Иван Луцкан: “Нолуок саҥа тиһигэ социальнай эйгэҕэ элбэх инвестицияны тардыаҕа”
Норуот дьокутаатын санаатынан, нолуок тиһигэр уларыйыы тахсара күүтүллүбүтэ ыраатта.
Арассыыйаҕа нолуок ситимин саҥардарга этии киллэрбиттэрэ. Нолуок сокуоннаһыгар тутаах уларыйыылартан биирдэстэринэн физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуокка “сөбүгэр прогрессияны” киллэрии буолуоҕа. Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) Бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуокка уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Луцкан этэринэн, нолуок саҥа тиһигэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы кыһалҕаларын быһаарыыга көмөлөһүөҕэ.
“Быһата, нолуоктааһын прогрессивнай шкалата олоххо киирэр. Уларыта тутуу ис хоһооно диэн дохуотуҥ таһымыттан сибээстээх бырыһыаныгар таһаарыы туһаныллар. Сыллааҕы дохуоттара 2,4 мөл солкуобайы куоһарбатаҕына, кинилэр эргэ ыстаапканан төлүөхтэрэ. Быраабыла быһыытынан, нолуоктар судаарыстыба социальнай наадыйыытын толуйууга туһаныллаллар. Саҥа тиһик биһиги бүддьүөт эйгэбитигэр инвестицияны үрдэтиигэ төһүү буолуоҕа. Ол эбэтэр хамнас улаатыа, суоллар, балыыһалар, оскуолалар тутуллуохтара, быраабы-бэрээдэги араҥаччылыыр уорганнары көрүү-истии боппуруостарын быһаарыахтара. Нэһилиэнньэ бу прогрессивнай шкаланы кэтэспитэ ыраатта. Судургутук быһаардахха, “баайдар” судаарыстыбаҕа элбэх дохуоту төлүөхтээхтэр диэн. Билигин бу боппуруос көрүллэр, этиилэри эрэгийиэннэргэ ыытыахтара. Нолуок исписэлиистэрэ быһаараллара бэрт буолуо этэ. 2025 сылга биирдиилээн дьоҥҥо уонна урбаанньыттарга хайдах ааҕылларын көрдөрөн”, — диэтэ Иван Луцкан.
Санаттахха, 2,4-тэн 5 мөл солкуобайга диэри нолуок 15 % тэҥнэһэр, 5-тэн 20 мөл солкуобайга диэри — 18%, 20-тэн 50 мөл солк. диэри – 20 %, оттон 50 мөл солк. үөһээ дохуокка – 22 %. Үп министиэристибэтэ чопчулуурунан, дьон үрдээбит нолуогу сууматтан барытыттан буолбакка, үрдээбититтэн төлүөхтэрэ.
Уларыйыылар ортолоругар – НДФЛ саҥа прогрессивнай шкалата, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ нолуок вычета, хампаанньалар барыстарыгар нолуогу үрдэтии, убаҕас никотиҥҥа акциһы киллэрии. НДФЛ шкалатын уларыйыыта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туттуллубат.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл олунньуга Федеральнай Мунньахха тыл этэригэр нолуогу үрдүк тус дохуоттаах уонна корпоративнай дохуоттаах дьоҥҥо саҥардан биэриини толкуйдуурга эппитэ диэн СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: