
Гончаров манна «русский якут» диэн өйдөбүлү киллэрэр.
«Часа через полтора мы примчались на Крестовскую станцию. «Однако лошадей нет», – сказал мне русский якут. Надо знать, что здесь делают большое употребление или, вернее, злоупотребление из однако, как я заметил. «Однако подои корову», – вдруг, ни с того ни с сего, говорит один другому русский якут: он русский родом, а по языку якут. Да Егор Петрович сам, встретив в слободе какого-то человека, вдруг заговорил с ним по-якутски. «Это якут?» – спросил я. «Нет, русский, родной мой брат». – «Он знает по-русски?» – «Как же, знает». – «Так что ж вы не по-русски говорите?» – «Обычай такой…»
Бу XIX үйэ ортотунааҕы кэм балаһыанньатын ырылхайдык көрдөрөр. Саха сиригэр олорор дьон бары: нууччалар, тоҥустар, атын омуктар сахалыы эрэ кэпсэтэллэрэ. Саҥа кэлбит дьон бэрт түргэнник үөрэнэ охсоллоро.
Тоҕо оннугуй диэн толкуйдуу сатыыбын. 1899 сыллаахха тахсыбыт Н.А. Александров «Народы России. Этнографические рассказы для детей» кинигэтигэр маннык суруллар: «Дикарь по жизни, дикарь по вере и обычаям, якут перенимает у всех все то, что он считает полезным; подражает всему, что ему нравится; но он никогда не обезличивает самого себя, не теряется среди других племен, не сливается даже и с русскими, а как был, так и остается якутом. Мало того, численность его племени растет; и где только не встречается якут, – он и на Амуре, и у гиляков на Охотском море, и у тунгусов на их тайге, и среди самоедов на тундре, – он всюду свой. Живя с самоедами, он превращается как бы в самоеда, но не коснеет в этом превращении, а по изворотливости своего ума, становится выше окружающих и остается все ж таки тем же якутом.
Тому назад сто лет якутов было около ста тысяч, теперь-же более двухсот; и не только инородцы, как тунгусы и самоеды, живя с якутами, преобразовываются, становятся сами якутами, то есть сливаются с ними, но даже и русские, при частых сношениях с ними, оякучиваются. В городе Якутске мелкое чиновничество и купечество разговаривают на своих вечеринках по-якутски, как-бы на французском языке.
…Якут очень любит, по словам Миддендорфа, учиться писать, читать; и, нет сомнения, по мнению Миддендорфа, что среди этого способного народа грамотность можно распространить весьма быстро. Он склонен, как к ремеслам, так равно к искусствам, и обладает превосходной памятью. Главные черты его характера, – это осторожность, внимательность и находчивость.
…Якуты из настоящего все еще полудикого своего состояния также быстро займут и самое выдающееся место среди инородцев Сибири. Они и теперь уже идут во главе всех их к развитию».
Дьалхааннаах үйэлэргэ үгүс кыра норуоттар сурахтыын сүппүттэрэ. Өбүгэлэрбит бу маннык үөрэнэ охсор үөрүйэхтээх, барыга сатабыллаах буоланнар, норуот буолан сайдан, баччаҕа тиийэн олордохпут. Манныгы ааҕан, киэн тутта саныыгын. Ол да буоллар, аҕыйах сыл иһигэр саха оҕолоро нууччалыы чубугуруур буолбуттарын, эдэр төрөппүттэрэ оҕолорун кытта олуттаҕастык нууччалыы кэпсэтэллэрин иһиттэхпинэ, ытырыктата саныыбын… Бу «сайдыыбыт» көстүүтэ дуу, эстиибит дуу?
(Салгыыта бэчээттэниэ. Түмүктүүр суруйууга
И.Гончаров Аммаҕа, Дьокуускайга сырыытын туһунан
кэпсэниэҕэ).
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…