Изамира Семенова: «Кыайыыны чугаһатар туһуттан үлэһиттэрбит күүс-көмө буолаллар»
В.А. Петрова аатынан Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар интэринээт дьиэлэрин дириэктэрэ Изамира Федосьевна Семенова байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар үлэһиттэригэр, ону таһынан биир дойдулаах буойуттарыгар көмөлөһүүгэ салайар кэлэктиибин сэмэй кылаатын туһунан кэпсээтэ.
— Билиҥҥи кэмҥэ байыаннай эпэрээссийэҕэ аналлаах гуманитарнай көмөлөр тиһигин быспакка ыытылла тураллар. Маныаха сүрүн көмөнү тэрилтэлэр оҥороллор. Ол курдук, тэрилтэбит кэлэктиибэ онтон хаалбакка, байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаах байыастарбытыгар маскировачнай сетка оҥорон, таҥан тигэн көмөлөстө. Маны таһынан саллааттарга анаан тэрилтэ санитарката, иистэнньэҥ Зоя Юрьевна Иванова эмиэ маскировачнай ыстаан тигэттээтэ. Ити курдук, дойдубутун көмүскүү сылдьар эр хоһууттарбытыгар кыайыыны чугаһатар туһуттан үлэһиттэрбит эмиэ күүс-көмө буолаллар. Кыайыы хайаан да кэлиэ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: