Иван Полушкин: «Иннибит хоту эрэллээхтик иһэбит»
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа бэриллибит боппуруостар улахан суолталаах тиэмэлэри – экэниэмикэттэн саҕалаан, тас бэлиитикэҕэ тиийэ, норуоппут Арассыыйа инникитин туһугар эппиэтинэһин туоһулуур хайысхалары таарыйдылар.
Бу туһунан тутуу эйгэтин бэтэрээнэ Иван Полушкин дойду Аҕа баһылыгын Анал этиитигэр бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:
«Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин көрөн, модун Арассыыйа мөлүйүөнүнэн олохтооҕо дойду дьылҕатыгар интэриэстээҕин, тэтимнээх сайдыытыгар кыттарга бэлэмин көрдөрдө. Аҕа баһылык уустук кэмҥэ дойду экэниэмикэтэ бигэ туруктааҕын анаан бэлиэтээтэ. Ол курдук, үгүс көрдөрүүлэринэн аан дойдуга лиидэр быһыытынан инники күөҥҥэ сылдьарбыт бэлиэтэннэ. «Бу ситиһии судаарыстыба, биисинэс уонна уопсастыба ситимнээх үлэлэрин түмүгэр кыалынна» диэн эттэ Владимир Путин. Арассыыйа бүгүҥҥү күҥҥэ сааҥсыйалар баттааһыннарын тулуйан, тутулуга суох буолуутун уонна суверенитетын бөҕөргөппүтэ ордук суолталаах. Биһиги мөлтүүр оннугар, экэниэмикэ да, байыаннай да өттүнэн күүһүрдүбүт. Аныгы технологиялар, инфраструктура саҥардыллыыта уонна оборона индустрията сайдыыта Арассыыйаҕа аан дойдуга бэйэтин интэриэһин эрэллээхтик көмүскүүр эрэллээх кыаҕы биэрэллэр. Владимир Путин дойдубут тас бэлиитикэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бары дьаһаллар хоромньуну аҕыйатыыга уонна гражданнары көмүскээһиҥҥэ туһуланаллар. Билигин хас биирдиибит дойдубутун салгыы өйүүрбүт, кини туһатыгар үлэлэһэрбит уонна аан дойдуга Арассыыйа аатын бөҕөргөтүүргэ сорунарбыт улахан суолталаах. Арассыыйа инники кэскилигэр итэҕэл бигэтик хаалар, иннибит хоту эрэллээхтик иһэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: