Салгыы
Иван Макаров: «Биһиги эрэгийиэммит Саха сирин кытары маарыннаһар өрүтэ элбэх»

Иван Макаров: «Биһиги эрэгийиэммит Саха сирин кытары маарыннаһар өрүтэ элбэх»

28.11.2024, 18:51
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университеты кытары Бүтүн Арассыыйатааҕы «Актуальные вопросы избирательного права и процесса: практика и перспективы» научнай-практическай төгүрүк остуолга дойду эрэгийиэннэриттэн элбэх киһи кытынна.

Ненецкэй автономнай уокурук быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Иван Макаров бэйэтин хамыыһыйатын үлэтин уонна тэрээһин туһунан санаатын үллэстэр:

— Ааспыт быыбардарга биһиги дойду бэрэсидьиэнин быыбарын, ол кэннэ балаҕан ыйыгар куоластааһын биир кэлим күнүгэр муниципальнай уорганнары талыы быыбарын тэрийбиппит. Биһиги эрэгийиэммит Саха сирин кытары маарыннаһар өрүтэ үгүс, онон араас боппуруоска кэпсэтэрбит уонна уопут атастаһарбыт элбэх. Биир идэлээхтэрбит маннык эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпэриэнсийэни тэрийэн билигин ураты суолталаах боппуруоһу көтөхпүтүн интэриэһиргээтибит. Биһиги эрэгийиэннэрбит биир сүрүн кыһалҕаларынан уустук суоллаах-иистээх ыраах сытар сирдэрбитигэр куоластааһыны тэрийии буолар. Саха сирин территорията олус киэҥ, онон эһиэхэ бары практиканы туһаналлар, онон биһиэхэ хайдах тэринэн үлэлииллэрэ интэриэһинэй.

Оттон биһиги сокуон чэрчитинэн иннибитигэр турар соруктары толорорбутун, быыбары хайдах тэрийэрбитин, куоластыыр докумуоннары тиэрдиигэ саҥа ньымаларбыт тустарынан кэпсиэхпит. Тэрээһин үлэтин араас ньыматын уонна ыраахтан олорон электроннай куоластааһын туһунан уопуппутун үллэстиэхпит. Онон уопут истэргэ, иҥэринэргэ, атастаһарга бэлэммит. Ыраах сытар сирдэргэ куоластааһыны тэрийэргэ тырааныспарынан хааччыйыыга быыбар хампаанньатын уопсай ороскуотун 50% тиийэ барыыбыт. Ол иһин ороскуоту кыччатар сыалтан мэлдьи саҥа ньымалары көрдүүбүт. Быйыл биһиги тургутан көрүү бэрээдэгинэн куоластыыр бүллүтүөннэри икки учаастакка пилота суох көтөр аппараат уонна дрон көмөтүнэн тиэрдибиппит. Маннык тэрээһин РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕын чэрчитинэн судаарыстыбаннай быраап эспэримиэнин быһыытынан ыытылынна. Биһигини куоластыыр докумуон, араас буолар түгэнигэр, төбөбүтүнэн эппиэттиир, ураты суолталаах куруус буолара долгуппута. Ол эрээри тиэхиньикэ этэҥҥэ соругун толорон, көдьүүһүн көрдөрөн, бу түһүмэххэ итинник тиэхиньикэни быыбар тэрэһинин үлэтигэр туһалаах эбит диэн түмүк оҥордубут.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: