Иван Мигалкин: “Дьоҥҥо эрэлбин ыһыктыбатаҕым…”

Иван Мигалкин: “Дьоҥҥо эрэлбин ыһыктыбатаҕым…”

23.06.2024, 11:00
Хаартыска: И.Мигалкин архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Бу сыл бэс ыйын 23 күнүгэр саха норуодунай бэйиэтэ, саха норуота ытыктыыр-убаастыыр киһитэ Иван Мигалкин 70 сааһын туолуохтаах этэ.

Төһө да улаханнык ыалдьа сыттар, үбүлүөйүн төрөөбүт дойдутугар Уус Алдаҥҥа хайаан да бэлиэтииргэ бэлэмнэнэ сылдьыбыта. Хомойуох иһин, кини онно биир ыйынан тиийбэтэ…

Аата ааттана туруо

Наталья Харлампьева, саха норуодунай бэйиэтэ:

— Уйбаан Мигалкинныын 1970‑с сыллар ортолоругар тэҥҥэ литератураҕа бастакы хардыыларбытын оҥорбуппут. Ол саҕана кини Москваҕа Литературнай институкка үөрэнэ сылдьара. Бастакы көрсүһүүбүтүн бу баар курдук өйдүүбүн — ол урукку култуурунай-сырдатар училище саалатыгар буолбут эдэр ааптардары кытта көрсүһүүгэ этэ. Уйбаан мааны бөҕө, Москваттан кэлбит киһи буоллаҕа — араҕас бинсээктээх, килиэккэ ойуулаах ыстааннаах. Кинини биллэрбиттэригэр, туох да киирии тыла суох, президиумтан сцена иннигэр ойон таҕыста уонна: “Сахам кыргыттара, ырыам туллуктара”, — диэн саҕалаата. Саалга үксэ кыргыттар олороллор, Уйбаан кинилэр диэки илиитин ууна-ууна сүрдээх истиҥник хоһоонун аахпыта… Ол хартыына мин өйбөр хатанан хаалбыт. Поэт ситинник хоһоонун ааҕыахтаах эбит дии санаабытым…

Сыллар ааспыттара. Уйбаан Мигалкин лирикаттан арыый сыҕарыйан, оҕолорго анаан суруйар буолбута. Аны, кини киһи алтыспыт суруйааччылара элбэҕэ, онон ахтыыларын кинигэлэрэ эмиэ туспа ураты тыыннаахтара. Дойду тутула уларыйан, суруйааччылар хайдыһан, урукку эйгэ сатарыйбыт кэмигэр, Уйбаан Мигалкин биир уйаттан тахсыбыппытын хаһан да умнубатаҕа. Саха норуодунай поэта Семен Петрович Данилов Уйбааҥҥа ураты сыһыаннааҕа, маанылыыра, киниттэн элбэҕи эрэйэрэ. Ол эрэли Уйбаан Мигалкин түһэн биэрбэтэ дии саныыбын. Аныгы олох тэтимин дьаһалынан кини иккис саха Суруйааччыларын сойууһун салалтатыгар туран баран, биирдэ да учууталын түһэн биэрэрдии дьаһамматаҕа. Саха литературатын тыын боппуруостарыгар кини позицията, ирдэбилэ биир бигэ тутуллаах этэ. Ол иһин, мин кинини ытыктыырым, убаастыырым. Тугу кистиэхпиний, биирдэ икки ардыбытыгар дьон кыбыллан кыыһырса сылдьыбыппыт… Ону иккиэн аһаран, өйдөһөн, бэрт түргэнник эйэлэспиппит.

Хаартыска: суруйааччы архыыбыттан

Уйбаан Мигалкин үөлээннэхтэрин айымньыларын болҕомтолоохтук ааҕар, тугу сөбүлээбитин этэр идэлээҕэ. Ол хаачыстыба билигин сэдэх буолан эрэр. Бүтэһигин төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбитигэр: “Үбүлүөйбэр Бороҕоҥҥо тахсаар”, — диэн үлэспитэ. Уонна: “Мин кыра кэпсээн суруйуохтаахпын эн тускунан. Ити кумааҕыттан аттары кырыйар идэлээххин дии, ол туһунан. Биһиги ийэбит эмиэ аттары кырыйар идэлээҕэ… Ити саха дьахтарын хайа эрэ өрүтүн көрдөрөр дьарык быһыылаах”, — диэбитэ…

Поэт дууһалаах киһи, ол мин аттары кырыйа олорорбун көрөн баран, дириҥэтэн, тэҥнээн, саныыр санаа оҥостубутун сөҕөн эрэ кэбиспитим… Саха литературата баарын тухары поэт Уйбаан Мигалкин аата ааттана туруо!

Устудьуон доҕорум

Петр Попов, суруналыыс, Литературнай институт 1974–1979 сс. устудьуона:

— Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин олохтон барбытын туһунан кинини кытта биир кэмҥэ М. Горькай аатынан Москватааҕы Литературнай институкка үөрэммит уолугар, Хайалаах Алтай суруйааччыта Кулэр Тепуковка биллэрбитим, хайыы-үйэ истибит этэ.

«В моей памяти он остался Ваней Мигалкиным. Хороший был паренек. Общительный, дружелюбный. Жаль, что не приезжал на Алтай…» диэн суруйбута. Институкка кини биллэр киһи этэ, доҕоро-атаһа элбэҕэ. Чугастык билсибэтэх да оҕолоро кэлин истиҥник ахталлара. Бу аҕыйах сыллааҕыта биир кууруска үөрэммит уолаттарым Вардан Алоян уонна Гурген Ай-Артян Арменияҕа ыҥыраннар, кэргэммин кытта бара сылдьыбыппыт. Кинилэр 40‑ча сыл тухары оччотооҕу эдэркээн Ваня Мигалкины умнубатах этилэр, норуодунай буолбутун истэн бэркэ сэргээбиттэрэ. Оттон Уйбаан биһикки, бииргэ устудьуоннаабыт дьон, кэлин даҕаны көрсөн бэрт истиҥник кэпсэтэн ааһарбыт. Үөрэҕин быстах тохтотон аармыйаҕа сулууспалыы барыар диэри үс сыл кэриҥэ биир уопсайга олорбуппут. Ол быыһыгар биир хоско эмиэ олоро сылдьыбыттаахпыт. Кулэр сөпкө бэлиэтээбит: Баанньа ол саҕаттан үтүө майгылааҕа. Барыны-бары чугастык ылынар уйан сүрэхтээҕэ. Тугу долгуйа көрбүтэ-истибитэ, туохтан үөрбүтэ эбэтэр хомойбута айар иэйиитэ киирэн уута көппүт түүнүгэр хоһоон устуруокаларыгар тиһиллэн аҕай тахсыбыт буолаллара. Миигин сарсыарда уһугуннаран хайаан даҕаны ааҕан иһитиннэрэрэ. Туох эрэ илбис курдук ураты турукка киирбиттии, уончалыы бэртээхэй хоһоону «тардан кэбиспит» түүннэрэ, дьэ кырдьык, бааллара! Бу сылларга кини нуучча аатырбыт бэйиэттэрэ Лев Ошанин, Андрей Дементьев, Евгений Долматовскай уо. д.а. айар сэминээрдэригэр үөрэммитэ, элбэх лиэксийэлэрин истибитэ. Суруйар талааннааҕын, ураты иэйиилээх хоһооннорун ол саҕаттан бэлиэтииллэрэ. Аҕыйах сыллааҕыта норуодунай бэйиэт үөрэммит институтугар устудьуоннары кытта көрсүһүүтэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Устудьуон доҕорум айар үлэ аартыгар дьоһуннук тахсыбыт үтүө-кэрэ кэмнэригэр алтыһан ааспыппын истиҥник саныыбын.

Норуотугар бэртээхэй бэлэҕи оҥорбута

Данил МАКЕЕВ, суруйааччы, “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы:

— Иван Васильевич быйыл кыһын улаханнык ыарытыйан наар балыыһаҕа сыппыта. Сотору дьиэтигэр тахсыбыта. Дойдум балыгын сиэхпин наһаа баҕарабын диэбитигэр кырдьаҕас күтүөтүм Баһылай Аргунов Мүрү соботун ыыппытын илдьэн биэрбитим. Онно наһаа үөрбүтэ, кэргэнэ Зоя Васильевна сонно тута ыһаарылаары ириэрэ уурбута. Киэһэ Уйбаан эрийэн: “Дойдум балыгын ахтыбыт да эбиппин, дьэ улахан махтал”, — диэбитэ.

