Кай Адамов уонна Андрей Васильев кытаанах киирсиилэрэ

Share

“Триумф” спорткомплекска буолан ааспыт XX үйэ дэгиттэр спортсмена, атах оонньуутугар Саха АССР, РСФСР  спордун маастара, волейболга Саха АССР икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Андрей Андреевич Гаврильев кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ турнира бэрт сытыытык, сэргэхтик, илин-кэлин түсүһүүлээх буолла.  Дирбиэн-дарбаан музыка доҕуһуоллаах күрэхтэһиигэ сэттэлии ойууга илин-кэлин түсүһүү буолла.  Маннык дьикти атах оонньуутун күрэхтэһиитэ “Сахаада-спорт” президеннэрэ Александр Ким-Кимэн уонна Иннокентий Григорьев көҕүлээһиннэринэн саҥа “форматынан” тэрилиннэ.   

Дьахталлар, ветераннар

Былырыын Бэрдьигэстээххэ буолбут “Манчаары оонньууларыгар” бастаталаан, “Лада” массыынан биһирэммит Хаҥаластан Валерия Олесова  бу да сырыыга үчүгэй туругар сылдьарын көрдөрдө: 24 м 59 см кылыйда, 24 м 29 см ыстаҥалаата, 18 м 82 см куобахтаата.

Соторутааҕыта ветераннарга тахсыбыт Саха сирин элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, билигин да үс көрүҥ түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 2012 с. 135 м 11 см олохтообут рекорда турар, Ньурбаттан Виталий Васильев, туһааннааҕынан, 25 м 70 см, 25 м 45 см, 22 м 29 см көрдөрүүлэрдээх, абсолютнай чөмпүйүөнүнэн эрэллээхтик буолла.

Валерия Варламова (Булуҥ), Евгения Адамова (Уус Алдан); Андрей Захаров (Мэҥэ Хаҥалас), Максим Софронов (Нам) иккис-үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Эр дьон

Күннэригэр сылдьар, күннээн-күөнэхтээн ойор эр дьон, күүтүллүбүтүн курдук, үрдүк көрдөрүүлэринэн үөртүлэр. “Манчаары оонньууларын “  абсолютнай чөмпүйүөнэ, “ыстаҥа” рекордсмена, Кай Адамов (Горнай-Чурапчы)  “кылыыга” 30 м 48 см көрдөрүүлээх бастаата. Күүстээх маастардар Яков Гаврильев (Кэбээйи) 29 м 51 см, Владислав Попов (Нам) 29 м 39 см түһүтэлээтилэр.

Кай Адамов бэйэтин “коронкатыгар” “ыстаҥаҕа” 30 м 23 см түһэн эмиэ бастаата эрээри, Тааттаттан “куобах” рекордсмена Андрей Васильев холонуутун аайы көрдөрүүлэрин эбэн, 29 м 32 см кыырайан, кылыы, ыстаҥа күүстээх маастарын  Яков Дмитриеви үһүс миэстэҕэ үтүрүйдэ.

Икки көрүҥ түмүгүнэн Кай Адамов утарсааччыларын балачча хааллартаан, бастаан иһэр. Абсолютнайы бүтэһик “куобах” көрүҥэ быһаарар.

    Күүрээннэх “куобах”

“Куобах” көрүҥэ олох атын, күүс спордун көрүҥэ диэххэ сөп. Манна сис, тараһа былчыҥнара күүскэ үлэлииллэр. Ол да иһин мас тардыһааччылар, штанганан дьарыктанааччылар “куобахха” маастар нуорматын дэбигис толорооччулар. Сорох ыстаныы маастардара кылыылаах ыстаҥаны көтүтэн бараннар, анаан-минээн “куобахха” кытталлар.

Онон, дьэ, бу турнирга абсолютнай чөмпүйүөн аатын ылар иһин улахан музыка доҕуһуоллаах, “ыалдьааччылар” ыһыыларын-хаһыыларын ортотугар, бүтэһик көрүҥҥэ “куобах” финалыгар, кытаанах киирсиилэр Андрей Васильев уонна Кай Адамов икки ардыларыгар саҕаланнылар.

Икки көрүҥ түмүгүнэн Кай Адамов 2 м 86 см куотан иһэр. Омос санаан көрдөххө, улахан атыы курдук. Ол гынан баран, “куобах” хаһаайына уонна рекордсмена Андрей Васильевтан тугу баҕарар кэтэһиэххэ сөп. Оннук да буолла. Ким кыайарын атах оонньуутун билэр, сэҥээрэр көрөөччүлэр күрэхтэһии хаамыытын кыраҕытык кэтииллэр. Болҕомто барыта Адамовтаах Васильевка туһаайыллар.

Маҥнайгы холонууга  Андрей Васильев 27 м 33 см түспүтүн, Кай Адамов 24 м 95 см түһэн, атыылара кыччаан, чугаһаан, 48 см тэҥнэһэр. Васильев миэтэрэ аҥара  курдугу эптэҕинэ ситиэхтээх. Иккис холонууга Андрей Васильев өссө эбэр – 27 м 92 см түһэн өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтуур уонна Адамовы 11 см куотар!  Адамов төрдүс холонуутугар 25 м 38 см түһэн көрдөрүүтүн өссө эбэр уонна атыытын 32 см тиэрдэр, бэһис, алтыс холонууларыгар ити көрдөрүүтүгэр тиийбэт. Васильев  бүтэһик холонуутугар, лоп-курдук, түөртүү миэтэрэлэринэн лабырҕатан, барыылаах барыыны барар – 28 м 05 см! “Куобахха” өтөр-наар ситиһиллибэтэх көрдөрүү!! Ити көрдөрүүтүнэн Андрей Васильев “куобахха” сэттэ ойууга өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтоото! Ол гынан баран, Адамовка баара-суоҕа 16 см тиийбэтэ. “Куобахха” Андрей Васильев бастаата, Ньурбаттан Эрэл Тихонов иккис (26 м 08 см), үһүс Кай Адамов.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ икки улахан маастардарын сытыы уонна тыҥааһыннах куоталаһыылара  Кай Адамов үс көрүҥ түмүгүнэн  86 м 06 см көрдөрүүлээх абсолютнай чөмпүйүөн үрдү к аатын ылла. Иккис миэстэҕэ 85 м 90 см көрдөрүүлээх Андрей Васильев. Үһүс миэстэ – Яков Дмитриев.

Кай Адамов:

“Ыарахан соҕус күрэхтэһии буолла. Уолаттар эбиллэн, тупсан иһэллэр. Кыайыы туһугар туох баарбытынан кииристибит. “Куобахха” диэри ким кыайара биллибэт этэ. Андрей Васильев олох күүскэ эбиллибит. Мин дьарыгым үчүгэй этэ гынан баран, тымныйа сылдьабын. «Манчаары» ыраах, онон холку соҕуспун. Ыйааһыным үчүгэй, тутабын. Оҕолору дьарыктыыбын. Биир уолум  кандидаты толорбута. Артем Пермяков курдук үчүгэй оҕолордоохпун.  Кыайыыбын аҕабар аныыбын, мин туспар наһаа долгуйар. Сүбэлиир, “рискуйдаама” диир. Бу турнирга миэстэлэспит тапталлаах кэргэмминээн хардарыта көмөлөсүһэбит. Атах оонньуута сайыннын, өссө да эбиллиэхпит, көрдөрүөхпүт. Тааттаҕа көрсүөхпүт”.

Андрей Васильев:

“Турнир маннык форматынан бастакытын ыытылынна, дьон көрүүтүгэр интэриэһинэй. Музыка ыраах ойууларга көмөлөһөр дии санаатым. Музыкабын бэйэм талбытым. Тренерим Захар Евгеньевич Ефремов ыйыытынан-кэрдиитинэн дьарыгым  үчүгэйдик баран иһэр. Үлэм быыһыгар, бириэмэ булан дьарыктанабын. Бүгүн Кай Адамовтыын абытай киирсии буолла. ХИФУ спорка комплекстарыгар уонна “Модуҥҥа” эрчиллэбит. Сүрүн сыалым — дойдубар буолар «Манчаары» оонньууларыгар үчүгэйдик  бэлэмнэнэн тиийии. Кылыыбар, ыстаҥабар эбиллии, потенциал баар. Техниканы таба туруоруу быһаарар оруоллаах. Эрэл Тихоновка куобаҕын туруоран биэрбиппэр сүрдээҕин эбилиннэ. РНА СО Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕаларын институтугар исписэлииһинэн үлэлиибин. Үлэм түбүктээх буолан спордунан дьарыктанарга мэһэйдиир. Кыайыыбын дьоммор, таатталарга аныыбын. 12 туоска кыайыыга эрэнэбин”.

Аныгы атах оонньуутун маастардара бэйэлэрин кыахтарыгар эрэллээхтэрэ үөрдэр. Көрдөрүүлэрэ үрдээн  иһэллэрэ сэҥээриини үөскэтэр. Турниры Андрей Андреевич Гаврильев кэргэнэ Тамара Прокопьевна, оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн көрдүлэр, махталларын биллэрдилэр. Атах оонньуута үүнэр-сайдар кэскилэ киэҥ.

Баһылай Посельскай,

Дьокуускай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago