Кадетскай оскуола балаҕан ыйыгар аанын тэлэччи аһыаҕа

Share

Бүгүҥҥү пресс-тур биир эбийиэгинэн киин куорат Марха түөлбэтигэр тутулла турар Дьокуускайдааҕы кадетскай итэринээт-оскуолата буолар.

Бу эбийиэк «Үөрэхтээһин» нацбырайыак чэрчитинэн «Аныгы оскуола» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан тутулла турар. Интэринээт-оскуола уопсай иэнэ 6 439,69 м2: үөрэнэр куорпуһа – 4 555,09 м2, интэринээтэ – 1 884,60 м2.

3 этээстээх оскуола 200 оҕо үөрэнэригэр, интэринээт 125 оҕо олороругар аналлаах. Оскуола-интэринээт Ш буукуба быһыылаах, тиэргэнигэр байыаннай-спортивнай бэлэмнэниигэ сөптөөх былаһааккалаах, эргиччи сүүрэр суоллаах, футболлуур хонуулаах, баскетболлуур, волейболлуур, араас оонньуулары ыытар былаһааккалардаах, сынньанар сирдээх буолуоҕа.

Үөрэтэр куорпуһугар 20-лии оҕо үөрэнэр 5 кэбиниэт, химия, биология, физика лабораториялара, лаборантскайдаах информатика 2 кэбиниэтэ, 2 лингафоннай хос, ааҕар саалалаах бибилэтиэкэ, 120 миэстэлээх аактовай, успуорт саала, 3 симиэнэнэн 92 киһи биирдэ олорон аһыырыгар остолобуой, маһынан, тимиринэн уһанарга мастарыскыай, автодьыалаҕа, муусукаҕа, уруһуйга уһуйарга анал кэбиниэттэр бааллар. Бырайыак быһыытынан 2 уонна 3 этээстэргэ линиэйкэлэри ыытарга уонна тус састаабы кэккэлэтэн туруорарга аналлаах киэҥ-куоҥ холл оҥоһулла сылдьар.

Оттон интэринээтигэр бастакы этээскэ медпуун, 4 куруһуогу ыытар кэбиниэт, видеонан кэтээн көрөр оборудованиелаах дьуһуурунай вахта хоһо, иитиллээчилэр тус малларын харайар, сынньанар уонна уйулҕаны сынньатар хостор, сэбиэдиссэй кэбиниэтэ, таҥаһы сууйар, куурдар, өтүүктүүр сирдэр, о.д.а. оҥоһуллуохтара.

2-с этээскэ 4-түү оҕо утуйар хосторо, дьуһуурунай баспытаатал хоһо, душ, туалет, 3-с этээскэ эмиэ 4-түү, 5-тии миэстэлээх утуйар хостор, туалет, душ оҥоһулла сылдьаллар.

«Билиҥҥитэ оскуолабытыгар 140 оҕо үөрэнэр, саҥа оскуола киирдэҕинэ 200 оҕоҕо диэри улаатыа. Үөрэнэр куорпуһа тутуллан бүтэн, иһин-таһын оҥоруу, миэбэлин, оборудованиетын туруоруу барар. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуола үлэҕэ киириэхтээх, оттон интэринээтэ, алтынньы ыйга тутуллан бүтэрэ былааннанар. Бу оскуола «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн, оттон интэринээтэ өрөспүүбүлүкэ бырагырааматынан тутлла тураллар. Оскуола тутуута 2022 с. саҕаламмыта, оттон интэринээти быйыл саҕалаатылар уонна сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтээхтэр», — диэн кэпсээтэ Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларын дириэктэрин солбуйааччы Николай Баланов.

Бу оскуолаҕа маарынныыр оскуола Уһук Илин суох, ураты оҥоһуулаах, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оскуола буолар. Урукку эргэ мас куорпустары көтүрбүттэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ итиини биэрии, салгыны ыраастыыр систиэмэлэр, бырайыак быһыытынан дизайн оҥоһуллар, оборудование туруоруллар. Манна уопсайа 45 киһи үлэлии сылдьар.

Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago