Кабачогу тууһаан (квашение) эмиэ хаһааныахха сөп. Оччоҕо битэмииннэрин сүтэрбэт, оҥоруута да судургу. Аны туран, истэрэ-үөстэрэ ыалдьар дьон төһө баҕарар сиэхтэрин сөп, тоҕо диэтэр, уксуус туттуллубат.
Ирдэнэр:
Кабачок — 1,5 киилэ.
Болгарскай биэрэс — 1 киилэ.
Дьаабылыка суога — 700 мл.
Эриэппэ луук — 0,5 киилэ.
Уу — 1 л.
Лимон — 3 уст.
Хартыыһа, укроп.
Саахар — 100 гр.
Туус — 4 ч.нь.
Кабачогу сууйабыт. Хаҕа халыҥ буоллаҕына, хахтыыбыт. Түөрт муннуктуу быһабыт. Биэрэһи сууйан баран, сиэмэтиттэн ыраастыыбыт, уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Луугу төгүрүктүү быһан баран, аҥаардыыбыт.
Онтон маринадын бэлэмниибит. Ууну, саахары, тууһу, дьаабылыка суогун, лимон сүмэһинин ыган, булкуйан баран, көстүрүүлэҕэ оргута уурабыт. Оргуйан эрдэҕинэ, кырбаабыт оҕуруоппут аһын кутан, өссө оргута түһэбит.
Бэлэмнэммит бааҥкаҕа укуруобу уурабыт, оҕуруоппут аһын кутабыт, үрдүнэн эмиэ укуруоптуубут, хас да туорах хартыыһаны угабыт. Хаппахтаан баран, сойутабыт. Сөрүүн сиргэ ууран, харайабыт.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева
Ил Дархан Айсен Николаев киинэни уһулбут хамаанданы наҕараадаларынан эҕэрдэлээтэ уонна инники өттүгэр ситиһиилэри баҕарда. [gallery…
Күн-дьыл туругун көрдөххө, быйыл кыһыммыт арыый хойутаан кэлэн иһэр курдук. Онон сорох тыа сирин дьоно…
Сэтинньи 9 күнүгэр Саха судаарыстыбаннай цииркэтэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтэ. Дьоро киэһэҕэ киэҥ уораҕайы…
Бэйэҕэ болҕомтолоох буоллахха киһи ханнык уоргана эмсэҕэлээбитин билиэххэ сөп. Холобур: -- баттах тоһутталанар -- итии…
Маны билэҕит дуо? Скорпион сылы быһа уу испэккэ сылдьыан сөп. Маны тэҥэ кинини хас да…
Массыынабын “Натааһа” суорҕан-гарааһынан бүрүйэн, турбатыгар сылаанга кэтэрдэн хонноро хаалларбытым. Арай сарсыарда оҕобун оскуолаҕа илдьээри эрдэ…