Израиль уонна Палестина: атааннаһыы өссө сытыырхайда
Алтынньы 7 күнүгэр Израильга Палестина ХАМАС диэн бөлөҕө саба түһэн, аан дойдуга эмиэ биир улахан байыаннай араллааны таһаарда. Биллэрин курдук, бу дойдулар икки ардыларыгар уот саҕыллыбыта сэттэ уонтан тахса сыл буолла. Манна аҥаардас сир-уот былдьаһыыта эрэ турар буолбатах, утарыта турсуу силиһэ-мутуга бэрт киэҥ сиринэн тайаан сытар.
Устуоруйаттан
Бу атааннаһыы хантан саҕаламмытын төрдүн-төбөтүн таайар билигин олус уустук. Кэлиҥҥи биир үйэни ылан эттэххэ, 1948 сыллаахха ыам ыйын 14 күнүгэр Израильга көһөн кэлбит еврей омук бу биһиги төрүт дойдубут диэн автономияларын ылыммыттарыттан саҕалаан Израиль уонна Палестина икки ардыгар уот кутаа оргуйбута. Ити иннинэ 20-с сыллардаахха Осман империятын кэнниттэн Палестинаны Великобритания бас билиитигэр ылан, еврейдары күүскэ олохтоон барбыта. Биллэн турар, Палестина олохтоох омуктара бу уларыта тутууну ытыс үрдүгэр түһэрэн ылбатахтара. Арабтар уонна еврейдэр икки ардыларыгар тута атааннаһыы тахсыбыта. Ол түмүгэр Британия Палестинаттан аккаастанан Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин дьаһалыгар хаалларбыта уонна бэйэтэ тэскилээн биэрбитэ. Ити кэмҥэ ХНТ (ООН) Палестинаҕа икки судаарыстыбаны тэрийэр туһунан этии көтөхпүтэ. Бииринэн Израиль бэйэтин автономиятын ылыныахтааҕа, ону сэргэ Палестина эмиэ туспа судаарыстыба буолан хаалыахтааҕа. Оттон Иерусалим норуоттар икки ардыларынааҕы куорат статуһун ылыахтааҕа. Ол эрээри Ислам үөрэҕин батыһааччылар итини утаран тута сэриинэн түспүттэрэ. Бу сэриигэ Израиль кыайан, бэйэтин судаарыстыбатын көмүскээбитэ, ону ааһан ХНТ анаабыт сириттэн өссө элбэҕи баһан ылбыта. Оттон Палестина арҕааҥҥы биэрэгин уонна Газа куорат эҥэрин эрэ тутан хаалбыта.
Иерусалим куорат дьылҕата
Икки дойду атааннаһыытыгар биир өттүнэн итэҕэллэр утарыта турсуулара эмиэ баар. Ол курдук, бу былыргы куоракка хас биирдии норуокка ураты сирдэр Сион хайатыгар турар христианскай храм уонна Меккаҕа, Мединаҕа баар мечеттар кэннилэриттэн үһүс улахан суолталаах Аль-Акса диэн мечет баар. Онон Израиль олохтоохторо бу биһиги түҥ былыргы сирбит дииллэрэ оруннаах. Ону сэргэ Ислам итэҕэллээх дьоҥҥо бу сир эмиэ ураты суолталаах. Ол иһин ХНТ Иерусалим икки дойдуга тутулуга суох сир буолуохтааҕын, норуоттар икки ардыларынааҕы куорат статуһун ылыахтааҕын туһунан этэн турар.
Аны туран уоттаах сэрии кэнниттэн Израильтан, Палестинаттан күһэйиллэн барбыт олохтоохтор дьылҕалара билигин да быһаарылла илик. Кинилэр билигин төрүт дойдуларыгар кыайан төннөр кыахтара суох. Статистика чахчыларын көрдөххө, бу дьон ахсаана билигин сэттэ мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Санатан эттэххэ, билигин Израильга алта мөлүйүөнтэн тахса еврейдэр, икки мөлүйүөн кэриҥэ арабтар олороллор.
Газа куорат эҥэрэ
Газа куорат эҥэрэ билигин кэлэн эмиэ былдьаһыктаах бырта сыата буолан турар. Бу сир 1948 сылтан 1967 сылга диэри Египет бас билиитигэр сылдьыбыта, онтон 1967 сылтан 2005 сылга диэри Израиль сиригэр-уотугар киирсибитэ. 2005 сыллаахха кылгас кэмҥэ Палестинатааҕы национальнай дьаһалта тэриллэн, бу сири кинилэр бас билэн олорбуттара. Ол эрээри өрө туруу буолан, 2007 сыллаахха манна былааска ХАМАС диэн байыаннай хамсааһын кэлбитэ.
Газа куорат Израиль арҕааҥҥы биэрэгин кытары кыраныыссалаһа сытар. Бэйэтэ туһунан автономиялаах дойду буолар. Биэрэк биир өттүн Палестинаны быыһыыр түмсүү баһылаан-көһүлээн тутан олорор, оттон Газа сирин ХАМАС диэн киниэхэ утарыта турар күүс салайар. Санатан эттэххэ, ХАМАС бөлөҕүн Израиль, Канада, Америка Холбоһуктаах Штаттара, Япония, Евросойуус, Америка судаарыстыбаларын түмсүүтэ террористическэй бөлөх диэн билиммиттэрэ. Оттон Арассыыйа, Норвегия, Турция, Кытай, Катар, Ислам дойдуларын түмсүүтэ, о.д.а. бу хара испииһэккэ киллэрбэтэхтэрэ. Ол эрээри Арассыыйа ХАМАС халы-мааргы бэлиитикэтин ончу ылыммат.
ХАМАС тоҕо эмискэ Израильга саба түстэ, буолаары буолан, олохтоох дьону-сэргэни аҥаар кырыытыттан кыдыйбытынан барда? Бэлиитиктэр манна биир хоруйу биэрэллэр: Газа куорат кэлиҥҥи сүүрбэччэ сылга блокадаҕа олорон бэйэтин көмүскэнэр кыаҕыттан тахсыбыт, гуманитарнай көмө кэлиитэ хааччахтаммыт. Ону таһынан Израиль Палестина туспа судаарыстыба буоларын билиммэт, сайдыыларын хааччахтыы олорор. Иккис өттүнэн, Палестина көрдүгэннии сытар маска уоту саҕан биэрэн атааннаһыыны күөдьүтэн иһэр. Ол иһин икки өттүттэн хайа-хайалара тыл-тылга киирсибэккэ уоттаах сэрии билигин да, хомойуох иһин, тахса турар. Бүтэһигин манна улахан сэрии 1973 сыллаахха буолбута. Итини историяҕа “судный день” диэн ааттаабыттара.
Эйэлэһии суола
Бу икки ыаллыы сытар дойду аҥаардас бэйэлэрин эрэ истэригэр дьыалаларын быһаарсар буолбатахтар. Бу атааннаһыыга, үөһээ этэн аһарбытым курдук, сир-уот эрэ буолбакка норуоттар, култууралар, итэҕэллэр утарыта турсуулара баар. Онон аан дойду барыта кыттыгастаах курдук буолан тахсар. Ол иһин бу сэриини таһаарбат туһугар үлэни ыытыы хайа да кэмҥэ сүрдээх улахан суолталааҕа.
90-с сыллардаахха Израиль уонна Палестинаны көмүскүүр түмсүү салайааччылара Осло куоракка эйэ докумуонун баттаспыттара, манна арҕааҥҥы биэрэккэ ким тугу ылан хаалыахтааҕа барыта суруллубута. Ол эрээри ити дуогабар күүһүгэр да киирбэккэ Израиль баһылыга Ицхак Рабины өлөрүүнэн түмүктэммитэ.
Бэйэлэрин кэмнэригэр дойдулар бу атааннаһыыга араас суолу барытын хайан көрбүттэрэ. Израили өйөөччүлэр хас биирдии норуот тэҥ, ким да кими да баттыа, үүрүө суохтаах, еврей норуота бэйэтэ бас билэр сирдээх-уоттаах буолуохтаах, буолаары буолан, Палестина төрүт бэйэлэрин сирдэрэ диэн этэллэр. Итини кинилэр археология чинчийиилэригэр олоҕуран этэллэр. Оттон Палестина диэки буолааччылар эрдэттэн бу сир араб омук сирэ-уота диэн дакаастыыллар уонна Израиль туспа судаарыстыба буоларын биһиги төрүкү утарбыппыт дииллэр.
Бу иирсээҥҥэ 2000 сыллаахтан Иран улаханнык кыттыспыта. Ислам судаарыстыбалара кэлиҥҥи кэмҥэ Израили кытары үлэлэһэ олорор буоллахтарына, бу дойду Израиль судаарыстыбатын билиммэт, ону ааһан бэйэтэ утарынан киирсибэккэ ХАМАС курдук байыаннай түмсүүлэри үбүлээн бэйэтин сыалын ситиһэ сатыыр.
Аны Америка Холбоһуктаах Штаттара бу атааннаһыыга бастаан Израиль диэки буолан баран, аҕыйах кэмҥэ Палестина диэки хайыһа сылдьыбыттаахтара. Билигин Джо Байден ох курдук ортотун тутуһан олорбута эрээри, Израиль уонна Палестина икки ардыгар оонньууга эмиэ кыттыһар санаалаах. Бэҕэһээ бэрэсидьиэннэрэ Джо Байден манна сэбилэниилээх күүстэри өссө ыытарга сорудахтаабыта иһиллибитэ. Ол эрээри, арҕааҥҥы дойдулар билигин Украинаҕа сүрүн күүстэрин туһулаан олорор буоланнар, Израильга күүс-көмө буолаллара сүрдээх уустук.
Оттон Арассыыйа санаата туохханый? Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу атааннааһыыга биир эрэ суол баар диэн этэр. Ол – Палестина тутулуга суох судаарыстыбатын тэрийии. Бу туһунан: “Палестина төрүт омуктарын интэриэһин эмиэ көрүөххэ, Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин Куттал суох буолуутун сэбиэтин быһаарыныытын ылыаныахха – Палестина тутулуга суох судаарыстыбатын тэрийиэххэ”, – диэн кини Ирак премьер-миниистирин Мухаммед Суданины кытары кэпсэтиитигэр этэн турар.
Санатан эттэххэ
ХНТ 1974 сыллаахха Палестина норуотун тутулуга суох буолууларын билинэн турар, ону таһынан 1988 сыллаахха ХНТ көмөтүнэн Палестина туспа судаарыстыба быһыытынан билиниллибитэ. Ол эрээри, билиҥҥитэ итини ханнык да судаарыстыба билиммэккэ олорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: