Иван Полушкин: «Иннибит хоту эрэллээхтик иһэбит»

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа бэриллибит боппуруостар улахан суолталаах тиэмэлэри – экэниэмикэттэн саҕалаан, тас бэлиитикэҕэ тиийэ, норуоппут Арассыыйа инникитин туһугар эппиэтинэһин туоһулуур хайысхалары  таарыйдылар.

Бу  туһунан тутуу эйгэтин бэтэрээнэ Иван  Полушкин дойду Аҕа баһылыгын Анал этиитигэр бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:

«Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир  Путин быһа эпиирин көрөн, модун Арассыыйа мөлүйүөнүнэн олохтооҕо дойду дьылҕатыгар интэриэстээҕин,  тэтимнээх сайдыытыгар кыттарга бэлэмин көрдөрдө. Аҕа баһылык уустук кэмҥэ   дойду экэниэмикэтэ бигэ туруктааҕын  анаан бэлиэтээтэ. Ол курдук, үгүс көрдөрүүлэринэн аан дойдуга лиидэр быһыытынан инники күөҥҥэ сылдьарбыт бэлиэтэннэ. «Бу ситиһии  судаарыстыба, биисинэс уонна уопсастыба ситимнээх үлэлэрин түмүгэр кыалынна» диэн эттэ Владимир Путин. Арассыыйа бүгүҥҥү күҥҥэ сааҥсыйалар  баттааһыннарын тулуйан, тутулуга суох буолуутун уонна суверенитетын бөҕөргөппүтэ ордук суолталаах. Биһиги мөлтүүр оннугар, экэниэмикэ да, байыаннай да өттүнэн күүһүрдүбүт. Аныгы технологиялар, инфраструктура саҥардыллыыта уонна оборона индустрията сайдыыта Арассыыйаҕа аан дойдуга бэйэтин интэриэһин эрэллээхтик көмүскүүр эрэллээх кыаҕы биэрэллэр. Владимир Путин дойдубут тас бэлиитикэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бары дьаһаллар хоромньуну аҕыйатыыга уонна гражданнары көмүскээһиҥҥэ туһуланаллар. Билигин хас биирдиибит дойдубутун салгыы өйүүрбүт, кини туһатыгар үлэлэһэрбит уонна аан дойдуга Арассыыйа аатын бөҕөргөтүүргэ сорунарбыт улахан суолталаах. Арассыыйа инники кэскилигэр итэҕэл бигэтик хаалар, иннибит хоту эрэллээхтик иһэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булчут билиэтин оҥотторо илик дьоҥҥо артыыс сүбэтэ

Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

️Сөмөлүөккэ бэрээдэги кэһии чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо? Кинигэ туһунан чахчылар

Билиигин-көрүүгүн хаҥат.  Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

4-с оптуобус суоппарын хайҕаатылар

Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быыстапка бэртээхэйэ буолла

Уһун Күөлгэ "Аргыс" сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Киһи тоҕо кырдьарый?

Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да,…

10 часов ago