Иван Мигалкин аатын үйэтитэргэ аналлаах күрэс биллэрилиннэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаммыт литературнай күрэс ыытылларын туһунан Уус Алдан улууһун Киин бибилэтиэкэтэ иһитиннэрдэ.
«Сахабэчээт» судаарыстыбаннай-автономнай тэрилтэ, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ, «Мүрү саһарҕата» хаһыат эрэдээксийэтэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаан, литературнай күрэһи биллэрдилэр.
Норуодунай бэйиэт аатын үйэтитиигэ, айар дьоҕуру сайыннарыыга, саҥа суруйар, айар дьоҕурдаах дьону арыйыыга туһуланар, төрөөбүт төрүт тылынан суруйууну көҕүлүүр күрэскэ 14-тэн үөһээ саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ уонна улахан дьон кыттыахтарын сөп.
Литературнай күрэскэ оҕолорго аналлаах уонна көҥүл тиэмэҕэ суруллубут хоһооннору сэтинньи 20 күнүгэр диэри күүтэллэр (С.С. Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы Киин бибилэтиэкэ электроннай почтатыгар: obsl2023@mail.ru ыытаҕыт, билсэр төл.: +7 914 291-07-15 (Галина Владимировна Аммосова), +7 924 597-79-82 (Наталья Гаврильевна Попова).
Түмүк ахсынньыга тахсыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: