Иван Луцкан: «Саха сирин уопута Арассыыйаҕа тарҕаныахтаах»

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Офтальмологическай поликлиникатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан Саха сириттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өрөспүүбүлүкэ көмөлөһөр уопута Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр холобур буолуута — Ил Дархаммыт хамаандата уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун биир сомоҕо үлэлэрин түмүгэ буоларын бэлиэтиир. Саха сирин уопута Арассыыйаҕа тарҕаныахтааҕын туһунан кини санаатын маннык үллэһиннэ:

— Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар көмөҕө баран үлэлии сырыттахпына, олохтоох дьон Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа улаханнык махтаналларын туһунан долгуйан туран этэр этилэр. Аҥардас мантан көстөр – биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ анал байыаннай эпэрээссийэни ыытарга ылыммыт быһаарыныыта итиэннэ бу эрэгийиэннэри Российскай Федерация састаабыгар ылыныы саамай сөптөөҕө. Кинилэр Арассыыйаны кытта бииргэ, биир сокуонунан олорор баҕалаахтар. Ол курдук, нуучча тылынан көҥүл саҥаралларыгар, оҕолоро үрдүк хаачыстыбалаах үөрэтиини-иитиини ылалларыгар, доруобуйа харыстабылынан үрдүк таһымнаахтык туһаныахтарыгар, Донбасс сиригэр эйэлээх олох эргийэригэр улахан эрэллээхтэр. 8 сыл устатыгар буулдьа ортотугар олорбут уонна билигин анал байыаннай эпэрээссийэ усулуобуйатыгар олорор дьон билигин дьэ харахтара сырдаан, Арассыыйалыын бииргэ буолууларыттан үөрэллэр.
Саха сирин көмөтүн Кировскай куорат олохтоохторо үрдүктүк сыаналыыллар. Бу куоракка доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, уопсайынан, социальнай хайысха бүтүннүүтүн систиэмэтин туруга олус мөлтөҕө харахха тута быраҕыллар. Онно холоотоххо, биһиги дойдубут быдан сайдыылаах эбит, барыта тэҥнээн көрдөххө көстөр.
Саха сириттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ тиийэн, ытык иэстэрин төлүү сылдьар дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өрөспүүбүлүкэ көмөлөһүүтүн холобура атын эрэгийиэнэргэ дойду үрдүнэн үчүгэй уопут быһыытынан тарҕаныахтаах диэн туран, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ил Дархан Айсен Николаевы үрдүктүк сыаналыырын биллэрдэ. Ити, биллэн турар, Бэрэсидьиэн остуолугар күннэтэ киирэр ырытан көрүүлэр түмүктэригэр ылыллыбыт ыйааһыннаах сыаналааһын буолар. Саха сирэ атын эрэгийиэннэргэ холобур буолуута — биһиги Ил Дархаммыт хамаандатын ыытар үлэтин уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун биир сомоҕо үлэлэрин түмүгэ буолар. Өрөспүүбүлүкэбит бу эпэрээссийэҕэ көмөтүн тиһигин быспакка ыыта олорор. Саха сириттэн быстах хомуурунан ыҥырыллан уонна тус баҕаларынан илиигэ саа тутан инники кирбиигэ барбыт эр дьоммутунан киэн туттабыт уонна этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago