Дьокуускай куоракка Свердлов аатынан уулусса 15 нүөмэрдээх дьиэтигэр турар Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын билбэт киһи, арааһа, аҕыйаҕа буолуо. Хараҕын туругар кыһалҕаламмыт, улууһун Киин балыыһатыттан эбэтэр куорат поликлиникатыттан туһаайар суруктаах (направлениелаах) кэлбит киһи бу дьиэҕэ хайаан да үктэнэр.
Мин үлэбинэн билсэр-көрсөр соруктаах кэлбит киһи аан бастаан көрүдүөргэ дьон олус элбэҕин көрөн соһуйдум (кэлин билбитим сорохторо арыаллааччылар эбит). Тоҕо эрэ, сайын балыыһаҕа сылдьар киһи аҕыйаҕа буолуо диэн сыыһа санаабыт эбиппин. Ол иһин, балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Петрович Луцканныын кэпсэтиибитин ити ыйытыыттан саҕалаатым.
— Иван Петрович, көрүдүөргэ киһи тобус-толору дии. Наһаа уочараттаах эбиккит дуу?
— Бүгүн бэнидиэнньик дии. Ол иһин, итинник уочарат. Дьон бары санаабытын саҕалыан уонна ситиһиэн баҕарар күнэ. Эн биһиги эмиэ бэнидиэнньиккэ көрсө олоробут дии (күлэр)? Мин харах балыыһатыгар хаһан уонна тоҕо киһи элбиирин-аҕыйыырын уонна ол төрүөтүн хайыы үйэ билэбин.
Бастакы төрүөт — бырааһынньыктар. Бырааһынньык кэмигэр тоҕо эрэ бары доруобуйа, балыыһа туһунан биир кэмҥэ умналлар. Биһиэхэ тохсунньуга уонна олунньуга кураанах кэриэтэ этибит. Бэл, дьоҥҥо төлөпүөннээн ыҥыра сатаабыппыт. Кулун тутар үүнэн, халлаан сылыйар – эмиэ элбэх киһи тоҕуоруһар кэмэ (ону да өрүс суола сабыллыар диэри). Онтон муус устарга суол сабыллар кэмигэр “Суол сабыллан эрэр, мин көрдөрүнэ, эпэрээссийэлэнэ охсуохпун наада” диэн төлөпүөн оргуйан олорор. Ол аата бу кылгас кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин аҥаарын хааччыйыахпытын наада буолан тахсар. Ол гынан баран, биһиги бастакы суолталааҕынан ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэктэр (Арктика улуустарын) ыарыһахтарын хааччыйыыны ааҕабыт.
Онтон аны ыам ыйын бырааһынньыктара, ыһыахтар саҕаланаллар. Бу кэмҥэ көрдөрөөччү муҥутаан аҕыйыыр, бары ыһыахтыы сылдьаллар. Ыһыахтар бүттүлэр эрэ, аны окко киириигэ диэри эмтэнэ охсоору ыксыыллар.
Тоҕо итинник балаһыанньа үөскүүрүй? Ол аата дьоҥҥо иһитиннэрии, биллэрии тиийбэт? Биһиги балыыһабытыгар кэлэн көрдөрүнүү уонна эмтэнии олус судургу курдук саныыллар дуу?
Балыыһабыт федеральнай нуорманан 105 куойкалаах. Ол аата 105-тэн элбэх киһини биир кэмҥэ ылар кыахпыт суох. Дьон эрдэттэн былааннанан, бэлэмнэнэн кэлэрэ буолар, куойкалар наадалаахтарга барыларыгар тиийиэ этилэр. Мин кими да көрүдүөргэ сытыаран да эриэхпин баҕарбаппын уонна ону ханнык да түгэҥҥэ тутуһабын. Тоҕо диэтэххэ, киһи балыыһаҕа киирдэ даҕаны, үчүгэй усулуобуйалаах балаатаҕа сытыахтаах.
Биһиги ыарыһаҕы суһаллык эмтиир аналлаах балыыһа (экстреннай) буоларбытын эмиэ өйдүөххэ наада. Суһал өҥөҕө наадыйааччылар бүгүн баар, сарсын суох буолуохтарын сөп. Суһал өҥөҕө наадыйааччыларга үксүгэр араас тутуу үлэтигэр харахтарын эчэппит, харахтарыгар туох эрэ киирбит, онтон бээтинсэттэн-баскыһыанньаҕа диэри күннэргэ ханна эрэ охсуһан эчэйиини ылбыттар уо.д.а. киирсэллэр. Итинник дьоҥҥо суһал көмө сибилигин уонна манна оҥоһуллуон наада буолар. Кинилэри көрөргө офтальмология суһал көмөтүн киинэ үлэлиир.
Суһал көмө киинигэр ардыгар уочарат үөскүүр. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, бары түргэнник көрдөрө охсуохтарын баҕараллар. Дьиҥэр, кинилэртэн 40-ча бырыһыана эрэ чахчы суһал көмөҕө наадыйар буолар. Тоҕо диэтэххэ, поликлиникаҕа кыайан көрдөрүммэтэх дьон кэлэ сатыыр. Мин бэйэм биир идэлээхтэрбин олус ытыктыыбын уонна сыаналыыбын. Онто да суох доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун ноҕуруускатын бэйэлэригэр ылынан үлэлииллэр. Ол иһин улуустар балыыһаларыгар чахчы биһиги көмөбүтүгэр наадыйар эрэ дьону ыыталларын курдук үлэни ыытабыт. Ол да буоллар, биһиги хас биирдии киһиэхэ болҕомтобутун уурабыт, киһилии сыһыаннаһабыт, көмөлөһүөхпүтүн баҕарабыт.
Иван Луцкан 2020 сылга кылаабынай бырааһынан ананан кэлэригэр балыыһа дьаһалтата Очиченко уулуссаҕа үлэлии олорбута.
— Мин дьаһалтаны манна көһөрөн аҕаларга быһаарыммытым. Тоҕо диэтэххэ, биһиги элбэх хайысхалаах балыыһа буолбатахпыт, сүрүн подразделениебыт бу дьиэҕэ баар. Ол иһин, туох эрэ быһаарыыны суһаллык ылынаары гыннахпытына, салалта миэстэтигэр баара табыгастаах. Итинэн биһиги Очиченко уулуссатыгар баар дьиэни көрүүгэ-истиигэ ороскуотурбакка, кэмчилээбит харчыбытынан бу балыыһабытын өрөмүөннээбиппит уонна саҥа мэдиссиинискэй тэриллэри атыыласпыппыт. Ол эбэтэр дьоҥҥо табыгастаах, туһалаах буоларын туһугар ыытыллыбыт оптимизация. Тоҕо диэтэххэ, үгүс киһи “оптимизация” диэн тылы иһиттэ да, кими эрэ ууратыы, үлэ миэстэтин сарбыйыы курдук саныы түһэллэр. Дьиҥинэн, оптимизация – үлэлииргэ муҥутуур табыгастаах усулуобуйаны тэрийии. Холобур, биһиги докумуоннарбытын көмпүүтэргэ киллэриибит эмиэ үлэни аҕыйатыы, табыгастаах оҥоруу диэн буолар, аҕыйах кумааҕы туһаныллар, ону сэргэ үлэ түргэтиир. Ол иһин, билигин балыыһа дьаһалтата дьиэбит биир кынатыгар чөкө олохсуйан үлэлии олорор.
Ону таһынан үлэлиир миэстэлэри табыгастаахтык “оонньотон”, 2021 сыллаахха диагностика линейкатын оҥорбуппут. Маныаха биһиги үлэбитин сүрүннүүр академик С.Н.Федоров аатынан микрохирургия уонна харах институтун (Москва к.) уопутун туһанныбыт. Ол эбэтэр биһиэхэ кэлбит киһи тута диагностика кэбиниэтигэр киирэр, кини хараҕын туругун барытын бу кэбиниэккэ бэрэбиэркэлэтэр. Итинэн эмиэ үлэ сөптөөх усулуобуйатын оҥорбуппут, ыарыһах хас сүүс кэбиниэтинэн сылдьыбат, биир сиргэ наадалааҕын барытын оҥорторор. Дьэ, ол кэнниттэн бырааска тиийэр. Киниэхэ тиийэригэр сиэстэрэлэр араас аппаратынан, приборунан көрбүт чинчийиилэрин түмүгэ барыта көмпүүтэргэ электроннай мэдиссиинискэй картаҕа киллэриллибит буолар. Ону мэдиссиинискэй карта быһыытынан кумааҕыга таһааран биэрэллэр. Дьиҥэр, кумааҕы картаттан эмиэ аккаастаныахпытын баҕарабыт, билиҥҥитэ нуорма-быраап бэрэдэктээһинигэр биир боппуруоһу быһаарса сылдьабыт. Эмтэнээччи биһиэхэ эмтэнэригэр сөбүлэҥин биэрэн илии баттыыра наада. Ол эбэтэр, биһиги мэдиссиинискэй кыттыһыыга киһи быраабын тутуһабыт.
Мэдиссиинискэй үлэһит ханнык баҕарар түгэҥҥэ эмтэнээччигэ көмөлөһүөхтээх. Биһиги оҥорор өҥөбүтүгэр улахан эппиэтинэһи сүгэбит. Быраас ол эппиэтинэһин өйдөөн туран, бастатан туран, ыарыһахха көмөлөһөр соруктаах. Ол кэнниттэн талар быраап эмтэнээччигэ бэриллэр.
— Онтон офтальмология салаатыгар “быраас алҕаһа” диэн өйдөбүл баар буолар дуо?
— Ханна баҕарар баар буолуон сөп. Биһиги ханнык эмэ үҥсүү киирдэҕинэ, консолиум тэрийэбит, дьүүллэһэбит, быраас хамыыһыйата үлэлиир. Туох эмэ саарбахтааһын баар буоллаҕына, атын куоракка теле-мэдиссиинэнэн сүбэлэһэбит. Иһитиннэрэр-биллэрэр технологиялар сайданнар, балаһыанньаттан тахсар кыах элбэх. Страховкаланыы эмиэ наада буолар түбэлтэлэрэ бааллар. Холобур, эмтэнээччи атын элбэх ыарыылаах буолар, онон хайа салааҕа: офтальмологияҕа, неврологияҕа эбэтэр сүрэх-тымыр ыарыытыгар сөп түбэһэрин быһаарар уустук буолар. Оччоҕо атын исписэлиистэр кыттыһаллар.
— Глаукомалаах дьону туспа уочаратынан көрөбүт. Онтон катаракталаахтар эпэрээссийэлэри эрдэттэн былаанынан оҥортороллор.
Биһиги кэлэктииппит 90 бырыһыана -– кэрэ аҥаардар. Ким эрэ эрэ ардыгар оҕото ыалдьар, ким эрэ оҕо күүтэр уоппускатыгар барар, элбэх оҕолоох ийэлэр, доруобуйаларынан хааччахтаахтар эмиэ бааллар. Онон, аҥаардас биир быраас үөһээ эппит төрүөттэрбинэн үлэттэн быстах кэмҥэ тохтоотоҕуна, үлэ олоҕурбут былаана кэһиллэр. Онуоха араас ньыманы тобула сатыыбыт, ардыгар 1,5-2 симиэнэҕэ үлэлииргэ күһэллэллэр. Оччотугар хаачыстыба атахтаныан да сөп. Уопсайынан, биһини нуормабытынан, биир быраас күҥҥэ ортотунан 25, нэдиэлэҕэ сүүстэн тахса киһини көрөр. Бу судургу ахсааны атын дьон биһиги хайдах үлэлиирбитин өйдөөтүннэр диэн аҕаллым.
Биһиэхэ тоҕо быраас туһаайыытынан эрэ кэлиллэрий?
Биһиги, бастатан туран, хараҕы хирургия көмөтүнэн эмтиирбитинэн уратылаах балыыһабыт. Иккиһинэн, өскөтүн доруобуйа харыстабылын бастакы звенота анаабыт эмэ ыарыһахха көмөлөспөтөҕүнэ, биһиэхэ эбии чинчийиигэ ыытыллаллар эбэтэр улуустарга, куорат поликлиникаларыгар суох аппараттарга уһулла кэлэллэр. Биһиги ыарыһах ханнык барыллаан диагнозтаах кэлэрин өйдүөхтээхпит уонна онтон сиэттэрэн салгыы исписэлиистэргэ ыытабыт. Холобур, глаукома кэбиниэтигэр глаукомалаахтары эрэ көрүүнэн, эмтээһининэн дьарыктаналлар.
Онтон катаракталаах ыарыһахтарга биир күннээх диагностиканы оҥоробут. Ити курдук, чопчу туһаайыы суруктаахтар эрэ кэлэллэрэ уонна биһиги ноҕуруускабытын өйдүүллэрэ буоллар, быраастарбыт өссө элбэх ыарыһаҕы кэмигэр уталыппакка көрүө этилэр.
Сорох дьон «мин эһиэхэ учуокка турабын» дииллэрэ сыыһа. Тоҕо диэтэххэ, учуокка поликлиникаларга уонна улуустааҕы киин балыыһаларга эрэ туруораллар. Ыарыһах биһиэхэ эмтэнэн, эпэрээссийэлэтэн таҕыста да, салҕыы хайдах эмтэнэрин сүбэлиибит уонна олорор сиринэн балыыһатын бырааһыгар көрдөрүнэригэр этэбит. Хомойуох иһин, сорох дьон ону өйдөөбөт, куоракка эрэ кэлэн көрдөрүнүөн баҕарар. Улуустааҕы киин балыыһаларга куорат быраастарыттан итэҕэһэ суох билиилээх, дьоҕурдаах быраастар үлэлииллэр. Биһиги кинилэри кытары теле-мэдиссиинэнэн сүбэлэһэбит, көмөлөһөбүт, үөрэтэр сэминээрдэри, кэмпириэнсийэлэри ыытабыт. Улуустар олохтоохторо хаачыстыбалаах мэдиссиинискэй көмөнү ылалларыгар туох кыалларын барытын оҥорорго кыһаллабыт.
— Биһиги салааларбытыттан биирдэстэрэ Дьокуускай куораттааҕы мэдиссиинэ киинигэр баар. Бу салааны 2021 сыллаахха арыйбыппыт, мэдиссиинискэй тэриллэринэн хааччыйбыппыт. Бу салаа бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй звено буолбакка, иккис таһымнаах мэдиссиинискэй хааччыйыы кэриэтэ үлэлии олорор. Кинилэр ыарыһаҕы суһал эмтэниигэ бэлэмнииллэр. Атын салааларбыт өссө Ньурбаҕа, Сунтаарга, Өлүөхүмэҕэ, Зырянкаҕа, Ленскэйгэ, Нерюнгрига уонна Алдаҥҥа үлэлииллэр.
Балыыһаҕа киирэн иһэн дьиэ ойоҕоһугар «С заботой о вашем зрении» диэн ыраахтан көстөр суруктаах улахан да улахан массыынаҕа хараҕым хатаммыта. Дьэ, бу бэйэтигэр мэдиссиинискэй тэриллэрдээх, аныгы аппарааттардаах кыраһыабай массыынанан ханна эрэ ыраах айаҥҥа бараары тэринэ-бэринэ сылдьаллар эбит.
Иван ЛУЦКАН:
-Көһө сылдьар биригээдэлэрбит икки көрүҥнээхтэр: сорох биригээдэ улуустарга бастакы сүһүөх көмөнү оҥорор, ол эбэтэр харахтарын туругун бэрэбиэркэлиир. Онтон суһал биригээдэ эпэрээссийэлэри оҥоро тиийэр. Улуустарга Киин балыыһалар сайаапкаларынан тиийэбит. Киин балыыһалар биһигини көрсөргө уонна нэһилиэнньэни хааччыйарга бэлэм буоллахтарына, сайаапка түһэрэллэр. Улуустар олохтоохторо кинилэргэ хаһан кэлэрбит туһунан ыйыталаһааччылар. Ол гынан баран, биһигини күүппэт хаһаайыттарга тиийэн кэлэр кыахпыт суох. Дьиҥэр, күн сарсын да барарга бэлэммит эрээри, улуус балыыһалара биһигини көрсөргө бэлэм буолуохтаахтар. Ол аата оперблок, куойкалар, мэдиссиинискэй үлэһиттэр, тэриллэр уо.д.а. бэлэм буолуохтаахтар. Тэрээһин боппуруоһа олус элбэх. Биһиги айаммытын бэйэбит үбүлэнэбит. Онтон кинилэр ороскуоттуур матырыйаалларбытын төлүүллэр. Линзалар олус сыаналаахтар. Биир харахха кэтиллэр линза 6-12 тыһыынча сыаналаах буолар.
Эмчиттэр улуустарга тиийэн нэһилиэнньэни көрүүлэрин биир үчүгэй өрүтүнэн эмтэнээччини бэйэбитигэр ыҥырдахпытына (50 киһиттэн 2-3 эрэ киһи буолар), кини хос-хос бэрэбиэркэлэммэккэ, тута сытар балыыһаҕа киллэриллэрэ буолар.
— Бу биһиги булгуччулаах буолбакка, бүддьүөтү таһынан үлэҕэ эбии көрүҥмүт.
Балыыһабыт сыала-соруга аатыгар да сурулла сылдьар -– судаарыстыбаннай тэрилтэ. Ол аата, бастатан туран, нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинискэй көмөнү босхо оҥоробут. Биир идэлээхтэрбит сүрүн үлэлэрин таһынан төлөбүрдээх өҥөнү оҥорор кыахтаах буоллахтарына, ону тэрийэбит. Ол гынан баран, биһиги сүрүн үлэбит буолбатах, онон ыарыһахтарбытын төлөбүрдээх өҥөҕө ыыппаппыт!
Соторутааҕыта Доруобуйа харыстабылын салаатыгар П.А.Петров аатынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бириэмийэтэ Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын быраастарыгар бэрилиннэ. Офтальмология быраастара үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмө саҥа көрүҥнэрин, кератопластиканы (харах дьэҥкир бүрүөтүн уларытыы) киллэрбиттэрин иһин наҕараадаланнылар. Лауреат аата иҥэриллэр Судаарыстыбаннай бириэмийэ Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын кылаабынай бырааһа, мэдиссиинискэй наука хандьыдаата, доцент Иван Луцкаҥҥа, хирургия хайысхалаах офтальмология отделениетын сэбиэдиссэйэ, мэдиссиинискэй наука хандьыдаата Екатерина Захароваҕа, хирургия хайысхалаах отделение офтальмолог-быраастара Екатерина Басоваҕа, Иннокентий Белолюбскайга, Марина Максимоваҕа, анестезиолог, реаниматолог, хирургия хайысхалаах отделение офтальмолог-бырааһа Валерия Фоминаҕа, консультациялыыр-диагностикалыыр отделение офтальмологтара Ираида Винокуроваҕа, Аксинья Евсееваҕа, консультациялыыр-диагностикалыыр отделение оҕолору көрөр офтальмолог-быраастара Анна Михайловаҕа уонна Пантелеймон Аргуновка бэрилиннэ. FEMTO-лазер көмөтүнэн харах дьэҥкир бүрүөтүн уларытарга үрдүк технологиялаах эпэрээссийэ аан бастаан 2021 сыл балаҕан ыйыгар оҥоһуллубута. Бу эпэрээссийэҕэ хирургия быһаҕын оннугар чопчу тэҥник хайа быһар лазер туһаныллыбыта.
Ону таһынан Саха сирин офтальмологтара төрүөхтэриттэн катаракталаах кырачаан оҕолорго курустаалы уларытарга үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэри аан бастаан оҥорбуттара. Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскжй балыыһатын быраастарын үрдүк таһымнарын уонна тиэхиньиичэскэй сэбилэнии көмөтүнэн оҕолорго эпэрээссийэлэр Дьокуускайга оҥоһуллаллар. Онон кинилэр төрөппүттэрин кытары өрөспүүбүлүкэ таһыгар бара сатаабаттар. Үрдүк технологиялаах табыгастаах көмөнү оҥорорго усулуобуйаны тэрийии -– Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дьоһун суолталаах үлэлэриттэн биирдэстэрэ.
Иван Луцкан:
-Мин кэлэктиибим дьонугар барыларыгар махтанабын. Бириэмийэҕэ мэдиссиинискэй сиэстэрэлэри киллэрэр кыах суоҕуттан олус хомойобун. Судаарыстыбаннай бириэмийэ балаһыанньата быраастарга эрэ сыһыаннаах. Өссө төгүл хатылыыбын: дьиҥэр, бу быраастар эрэ буолбакка, сиэстэрэлэр, анестезиологтар, санитардар, мэдиссиинискэй инженердэр үлэлэрэ. Тоҕо диэтэххэ, бу эпэрээссийэҕэ анаан атыыласпыт саҥа тэрилбитин инженердэр таҥмыттара, үлэтин кэтээн көрбүттэрэ. Ону таһынан үүнэр көлүөнэҕэ уонна кырдьаҕастарга анаммыт үлэбитин сыаналаабыт уонна өйөөбүт Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, сайаапкалары көрбүт, үөрэппит СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкинаҕа, ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Бу бириэмийэ -– иэс курдук, ол аата биһиги наҕараадаттан өрө көтөҕүллэн, өссө туох эрэ саҥаны толкуйдуохпутун уонна олоххо киллэриэхпитин баҕарабыт.
-Мин оҥоруохпун баҕарарбын син биир барытын ситиһэн оҥорбоппун. Мин суобаһым тугу этэринэн олорорго кыһаллабын. Ардыгар тус бириэмэбин сиэртибэлээн да туран, дьоҥҥо көмөлөһөбүн. Ону мин сүрэҕим этэр. Кимиэхэ эрэ көмөлөстөхпүнэ, дууһам сынньанар.
Онтон сынньанар бириэмэ көһүннэҕинэ, мин сынньалаҥым -– айылҕа уонна балыктааһын. Көрөргүт курдук, кэбиниэппэр айылҕа көстүүлээх хартыыналар ыйанан тураллара мээнэҕэ буолбатах, бу хартыыналарбыттан эмиэ күүс ылар курдукпун.
Уопсастыбаннай үлэҕэ актыыбынайдык кытта сатыыбын, тоҕо диэтэххэ, күннээҕи үлэттэн арыый аралдьытар. ИДьМ уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэбин.
Санаалар:
Сергей Романович Куприянов, Бүлүү Илбэҥэтиттэн сылдьар:
-Эмээхсимминээн Людмила Куприяновалыын харахпытын көрдөрө сылдьабыт. Киниэнэ катаракта, миэнэ диагноһым өссө быһаарылла илик. Уҥа хараҕым давлениета үрдүк үһү, глаукома буолуо дииллэр.
Балыыһа дьиэтэ сабыс-саҥа курдук, ып-ыраас. Ханнык кэбиниэккэ бараргын, бириэмэтин барытын маннык маршрутнай лиискэ суруйан биэрэллэр. Кулгааҕым куһаҕаннык истэр буо, хата ону үлэһит кыргыттар бу суруйан биэрэн абырыыллар. Хаһан да көрбөтөх прибордарбытынан тыктараллар, ымпыктаан-чымпыктаан көрөллөр. Аны томографияҕа хараххын араас балаһыанньаҕа уларыта сылдьан түһэрэллэр эбит.
Үлэһиттэрэ эйэҕэстэр-сайаҕастай. Үксүлэрэ сахалар, онон наһаа үчүгэй. Националист буолбатахпын эрээри, саха баара ордук курдук.
Эпэрээссийэлэппит дьон син көрөр буоллубут диэн кэпсииллэрин истэбин. Ол иһин, ыксаан кэллэхпит дии. Кэргэним эпэрээссийэтэ этэҥҥэ аастаҕына, үчүгэйдик көрүө этэ буоллаҕа. Бу балыыһа быраастарыгар ис сүрэхпититтэн махтанабыт.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…