Иван Васильев: “Биһиги үйэбитигэр суолбут оҥоһуллубутуттан үөрэбин”

Share

“Чурапчыттан Аллараа Бэстээххэ диэри хоно-хоно айанныырбыт, билигин аспаал кэлэн, кырдьар сааспытыгар сынньалаҥнык айанныыр буоллубут”, – диэн санаатын үллэстэр 50-тан тахса сыл суоппардаабыт Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин олохтооҕо Иван Васильев.

 

Иван Дмитриевич массыына уруулугар олорбута 50-тан тахса сыл буолбут. “Лена”, “Бүлүү”, “Халыма” федеральнай суолларынан бу сыллар тухары үгүстэ айаннаан кэлбит.

60-с сыллар бүтүүлэригэр Дириҥнээҕи участковай балыыһаҕа суоппардаабытым. Оччолорго кылаабынай бырааһынан Семен Ананьев диэн РСФСР үтүөлээх бырааһа үлэлии олорбута. Онтон Эрилик Эристиин аатынан сопхуоска суоппарынан үлэлии киирбитим. Сопхуос үлэтэ хара баһаам буоллаҕа. Мин “ЗИЛ”, “Урал” массыыналарга суоппардаабытым. Бу суолларынан үгүстэ сылдьыбытым, – диэн этэр кини.

Оччолорго суол мөлтөх туруктаах буолан, массыына элбэхтэ алдьанарын, ханнык баҕарар айаҥҥа суоппар суруллубатах сокуонун хайаатар да тутуһар наадатын бэлиэтиир Иван Дмитриевич:

Сайынын хоно-хоно айанныыр да түгэннэрбит бааллара. Суол куһаҕан буолан массыынабыт, көлөһөбүт да элбэхтэ алдьанара. Билиҥҥи курдук хас хардыы аайы аһыыр сир да, сибээс да суоҕа. Оннук суолга олорон хааларбыт. Ааһан иһэр массыыналар туох баардарынан көмөлөһө сатыыллара, сорохтор ас, уу бэрсэн ааһаллара. Суолга алдьанан турар массыынаҕа тохтоон билсии суоппар киһи суруллубатах сокуона.

Биэс уонтан тахса сыл уопуттаах суоппар этэринэн, бу суол оҥоһуллуута Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Томпо, Өймөкөөн улуустарын олохтоохторугар, ону ааһан Магадан уобалаһыгар ураты суолталаах.

Суолбут оҥоһулларын бары да кэтэстибит. Биһиги үйэбитигэр оҥоһулунна, кырдьар сааспытыгар суолга эрэйдэммэккэ айанныыр буоллубут диэн сэттэ уоммуттан тахсыбыт киһи тус бэйэм үөрэн олоробун. Урут кыһын суол үчүгэйигэр алта чаас айаннаан тиийэр буоллахпытына, билигин ккки чааһынан Аллараа Бэстээҕи булабыт. Бу суол икки эрэгийиэни хабар, онон икки эрэгийиэҥҥэ суолтата улахан, – диэн бэлиэтиир кини.

Санатан эттэххэ, “Халыма” федеральнай суол Саха сириттэн Магадаҥҥа диэри 2032 килэмиэтир усталаах. Мантан биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиринэн 1197 км ааһар. 2018 сылтан бу суол көрүүтүн “Бүлүү” суолун управлениета ылбыта. Быйыл трасса 90 килэмиэтириттэн 135 км диэри уонна 142-тэн 145 км диэри барыта 52 км аспаал уурулунна. Саха сирин үрдүнэн кэлиҥҥи үс сыл иһигэр 1,5 тыһыынча килэмиэтир суол оҥоһулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

35 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

12 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

14 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

15 часов ago