Орто дойдуттан барыа нэдиэлэ эрэ иннинэ: ““Айар» кинигэ кыһатыгар саҥа тахсыбыт “Таптал тыллар сыһыантан” диэн кинигэм туһунан “Чолбоҥҥо” суруйан таһаараар”, — диэбитэ. Бу кинигэҕэ кини айымньыларын сүөгэйэ-сүмэтэ түмүллэн киирбиттэрэ. Иван Мигалкин бэйиэт, публицист, суруналыыс быһыытынан төрөөбүт дойду кэрэтин, алаас ахтылҕанын, киһи майгытын, көҥүл буолуу, таптал, оҕо саас, төрөөбүт тыл туһунан айымньыларыттан бэргэн этиилэрэ, дириҥ ис хоһоонноох санаалара тус-туһунан түһүмэхтэринэн түмүллэн киирбиттэрэ. Кинигэ: “Сахам дьоно, эһигинэ суох – чыычаах чырыптаабат алааһабын, күн көрбөт кырдалабын, ааҕааччыта суох умнуллубут поэппын”, — диэн тылларынан саҕаланар. Мин ити тыллары аахтым даҕаны Софрон Данилов “Икки саха” диэн кэпсээнин саныы түһэбин.

Бу кинигэҕэ өссө маннык киһини “һык” гыннарар тыллар бааллар: “Үгүстэ охтуом… Ол эрээри, кэлин син биир туруом, ырыабынан тайахтанан”.

Ити тыллар кини олоҕор чахчы быһаччы сыһыаннаахтар. Иван Мигалкин адьас эдэр сылдьан, саха биллиилээх суруйааччыларын барыларын кытары ыкса билсибит, алтыспыт улахан дьоллоох киһи. Кинилэр тустарынан олус үчүгэй, уйаҕас ахтыылары суруйан норуотугар бэртээхэй бэлэҕи оҥорбута. Ол ахтыылар ураты истиҥ иэйиилээхтэр, көмүлүөк оһох уотунуу сырдыгынан, сылааһынан эрэ сыдьаайаллар.

Кини Ийэ сиргэ олорон ааһар кэмигэр айан-суруйан хаалларбыта саха литературатын ураты кылаата буолан өрүү сыаналаныаҕа диэн эрэнэбин.

Олоҕун бүтүннүүтүн бэйиэттии олордо

Владислав Доллонов, суруйааччы, “Полярная звезда” сурунаал эрэдээктэрэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

— Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин уран дууһатын хас биирдии кылыгар тиийэ бэйиэт буолан айыллан төрөөбүт киһи этэ. Кини тугу саныыра, толкуйдуура, олоххо үчүгэйи да, куһаҕаны да хайдах ылынара, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана барыта дьиҥ бэйиэттии этэ. Олус уйан этэ, күннээҕи олоххо туох буоларын барытын дууһатын иһинэн аһаран, онно бэйэтэ баардыы, чугастык ылынара.

Иван Васильевич олоҕун бүтүннүүтүн бэйиэттии олордо, букатыннаахтык барарыгар да олоҕун бэйиэттии түмүктээтэ. Тиһэх күннэригэр ыар ыарыыта бэргээн, уруучуканы да кыайан туппат туруктанан сытан, саамай бүтэһик хоһоонун ботугураан эппитин эмп үлэһитэ тылыттан тылыгар кумааҕыга суруйан, бинсээгин сиэбигэр уган кэбиспитэ.

Поэт тиһэх тыллара: 

Музыка дорҕооно буолан иһиллэр 

Поэт ытабыла-соҥобула, 

Хас биирдии нотаҕа бааллар 

Поэт ытыыра буолбакка, 

Бу олоххо тардыһыытын күүһэ, 

Ис санаатын аһар дууһатын утаҕа.

Поэттар ытыыллар 

Куба ытабыл ырыатынан, 

Элэс гынан ааспыт 

Сэргэх олохторугар махтанан.

(Иван Васильевич Мигалкин тылыттан Дарина суруйда, 2024 сыл ыам ыйын 17 күнэ).

Иван Васильевич Мигалкин — саха норуодунай бэйиэтэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ үөрэҕириитин, бэчээтин, култууратын туйгуна, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү уонна Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Бэрэсидьиэнин оҕо литературатыгар Амма Аччыгыйын аатынан бириэмийэтин бастакы лауреата, Сергей Есенин кыһыл көмүс, Николай Гумилев Улахан үрүҥ көмүс, Иван Бунин, Самуил Маршак мэтээллэрдээх, 70‑чэ кинигэ, ол иһигэр оҕолорго аналлаах 20‑чэ кинигэ ааптара. Бэчээккэ тахсыбыт бүтэһик кинигэтэ — “Таптал тыллар сыһыантан” (2024 с.).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: