Салгыы
Кадеттар оскуолаларыгар биир күн

Кадеттар оскуолаларыгар биир күн

16.10.2022, 15:00
Бөлөххө киир:

Сарсыардаттан тохтоло суох хаар түһэр. Мин  сэттэ иннинэ Мархаҕа баар өрөспүүбүлүкэтээҕи Кадетскай оскуолаҕа айаммын туттум. Аҕыс чаастан саҕаланыахтаах «Разговоры о главном” диэн кылаас чааһыгар хойутуо суохтаахпын. Суол барыта муус килэгир. Кэбис, маннык туругунан Мархаҕа быйыл тиийбэппин диэн үлэбиттэн такси ыҥыран салгыы айаннаатым.

Байыаннай сонноох оҕолор

Кыл мүччү аҕыс иннинэ Кадетскай оскуола олбуорун ааныгар баар буоллум. Шлагбаум хаҥас өттүгэр КПП пуоһуттан киирии көҥүлүн ылан киэҥ олбуорга киирдим. Олбуорга киирдэххэ, хас да уһун биирдии этээстээх дьиэлэр бааллар, “Авангард” диэн сурук аттыгар хас да тааҥка кэккэлэспит. Олбуор ортотугар икки этээстээх от күөҕэ улахан дьиэ дьэндэйбит. Ол кэннигэр аарка быһыылаах улахан дьиэ турар. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан манна ба­­йыаннай оскуолаҕа үөрэнэ кэ­­лэллэр. Онон аһыыр, олорор, үөрэнэр сирдэрэ барыта араас-­араас куорпустарга баар эбит дии саныы-саныы икки этээстээх күөх дьиэҕэ чугаһаатым. Арай көрбүтүм, ол дьиэ кирилиэһин анныгар халыҥ байыаннай сонноох кыра уолаттар саҥа хаарга оонньуу, мэниктии сылдьаллар. Бу кинилэр сарсыардааҥҥы аһылык кэннэ үөрэнэ баран иһэллэр эбит. Миигин көрөн бэрт сэргэхтик дорооболостулар. Сорохтор чиэс биэрэн: “Здравия желаю…” – дэстилэр. Мин түгэнинэн туһанан уолаттары хаартыскаҕа түһэрэн аастым.

Алта аҥаартан үөрэх күнэ саҕаланар

Сарсыарда алта аҥаартан оҕолору уһугуннаран сэрээк­кэлэтэллэр. Дьэ, онтон сэттэттэн саҕалаан сарсыардааҥҥы аһылык саҕаланар эбит. Ити курдук ротанан арахсан 07 чааһы 50 мүнүүтэ ааһыар диэри  оҕолор аһаан бүтэллэр эбит. Аҕыһы уон мүнүүтэ ааһыыта дойду былааҕын күөрэччи көтөҕөн өрөгөй ырыатын истии кэнниттэн «Разговоры о главном» диэн кылаас чааһа буолар. Ити курдук үөрэхтэрэ саҕаланар. Ити кэнниттэн уон ааһыыта сарсыар­дааҥҥы иккис аһылыктара саҕаланар. Манна оҕолору күҥҥэ биэстэ аһаталлар. Үөрэх, успуордунан дьарык, эбии байыаннай уруок­тар бааллар. Онон эт-сиин, өй-санаа өттүнэн чахчы бэлэмнээх оҕо манна үөрэнэ кэлэр эбит дии санаатым. Кадетскай оскуола олбуоругар сылдьан көрдөхпүнэ, оҕолор сэргэхтэрэ сүр. Биир да нэһиилэ, аа-дьуо хаамар оҕону көрбөтүм. Бары олус эрчимнээхтэр, тэтимнээхтик, сүүрэр-­хаамар икки ардынан сылдьаллар. Успуордунан дьарыктаныы хас да көрүҥэ баар. Улахан арочнай саалаҕа оҕолору буоксаҕа, тустууга, буулдьа саанан ытыыга, футболга дьарыктыыллар. Оҕо ханнык дьарыгы талара бэйэтин көҥүлэ. Мин көрдөхпүнэ, манна сэттис кы­­лаастан кэлэр буолан, номнуо бэйэлэригэр сөптөөх дьарыгы булбут, бэлэмнээх оҕолор кэлэллэр эбит.

Саҥа оскуола дьэндэйиэхтээх

Киэҥ олбуорга баар тутуулар эргэлэр. Ол да буоллар, ос­­куола үлэтэ сэргэхтик тэриллибит. Миигин Айсена Васильевна Софронова диэн оскуола методиһа көрүстэ.

— Уопсайа 140 оҕолоохпут. Оскуола үрдүнэн 78 үлэһиттээхпит. Дириэктэрбит Алексей Александрович Корякин диэн. Билиҥҥи туругунан ­дьиэбит-уоппут эргэ, ол эрээри бу үүнэр  2023  сылга саҥа оскуола тутуллан саҕаланыах­таах. Билигин икки үөрэнэр куор­пустаахпыт. Успуорт саалалар­даахпыт. Үөрэх чааһынан сырдаттахха,  бүтүн дойду үрдүнэн дойдуга бэриниилээх буолуу тиэмэтигэр хас бэнидиэнньик ахсын «Разговоры о главном” диэн кылаас чааһа быйыл балаҕан ыйын 5  күнүттэн дойду үрдүнэн киирбитэ. Кылаас чааһын иннинэ линейкаҕа туруу, дойдубут былаа­ҕын күөрэччи көтөҕүү кэнниттэн дойдубут өрөгөй ырыатын чуумпуран истии оҕолору сааһылыыр, сүрүннүүр. Оскуолаҕа киирии туһунан кэпсээтэххэ, биһиэхэ оҕолор сэттис кылаастан туттарсан киирэллэр уонна биэс сыл устата үөрэнэллэр. Үөрэхтэрин бүтэрэн баран араас үөрэххэ туттарсаллар. ЫБММ, ИДьМ, ба­­йыаннай үөрэхтэргэ киирэллэр. Оҕолорбут үөрэххэ киириилэрэ 90% тэҥнэһэр. Оскуолабытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан үөрэнэ кэлэллэр. Холобур, би­­һиэхэ Өлөөнтөн, Эбээн Бытантайтан бааллар. Хоту улуустар аймахтара эҥин үөрэммит буоллаҕына, истиһэн үөрэнэ кэлэллэр. Биһиги оскуолабытыгар үөрэнэр оҕо хайаан даҕаны интэринээккэ олорор. Оскуолаҕа да, интэринээккэ да бэрээдэги кытаанахтык тутабыт.

Түөрт түһүмэхтээх тургутук

Оскуола истиэнэтигэр «Черные береты” диэн оҕолор ааттара-суоллара ыйыллан хаартыскалардаах истиэндэ харахпар тута быраҕылынна. Онуоха Айсена Васильевна: «Дьэ, манна үөрэнэр оҕо барыта ити хара береттээхтэр кэккэлэригэр киириэн баҕарар. Манна кинилэр байыаннай успуорт нормативын туттараллар. Түөрт түһүмэхтээх тургутугу ааспыт, чахчы бэйэтин кыанар оҕо хара береттэр кэккэлэригэр киирэр», – диэн кэпсээтэ. Оҕолор ханнык тургутугу ааһыахтаахтарын испииһэгэ истиэнэҕэ ыйанан турар. Буулдьа саанан ытыы, пластунскайдыы сыыллыы, илиилэригэр аптамааттаах чох­чоохойдоон 50 миэтэрэни хаамыы, (рукопашный бой) сутуругунан киирсии көрүҥнэрин көрдөрүү, перекладинаҕа тардыныы. Бу барыта бириэмэҕэ оҥоһуллар эбит. Түмүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга хара береттэри кэтэрдии долгутуулаах түгэнэ буолар эбит.

Казармалаах оскуола

Байыаннай оскуолаҕа оҕолор хосторунан, сорохтор аармыйаҕа курдук казармаҕа эмиэ олороллор эбит. Ол курдук ос­­куола дьаһалтата хонтуораланан олорор дьиэтин иккис этээһигэр «комплекснай» диэн ааттанар хосторго оҕолор түөртүү буолан олороллор. Атын куорпуска – казармалыы. Мин оҕолор үөрэнэ сырыттахтарына, хостору өҥөйөн көрдүм. Уруок ааҕар остуоллара, таҥас уурар ыскааптара, оронноро барыта байыаннайдыы дьоҕус уонна бэрээдэк. Кылааска 15-тии оҕо баар. Онно кылаас салайааччыта уонна эписиэр-баспытаатал сыһыарыллар. Кинилэр оҕолору байыаннай хайысхаҕа дьарыктыыллар. Эбиэт кэнниттэн киэһээҥҥэ диэри кинилэр үлэлэрэ саҕаланар. Оттон киэһэ өттүгэр младшай баспытааталлар кэлэн сарсыардааҥҥа диэри оҕолору  көрөллөр.

«Авангард» байыаннай-патриотическай үөрэтэр-методическай киин

Куорпустары кэрийэн, барытын көрөн баран сүрүн дьиэҕэ төннөн кэллибит. Манна бастакы этээскэ кадетскай оскуола иһинэн оҕолору, ыччаты байыаннай-пат­риотическай иитиини, салааны өрөспүүбүлүкэбитигэр сүрүннүүр “Авангард” киин баар. Ону таһынан, «Юнармия” оҕо хам­сааһынын эрэгийиэннээҕи салаа­та баар. Ол курдук, “Авангард” диэн байыаннай-патриотичес­кай үөрэтэр-методическэй  киин салаатын үлэһитэ, эбии үөрэхтээһин педагога Симона Томская санаатын үллэһиннэ:

— Туох баар байыаннай-патриотическай хайысханы, “Юнармия” салааларын уонна байыаннай-патриотическай иитии­гэ үлэлэри биһиги тэри­йэбит. Ол курдук сылын ахсын «Месячник патриотического воспитания” ыытыллар. Сахабыт сиригэр хас байыаннай-патриотическай кулууп, юнармия салаа­та, хаһаактар түмсүүлэрэ баалларын көрөбүт. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай «Снежный барс” оонньуу, «Защитник Отечества», «Казачий сполох” оонньуулары, “Науки юношей питают…”, «Отчизне посвятим” диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, онтон да атын тэрээһин барыта биһиги үлэбит сүнньүнэн ыытыллар. Быйыл биһиэхэ Сахабыт сирин бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн, Оборуона министиэристибэтин бирикээһинэн «Авангард” кииммитигэр 28 байыаннай тиэхиньикэ кэлбитэ. Бу кэлбит ба­­йыаннай тиэхиньикэ аҥаара Кадетскай оскуолаҕа уонна куораппытыгар, Кыайыы болуоссатыгар, өйдөбүнньүк быһыытынан туруорулуннулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: