Иван Луцкан: «Норуот сомоҕолоһуутунан биһиги дойдубут күүстээх уонна эрэллээх»

Share

Бу нэдиэлэҕэ Норуот сомоҕолоһуутун күнэ буолар.  СӨ Офтальмологическай поликлиникатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан Норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, бу кэмнэргэ дойдуга судургута суох быһыы-майгы усулуобуйатыгар оруобуна 400 сыл анараа өттүнээҕи курдук, Арассыыйа норуота сомоҕолоһорун, бары күүһүн кыайыы туһугар түмэрин бэлиэтээтэ.

— Буола турар быһыыга-майгыга ким хайдах сыһыаннааҕыттан, барыта хас биирдиибититтэн улахан тутулуктаах. Норуот сомоҕолоһуутунан биһиги дойдубут күүстээх уонна эрэллээх. Алтынньы 4 күнүгэр эдэр эрээри, дириҥ историческай силистээх-мутуктаах Арассыыйа бар дьонун сомоҕолуур суолталаах бырааһынньыга бэлиэтэнэр. Бу күн түөрт үйэ анараа өттүгэр Минин уонна Пожарскай салалталаах норуот биир санаанан түмсэн, сомоҕолоһон Аҕа дойдуларын көмүскээбит күннэрэ. Аныгы кэмҥэ эмиэ ити курдук сомоҕолоһоммут, Украина Арассыыйа кыраныыссатын аттынааҕы сирдэригэр аҕыс сыл устатыгар атаҕастана-баттана олорор биир дойдулаахтарбытын ити баттабылтан босхолуур анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьабыт.

Донбасска көмөҕө баран үлэлии сырыттахпына, босхо мэдиссиинэ өҥөтө суоҕун, төрөөбүт нууччаларын тылыттан кинилэри күүстэринэн украинскай тылга көһөрө сатаабыттарын  туһунан дьон хомойон кэпсиир этэ. Билигин кинилэр бу босхоломмут сирдэр РФ састаабыгар киириилэрин бары үлэтэ түмүктэнэрин улахан эрэлинэн кэтэһэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ бу эпэрээссийэҕэ көмөтүн тиһигин быспакка ыыта олорор. Ол курдук Кировскай куоратыгар биһиги, миэдиктэр, көмөҕө баран кэллибит. Онно араас өрүттээх мэдиссиинискэй көмөнү таһынан, икки тыһыынчаттан тахса консультациялары биэрдибит. Саха сириттэн быстах хомуурунан ыҥырыллан уонна тус баҕаларынан илиигэ саа тутан инники кирбиигэ барбыт эр дьоммутунан киэн туттабыт уонна этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago