Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын саҥаттан саҥа эбийиэктэрэ тутулуннулар. Кэнники биэс сылга Перинатальнай, Кардиология кииннэрэ аһылыннылар.
Бэҕэһээ, олунньу 2 күнүгэр Онкология киинин аана үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Онколог-хирург Иван Борисов диспансер кэлэктиибэ өр күүппүт саҥа дьиэлэрэ аһыллар күнэ үүммүтүттэн олус үөрэллэрин туһунан эттэ.
«Саҥа кииҥҥэ эмтэнээччилэргэ уонна үлэһиттэргэ олус үчүгэй усулуобуйа тэрилиннэ. Биһиги бу уларыйыылартан олус үөрэбит. Уруккуну кытары тэҥнээтэххэ, сир уонна халлаан курдук. Кэлэктиип маннык тэриллэрдээх усулуобуйаҕа үлэлиириттэн сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар.
Саҥа киин үлэҕэ киирдэҕинэ, эрэгийиэн онкология үрдүк технологиялаах эпэрээссийэтигэр наадыйыытын барытын толуйуохпут», -– диэн Иван Борисов үөрэн-көтөн туран кэпсээтэ.
Санкт-Петербургтан Дьокуускайга көтөн испит сөмөлүөккэ биир пассажир илиигэ тутуллар суумкатыгар угулла сылдьар пауэрбаан умайда. Быһылаан…
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа саҥа ойуур баһаара турбута бэлиэтэммэтэ, умайа турааччылар бары бохсулуннулар диэн иһитиннэрдэ…
Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар ардах түһэрэ күүтүллэр, сорох сиринэн этиҥнэниэ, сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыалырыа.…
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэрэссэдээтэллээх Судаарыстыбаннай Сэбиэт Президиумун "Олоххо наадалаах инфраструктураны сайыннарыыга" аналлаах мунньаҕа ыытылынна.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу алта түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…
«Магнитнай буурҕа бүттэ, геомагнитнай индекстэр күөх зонаҕа төнүннүлэр», — диэн РНА Космическай билим-чинчийэр институтун Күн…