Салгыы
Иван Ивановы Арассыыйа Дьоруойугар түһэрдилэр

Иван Ивановы Арассыыйа Дьоруойугар түһэрдилэр

30.09.2024, 19:59
Хаартыска: Александр Рогаткин телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр «Арассыыйа» ханаалга суруналыыс Александр Рогаткин Угледарга кыргыһыы туһунан сюжета таҕыста. Сюжетка Южнодонбасскай шахта 3-с башнятын урусхаллааһын иһин сержант Александр Елецкэй (позывнойа Сан Саныч) уонна сержант Иван Иванов (позывнойа Сунтаар) Арассыыйа Дьоруойугар түһэриллибиттэрин туһунан кэпсэннэ. Хорсун биир дойдулаахпыт Иван Иванов диэн кимий?

Өстөөх хоройон турар үрдүк башняҕа олорон, үөһэттэн тулатын ытыалыы олорбут. Онон кимэн киирии күчүмэҕэйдэммит. Елецкэйи уонна Ивановы разведкаҕа ыыппыттар. Башняҕа сүүрэн тиийэн, аллараа биир хоско тротиллаах снарядтар, тааҥканы утары миинэлэр дьааһыктарын булбуттар. Разведчиктар хамандыырдарын кытта сүбэлэһэн баран, миинэлэри туһанан, башняны дэлби тэптэрэргэ бэлэмнээбиттэр.

Хаартыска: социальнай ситимнэртэн

Буомба 5 мүнүүтэнэн эстиэхтээх. Куотан истэхтэринэ, үөһэттэн өстөөх пулеметчига өйдөөн көрөн, ытыалаабыт. Хардары ытыалаһа-ытыалаһа, атын дьиэ подвалыгар куотан биэрбиттэр. Манна Иван санныга бааһырбыт. Биир мүнүүтэнэн дэлби тэбиигэ башня өстөөхтөрү кытта сууллубут.

— Уулуссаҕа кыргыһыылар буола тураллар. Кыралаан кимэн киирэн иһэбит, бөҕөргөтүнэбит. Башняҕа дроннары салайар ретранслятор, пулеметчиктар уйалара баар этэ, онон кими да чугаһаппакка олорбуттара, — диэн Александр Елецкэй кэпсээтэ.

Рогаткин кэпсээбитинэн, хорсун байыастары «Арассыыйа Дьоруойа» ааты ыларга, үрдүк наҕараадаҕа түһэрбиттэр.

Сержант Иван Иванов билигин госпитальга сытар диэн сюжетка кэпсэнэр. Онон кинини уһулбатахтар. Дьэ, хорсун биир дойдулаахпыт кимий?

«Дойду дьоруойун билиэхтээх» диэн санаанан сиэттэрэн, Иван кэргэнэ Эльвира Викторовнаҕа эрийэ сырыттыбыт. Кини Сунтаардааҕы Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлиир.

— Кэргэним Иван Петрович былырыын ахсынньыга баҕа өттүнэн хантараак баттаһан барбыта. Кини «Тещин язык» диэн турбаазаҕа суоппарынан үлэлээбитэ. Саха эр киһитин сиэринэн бултуурун, балыктыырын, айылҕаҕа сылдьарын, сир астыырын сөбүлүүр, элбэх саҥата суох сылдьан, ону-маны оҥорон, бүтэрэн-оһорон иһэр идэлээх. Уурбута-туппута барыта орун-оннугар буолар, тугу барытын сатыыр. Дьиэбитин бэйэтэ туппута, уһанан  киэргэппитэ. Аҕатыттан үөрэнэн, сыбаарсык идэлээх. Икки кыыс оҕолоохпут.

Былырыын сиэн быраата байыаннай дьайыыга барбытын кэннэ, кини эмиэ барарга быһаарыммытын тута  сэрэйбитим. Бастаан утарыласпытым. «Эдэркээн оҕолор дойдуларын көмүскүү барар буоллахтарына, тоҕо мин көмүскүү барыа суохтаахпыный?» — диэн кытаанахтык эппитэ. Эр санааны ылыммыт, быһаарыммыт эр киһини саба баттаан олорор сатамматын өйдөөтөҕүм дии.

Сайын от ыйыгар уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыта. Дьиэтигэр 12 хоммута.

Төлөпүөнүнэн сибээстэһэ турабыт. Билигин санныгар бааһыран, кыра дэриэбинэҕэ санчааска эмтэнэ сытар. Туруга этэҥҥэ. Ити башняны дэлби тэптэрэ сылдьан, бааһырбыт. Миигин харыстаан буолуо, сиһилии кэпсээбэт, атын дьонтон истибитим. Кэлин сибээспит мөлтөөн, наадабытын эрэ нэһиилэ кэпсэтэбит. Шахтаны балаҕан ыйын 13 күнүгэр дэлби тэптэрбиттэр эбит. Миэхэ «туох эрэ шахтаны эстэрдибит» диэн көннөрү эппитэ, ону кэлин видеону илэ көрөн бараммын, сөхтүм, долгуйдум.

Блаҕан ыйыгар  Сунтаартан дэлэгээссийэ баран, көрсөн, кэһии илдьэн, санааларын көтөҕөн кэлбиттэрэ. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев Сунтаар былааҕын биэрбит этэ. Ол былааҕы сэриилээн ылбыт шахталарын үрдүгэр ыйаабыттара. Онон Арассыыйа кыайан ылбыт сиригэр Угледарга билигин Сунтаар былааҕа тэлимниир, ол видеоҕа эмиэ көстөр, — диэн кэпсээтэ.

Санатар буоллахха, байыаннай дьайыыга Сунтаартан Дмитрий Егоров, Филипп Евсеев «Арассыыйа Дьоруойа» аатын ылбыттара.

+1
114
+1
1
+1
1
+1
3
+1
4
+1
2
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: