Иван Ксенофонтов-Силиги: «Бырайыак дьон болҕомтотун тарта»

Share

Бу күннэргэ Дьокуускайга Ем. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ «Саха сирэ» хаһыат уонна бу мусуой «Сэдэх экспонаттар» быыстапкалара буола турар.

Суолталаах тэрээһин үгүс дьону түмэн, бэрт үрдүк таһымнаахтык, сэргэхтик буолан ааспыта.

Быыстапкаҕа Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина,  СӨ  култууратын  үтүөлээх  үлэһитэ, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ хаһаайына, саха суруналыыстыкатын ытык киһитэ Иван Ксенофонтов-Силиги анаан кыттыыны ылбыта. Иван Иванович тэрээһин туһунан бэйэтин санаатын маннык эппитэ:

Биллэн турар, бу суолталаах быыстапкаҕа «Саха сирэ» хаһыат мусуойун сүрүн маллара бааллар. Ол курдук,  кырдьаҕас “Кыым” утумнааччыта  “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтигэр хаһыат наҕараадата – Үлэ Кыһыл Знамята уордьана буолар. Маны сэргэ, Кыһыл Знамята, устуоруйа кэрэһиттэринэн буолбут  хаһыат докумуоннара быыстапкаҕа эмиэ турдулар.

Иван Ксенофонтов-Силиги «Кыым»,  «Саха  сирэ»  хаһыаттарга үлэлээбит ааттаах-суоллаах суруналыыстары кытта бииргэ үлэлээбит буолан, хаһыат устуоруйатын суолтатын туһунан ахтан аһарда:

Иван Иванович 1984 сылтан кырдьаҕас «Кыымҥа» саха суруналыыстыкатын атаҕар туруорсубут суруналыыстары кытта бииргэ үлэлээн, кинилэр оскуолаларыгар уһаарыллыбыта, билигин да айа-тута үлэлиир. Саха суруналыыстыкатын түмэлин үлэлэтэн, кинигэлэри суруйан үйэтитэр, хаһыат иһинэн «Манчаары» сыһыарыыны таһаарар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago