“Каартабыттан харчыбын барытын уордара сыстым”
Аҕыйах хонуктааҕыта киэһэ дьүөгэм эрийэн ыһа-тоҕо бүтэһик сонуннарын үллэһиннэ. Ол быыһыгар оҕолоро Юланан эргэ кууркаларын атыылаары ийэлэрин каартатыттан харчытын сойботторо сыыспыттарын эттэ.
Аныгы кэмҥэ кыра да буоллар харах таһаарынаары сэнэх туруктаах эрээри, эргэ таҥастарын социальнай ситим, атыы-тутуу сыһыарыыларын нөҥүө атыылыыр дьон элбэх. Бу дьүөгэм эмиэ соҕотох ийэ быһыытынан оннук гынан, эбэн-сабан саҥа таҥаһы атыылаһар. Биир үтүө күн эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр кыргыттара эргэ кууркаларын хаартыскаҕа түһэрээт, атыылыылларын туһунан биллэрии таһаарааттарын кытта өр-өтөр буолбатах. Биир дьахтар таҥас туругун чопчуласпыта буола түһэн баран: “Атыылаһабын. Ол гынан баран, харчытын каарта нүөмэринэн ыытабын” – диэбитин 7-с кылааска үөрэнэр кыыһа итэҕэйэн, элэгэлдьитэн, ийэтигэр эппэккэ эрэ ийэтин каартатын нүөмэрин олоччу этэн биэрбит. Дьолго, кэннигэр баар сыыппаларын эппэтэх.
Сотору буолаат баан үлэһиттэрэ эрийэн: “Эн каартаҕыттан харчы уста сатыыллар” – диэбиттэр, кини буолбатаҕын билээт, каартатын тута “хатаан” хачыгыратан кэбиспиттэр. Дьүөгэм, хата, баан үлэһиттэрэ түргэн хамсаныылаах буолан абыраатылар диэн кэпсээтэ. Эбиитин: “Дьонтон итинник уоралларын истэр этим да, ити биһигини таарыйыа суоҕа, Юланан эрэ уордарыахпыт дии санаабат этибит” – диэн аныгы кэмҥэ түөкүттэр ханна баҕарар саһан олороллорун, дьону кирэдьииккэ ыйыыллара сымыйа буолбатаҕын туһунан кэпсиир. Саҥа каартаны оҥотторон, хас да хонон баран ылбыт.
“Мин хаһан даҕаны киирэн биэриэм суоҕа, сэрэхтээхпин” — диэн бүк эрэнэн сылдьар сыыһа. Түөкүттэр олус итэҕэтиилээх, уус тыллаах “маастардар”, улахан киһи, оҕо да диэн аһымматтар, сэрэхтээх буолуҥ. Оҕолоргутугар эмиэ кичэйэн өйдөтүҥ, быһаарыҥ. Кэлиҥ оҕолор көмөлөрүнэн каартаттан харчы уоралларын таһынан, төрөппүттэри кирэдьииккэ ыйыыр түгэннэрэ үксээтэ. Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: