Кабачогу тууһаан эмиэ хаһааныахха сөп

Кабачогу тууһаан эмиэ хаһааныахха сөп

Ааптар:
15.09.2024, 13:00
https://pxhere.com/
Бөлөххө киир:

Кабачогу тууһаан (квашение) эмиэ хаһааныахха сөп. Оччоҕо битэмииннэрин сүтэрбэт, оҥоруута да судургу. Аны туран, истэрэ-үөстэрэ ыалдьар дьон төһө баҕарар сиэхтэрин сөп, тоҕо диэтэр, уксуус туттуллубат. 

Ирдэнэр:

Кабачок — 1,5 киилэ.

Болгарскай биэрэс — 1 киилэ.

Дьаабылыка суога — 700 мл.

Эриэппэ луук — 0,5 киилэ.

Уу — 1 л.

Лимон — 3 уст.

Хартыыһа, укроп.

Саахар — 100 гр.

Туус — 4 ч.нь.

Кабачогу сууйабыт. Хаҕа халыҥ буоллаҕына, хахтыыбыт. Түөрт муннуктуу быһабыт. Биэрэһи сууйан баран, сиэмэтиттэн ыраастыыбыт, уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Луугу төгүрүктүү быһан баран, аҥаар­дыыбыт.

Онтон маринадын бэлэмниибит. Ууну, саахары, тууһу, дьаабылыка суогун, лимон сүмэһинин ыган, булкуйан баран, көстүрүүлэҕэ оргута уурабыт. Оргуйан эрдэҕинэ, кырбаабыт оҕуруоппут аһын кутан, өссө оргута түһэбит.

Бэлэмнэммит бааҥкаҕа укуруобу уурабыт, оҕуруоппут аһын кутабыт, үрдүнэн эмиэ укуруоптуубут, хас да туорах хартыыһаны угабыт. Хаппахтаан баран, сойутабыт. Сөрүүн сиргэ ууран, харайабыт.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева

+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: