Кафе үлэтэ 30 хонукка тохтотулунна

Share

От ыйын 1 күнүгэр Бүлүү оройуоннааҕы суута кафе-бар үлэтин 30 хонукка тохтотор туһунан уурааҕы таһаарда. 

Терүөтүнэн санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили элбэхтик кэспиттэрэ буолар, ону бэрэбиэркэлии сылдьан тутан ылбыттар.

Суут быһаарбытынан, кафеҕа ас тобоҕун кутар контейнердар суохтар эбит, бородууктаны харайар усулуобуйа тутуһуллубат, бииргэ сытыа суохтаах  табаардар тэҥҥэ сыталлар, болдьохторо ааспыт бородуукталар булуллубуттар. Ону таһынан технологическай производствоны тэрийиигэ итэҕэс баара көстүбүт, сорох үлэһиттэргэ мэдиссиинискэй киниискэлэрэ суох, эбиитин дьиэлэрин санитарнай туруга соччото суох.

Төһө да итэҕэстэрин сороҕун көннөрүнэ сатаабыттарын үрдүнэн, суут нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстыыр туһугар административнай өттүнэн үлэлэрин тохтотор түмүккэ кэллэ.

Кафены бас билээччи,  урбаанньыт, буруйун билиннэ уонна туох баар итэҕэһи туоратыам диэн эттэ.

Суут быһаарыыта күүһүгэр сонно киирдэ, 10 күн устатыгар ааһыныахха сөп, диэн иһитиннэрэр СӨ сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

10 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

11 часов ago