Иван Слепцов: «Биһиги дойдубутун ыһар уонна эһэр сыаллаахтара-соруктаахтара дьэҥкэтик көстөр»
Дойдубут салалтата анал байыаннай эпэрээссийэни ыытарга ылыммыт быһаарыныытын өйүүрүн, куомуннаспыт арҕааҥҥы дойдулар биһиги судаарыстыбабытын ыганнар, маннык хардыыга бэйэлэрэ тиэртилэр диэн толкуйдуурун этэн туран, Ил Түмэн дьокутаата Иван Слепцов анал байыаннай эпэрээссийэ туһунан тус санаатын үллэһиннэ:
— НАТО дойдулара Украинаны, уопсайынан, урукку Сэбиэскэй Сойуус сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэрин бэйэлэрин диэки тарданнар НАТО-ҕа киллэрэллэр. Биһиги дойдубутун баттаан, ыһар уонна эһэр сыаллаахтара-соруктаахтара дьэҥкэтик көстөр.
Төрөөбүт дойдубун таптыыр уонна ытыктыыр буоламмын, маннык быһыыны-майгыны төрүт сөбүлээбэппин биллэрэбин. Арассыыйа бу балаһыанньаҕа утары миэрэни ылымматаҕа эбитэ буоллар, дойдубутун бүгүн буолбатаҕына, сарсын эбэтэр өйүүн талбыттарынан айбардаабытынан барыа этилэр. Онон анал байыаннай эпэрээссийэ ыытыллара сөптөөх диибин.
Билиҥҥи кэмҥэ ыччаппытын оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт түөлбэни, Аҕа дойдуну таптыырга, бэйэ омугунан киэн туттарга иитиэххэ, оҕолорбут үлэттэн наһаа тэйдилэр, ол иһин тугу да сыаналаабат буоланнар, дойдуларын да аанньа ахтыбат түгэннэрэ көстүтэлиир. Биһиги көлүөнэ дьон Сэбиэскэй Сойууска үөскээбит буоламмыт, оҕо эрдэхпититтэн үлэни өрө тутан, үлэлээн-хамсаан, дойдуну таптыы улааппыппыт. Оччолорго гиимнэр тэтэрээт аайы таһаарыллар буоланнар, ону күн аайы көрөн, нойосуус билэр этибит. Этэргэ дылы, онтон саҕаланар төрөөбүт дойдуга таптал. Аныгы Арассыыйаҕа бу курдук иитиини күүскэ киллэриэхпитин наада. Оччоҕуна бу оҕолорбутуттан бэйэтин дьиэ кэргэниттэн саҕалаан, дойдутун ытыктыыр, таптыыр буолан, аан дойдуну убаастыыр, киэҥ көҕүстээх чахчы патриот ыччаты иитэн таһаарыахпыт. Оҕолорбутун үлэнэн иитии хайаан да киириэхтээх диэн тус көрүүлээхпин уонна итинник этиилэрдээхпин.
Арассыыйаҕа сааҥсыйаны киллэрэн экэниэмикэбитин сөһүргэстэтэ сатыыллар. Владимир Путин этэрин курдук, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ буоларым быһыытынан аспытын-үөлбүтүн бэйэбит оҥорон таһааран хааччыныахтаахпыт, дьаһаныахтаахпыт диэн санаалаахпын. Биһиги, сахалар, ааспыт үйэ саҥатыгар 300 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһүлээх эбит буоллахпытына, билигин 180 тыһыынча эрэ баар. Онон тыа хаһаайыстыбатын өрө туттахха, аныгы таһымҥа сайыннардахха эрэ, аспыт-үөлбүт дэлэйиэ. Судаарыстыба көмөтө оҥоһуллубут бородууксуйаҕа бэриллэр буоллаҕына, оҥорон таһаарыы улаатыа. Үүтү, эти оҥордубут — көмөнү ылыахтаахпыт диэн тус көрүүлээхпин. Кындыа кыһыннаах, самаан сайыннаах биһиги Сахабыт сирэ үрүлүйэр баайдаах үтүөкэннээх дойду. Ону төрүт айылҕабытыгар махтанан тураммыт, уйгуну сомсон ылар туһугар күүскэ үлэлиэхпитин эрэ наада. Бэл, от да үүммэт кумах куйаарыгар олорор омуктар дойдуларын таптыыллар, ытыктыыллар. Дойдубутун таптаан, ытыктаан, хаһаайын курдук дьаһанан сиргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэни өрө туттахпытына, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны, тыа хаһаайыстыбатын сайыннардахпытына, сылгыны, ынаҕы, табаны, тайҕабыт, айылҕабыт баайын эспэккэ, харыстабыллаахтык элбэттэхпитинэ, остуолбут хотойорунан толору астаах-үөллээх ыал буолан олоруохпут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: