“Какая она, якутская женщина? Разная…” поэзия биэчэрэ

“Какая она, якутская женщина? Разная…” поэзия биэчэрэ

18.11.2022, 15:25
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Тыа сирин дьахталларын норуоттар икки ардыларынааҕы  күнүгэр, Саха АССР уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 100 сылларыгар, Ийэ сылыгар анаммыт тэрээһиннэр ыытылла тураллар.

Бэҕэһээ киэһэ СӨ Тыахаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Тыа сириттэн түмсүбүт кэрэ аҥардар “хоһоон хонуутугар” кыттыстылар, поэзия алыптаах эйгэтигэр киирдилэр. Айар дьоҕурдаах Лена Меркурьева “Какая она, якутская женщина? Разная…” поэзия биэчэрэ буолла.   “Меркурьевна, Меркурьевна”, — дэһэллэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан түмсүбүт дьахталлар. Бэркэ билэр киһилэрэ эбит. Бу министиэристибэҕэ уһуннук үлэлээн баран, билигин СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.Никифоров сэкирэтэрийээтин салайар Елена Меркурьевна Григорьева.

Хоту Өлөөнтөн төрүттээх, филолог идэлээх хоһоонньут бу киэһэ үгүс хоһоонун аахта. Үгэс курдук, айар киэһэлэргэ наһаа элбэх тыл этиллээччи эҥин. Бу сырыыга олох атыннык барбытын биир бэйэм сэргээтим. Елена Меркурьевна айар биэчэрин бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытта уонна олоҕун биографиятын хоһоонунан кэпсээтэ. Кини дьиэ кэргэнигэр тапталын, үлэтин, доҕотторун, дьүөгэлэрин, төрөөбүт дойдутун, дьарыгын барытын хоһоонунан кэпсээтэ. Ол иһин киһи иһиттэр истэ олоруох курдук.

Хайдах курдук алаадьылаан, кэргэнин командировкаҕа атаарара алаадьы туһунан хоһоонугар этиллэр. “Бэл, ким эмэ улаханнык хомоттоҕуна, онно өс-саас туппакка, хоһоон айан, хомолтобун таһааран кэбиһэбин”, — диэн бэртээхэй сүбэни дьахталларга биэрдэ.

Меркурьевна күн аайы дьиэтигэр үлэлээн кэллэ даҕаны тугу эрэ айан суруйбатаҕына табыллыбат, аны иистэнэр массыынатын туттар эрэ иистэнэн барарын сөбүлүүр. “Муостам таҥас кырдаһынынан, сиргэ тохтубут хоруоҥканан тэлгэнэр курдук буолааччы”, — диир күлэ-күлэ.  Бэйэтэ этэрин курдук, араас устуоруйалары хомоҕой хоһоонугар тиһэр. Сүүрбэччэ киһилээх сабыылаах айар биэчэри ыытарын сөбүлүүр эбит. Онно ыҥырыллан кэлбит дьон көрдөһүүлэринэн, кинилэр истиэхтэрин баҕарар хоһооннорун ааҕан иһитиннэрэр идэлээх.

Истэ олорор киһини сынньатар кэрэ, намчы куолаһа олох тупса уратылаах. Сүгүрүйэр артыыспыт Зоя Багынанова курдук хоһоону бэркэ да ааҕар эбит.

Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев Елена Меркурьевнаҕа махтанан туран, сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

Хаартыска: СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата тиксэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: