Иван Луцкан: офтальмологическай көмөнү оҥоруу кэлиҥҥи сылларга үрдүк таһымҥа таҕыста

Иван Луцкан: офтальмологическай көмөнү оҥоруу кэлиҥҥи сылларга үрдүк таһымҥа таҕыста

Ааптар:
28.05.2023, 14:16
Хаартыска: Иван Луцкан тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан  дойду үрдүнэн офтальмологияны сайыннарар бастакы бырагыраама уонна өрөспүүбүлүкэҕэ харах ыарыыларын эмтээһиҥҥэ туох үлэ барбытын, туох уларыйыы киирбитин туһунан кэпсээтэ:

— Тустаах бырагыраама баар буолуохтааҕын туһунан Ил Дархан Айсен Николаевтыын 2021 сыл ахсынньытыгар быһаарсан дьүүллэспиппит. Маны дойду үрдүнэн 2022 сыллаахха аан бастакынан ылыммыппыт. Ол курдук, үрдүк таһымнаах көмөнү оҥорорго мэдиссиинискэй оборудованиеларынан хааччыллыыны күүскэ ыытарга быһаарыммыппыт. Билигин диагностикалыыр уонна хирургияҕа туһаныллар оборудованиелары 80 % уларыттыбыт. Филиалларбытын эмиэ хааччыйдыбыт. Бу күннэргэ Ньурбаҕа фороптора диэн оборудованиены таҥыы саҕаланыаҕа.

Иккис хайысхабытынан үөрэххэ болҕомтону уурдубут. 2021 сыллаахха үөрэх хайысхатын тэрийиини ыытарга лиссиэнсийэни ылбыппыт. Онон билигин мэдиссиинэ сиэстэрэлэригэр уонна харах быраастарыгар араас хабааннаах куурустары тэрийиэбит.

Үһүс хайысха — научнай-практическай өттө. Быйыл бэс ыйыгар научнай-практическай кэмпириэнсийэни тэрийэри былааннаабыппыт. Бу күннэргэ С. Федорова аатынан харахха микрохирургия  институтун рефракционнай отделениеҕа сэбиэдиссэйэ, м.н.к. Олеся Писаревская кэлэн, көрүүнү лазерынан коррекциялааһыҥҥа төгүрүк остуолу уонна маастар кылаастары ыыппыта.

Биһиэхэ көмөнү суһаллык оҥорор киин аһыллыбыта. Биһиги көһө сылдьар  офтальмологическай комплексы бастакынан ылбыппыт. Ааспыт сыл балаҕан ыйыттан өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар сырыттылар. Онон улуустары хабыы олус улаатта. Быйыл түөрт ый түмүгүнэн 700-тэн тахса харах эпэрээссийэтин оҥордулар.  Билигин өрүс суола аһылыннаҕына, быраастар биригээдэлэрэ Алдан, Нерюнгри, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар тиийэн үлэлиэхтэрэ.

Бу сыалы-соругу Ил Дархан  туруорбута. Айсен Сергеевич доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ сайдарыгар болҕомтотун уурар. Биһиги манан эрэ тохтоон хаалбаппыт. Мэдиссиинискэй өҥө үрдүүрүн туһугар иннибит диэки кимиилээхтик баран иһиэхтээхпит. Ил Дархан Айсен Николаевка  өйөбүлүн иһин ис сүрэхпититтэн махтанабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: