Изабелла Дордосова «Дельта» кэлиэксийэтин Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска билиһиннэриэҕэ

Изабелла Дордосова «Дельта» кэлиэксийэтин Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска билиһиннэриэҕэ

Ааптар:
08.05.2024, 11:30
Хаартыска: ХИФУ пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

ХИФУ Инженернэй-тиэхэньиичэскэй үнүстүүтүн устудьуонката,  «INNIKI Design» бренд ааптара Изабелла Дордосова ыам ыйын 26 күнүгэр «Дельта» кэлиэксийэтин Саратов куоракка ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Студвесна»  куонкуруска билиһиннэрэргэ бэлэмнэнэр.

Кэлиэксийэтэ бүтэр уһуга көстүбэт, кэрэ көстүүлэрдээх Өлүөнэ эбэни дьүһүйэр. «Устудьуоннарга туох барыта табыллар диэн этиэхпин баҕарабын. Үөрэҕи таһынан таптыыр дьарыгы сайыннардаххытына, тулалыыр эйгэҕит кэҥээн иһэр. СВФУ-га  биһиги чопчу билиилэри баһылыырынан эрэ буолбакка, араас өрүтүнэн барытынан сайдабыт. Көхтөөхтүк  бырайыактарынан дьарыктаныҥ, аныгы үйэҕэ дохуот киллэринэр хас да араас хайысхалаах буолуохтааххыт», — диэтэ дизайнер. Изабелла Дьокуускайдааҕы 20 №-дээх оскуоланы бүтэрэн, оҕо эрдэҕиттэн архитектор буолар баҕа санаалаах эбит диэн ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Билигин кини ХИФУ Инженернэй-тиэхэньиичэскэй үнүстүүтүгэр архитектор идэтигэр ситиһиилээхтик үөрэнэр. Куонкурус Саха сиринээҕи түһүмэҕэр ситиһиилэхтик кыттан,Саратов куоракка ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Студвесна»   куонкурус сүрүн түһүмэҕэр кыттар кыахтаммыт. Бу иннинэ эдэр дизайнер 2022 уонна 2024  сылларга Москватааҕы нэдиэлэ модатыгар, «Русский Силуэт», Fashion Leaders, Москватааҕы эдэр модельердар куонкурустарыгар кыттыбыта биллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: