“Каландарашвили” лааҕыры сөбүлээн, оҕолор сыллата кэлэллэр

Share

Покровскайдыыр суолунан куорат тас өттүгэр массыынанан сыыйылыннаран иһэбит. 31 №-дээх оскуола “Каландарашвили” оҕону чэбдигирдэр лааҕырыгар сылдьыахтаахпыт. Лааҕыр устуоруйата 1960-с сыллартан саҕаланар, 31 №-дээх оскуолаҕа 2012 сылтан бэриллибит. Күп-күөх бэс чагда быыһыгар турар, мастар быыстарынан оҕолор олорор дьиэлэрэ, аһыыр сирдэрэ көстөллөр. Ол быыһыгар биир улахан таас тутуу баар.

Күн ахсын араас тэрээһин

Биһигини кытта тэҥҥэ лааҕырга “Бастыҥнар хамсааһыннара” тэрилтэ исписэ­лиистэрэ  Айсен Дедюкин, Василий Васильев уонна Эльмира Апросимова тиийэн кэллилэр. “Бастыҥнар хамсааһыннара” бу лааҕырга муниципальнай куратордара буолар, онон ааспыт сезоҥҥа эмиэ сылдьыбыттар. Иккис сезон оҕолоругар тэрилтэлэрин туһунан кэпсии, билиһиннэрэ, оонньуу ыыта кэлбиттэр. Түгэнинэн туһанан кинилэри кытта эмиэ билсэн, кэпсэтэн хааллыбыт.

“Бастыҥнар хамсааһыннара” диэн оҕо-ыччат эйгэтигэр күүстээх хамсааһын 2022 сылтан Арассыыйа үрдүнэн саҕаламмыта, – диэн кэпсиир Айсен Дедюкин. – Былырыыҥҥыттан хас биирдии улууска исписэлиис тутан, олохтоохтук ылсан үлэлии сылдьабыт. Биһиги бу сайын устата куоракка баар хонуктаах лааҕырдары таһынан күнүскү лааҕырдары эмиэ хабан, “Ыстаансыйаларынан оонньууну” ыытабыт.  Хас биирдии ыстаансыйа айар үлэттэн саҕалаан спортивнайга тиийэ биһиги үлэлиир хайысхаларбытын көрдөрөр. Оонньуу курдук барар буолан, оҕолор интэриэһиргииллэр, сөбүлүүллэр. Биһиги тэрилтэбитигэр 6 саастаахтартан 18-гар диэри саастаах оҕолор киирэллэр. Түгэнинэн туһанан оҕолору “Бастыҥнар хамсааһыннарыгар” киириҥ, кыттыҥ, кыайыҥ, доҕоттордо булунуҥ диэн ыҥырабыт.

“Манна үчүгэй, дьиэбин ахта иликпин”

Лааҕыр, эппиппит курдук, 1960-с сыллартан үлэлиир. Онон дьиэтэ-уота уруккутунан турар, аныгы килэйбит-халайбыт лааҕырдарга ырааҕынан тиийбэт да буоллар, кэпсэппит оҕолорбут тоҕо эрэ лааҕырдарын наһаа сөбүлүүр, сыллата манна кэлэр эбиттэр.

Глобальнай үөрэхтээ­һин киинин 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Лиза Тайко, хас сыл кэриэтэ манна сынньанарын, лааҕыр элбэх тэрээһиннээҕин, онно эрэпэтииссийэлииллэрин, бэлэмнэнэллэрин сөбүлүүрүн эттэ.

“Бу иккис симиэнэҕэ сылдьабын. Технопааркаҕа үлэ­лиир дьону кытта көрсүһүү буол­бута, кинилэр кэпсээннэрин истибиппит, аптамааты хайдах хомуйары, ыһары, дрону хайдах көтүтэри  көрдөрбүттэрэ. Ону таһынан бассейн­ҥа, экскурсияларга сылдьабыт”.

Саха гимназиятын 9-с кылаа­һын үөрэнээччитэ Роберт Нилов эмиэ манна сыл аайы кэлэр эбит.

“Быйыл дьиссипилии­нэлээх буолбуппун бэлиэтии көрүннүм, расписаниены тутуһан сарсыарда аайы турабын, сэрээккэлиибин. Лааҕырбыт биэс этэрээттээх, биһиги төрдүс этэрээккэ баарбыт, “Лиидэрдэр” диэн ааттаммыппыт. Бу иккис сезоҥҥа “Битва хоров” буолбута, онтон да атын тэрээһиннэр элбэхтэр. Бүтэрбит 8 хонук хаалла, манна үчүгэй, дьиэбин ахта иликпин”, – диэн күлэ-үөрэ кэпсиир.

Кэскил Самыров куорат 21 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ, быйыл 11-с кылааска тахсыбыт. Оскуолатыгар киберуспуорт уонна успуорт миниис­тирэ дуоһунастаах эбит.

“Бэһис сылбын манна сылдьабын, – диэн этэр. – Атын лааҕырга барыахпын баҕарбаппын. Манна билсибит доҕотторбун кытта салгыы сибээһи тутуһабыт. Хомойуох иһин, эһиил оскуоланы бүтэрэбин, онон манна бүтэһигин сылдьабын. Манна интэриэ­һинэй, спартакиада бөҕө буолар, бэҕэһээ пионербол буол­бута, онно биһиги этэрээппит кыайбыта. Бүгүн футболга күрэхтэһии буолуохтаах. Атын лааҕырдартан “Спутниктан”, “Энергетиктэн” кэлэн, доҕордуу күрэхтэһиилэри ыытаач­чыбыт, онно биһиги лааҕыр­быт кыайыылааҕынан тахсааччы”, – диэн  Кэскил астына кэпсиир.

Оҕолор иккис сезоҥҥа кытта хаалаллар

Сыл аайы оҕо сөбүлээн  кэлэр лааҕыра  туох эрэ умсугутар  кистэлэҥнээх буолуон сөп. Дьэ ону “Каландарашвили” лааҕыр начаалынньыга, 31 №-дээх оскуолаҕа иитии үлэтигэр дириэктэри солбуйаач­чы Варлам Алексеевич Расторгуевы кытта кэпсэтииттэн истиэҕиҥ.

– Варлам Алексеевич, лааҕыр быйылгы олоҕо хайдах баран иһэрий?

– Лааҕыр начаалынньыгынан быйылгыттан үлэлии­бин. Бу иннинэ 11 сыл Ия Иннокентьевна Васильева эҥкилэ суох үлэлээн кэлбитэ. Быйыл лааҕырбыт “Бастыҥнар хамсааһыннара” бырагырааманан үлэлээтэ. Бастакы сезоммут “Время первых” диэн ааттааҕа, оттон бу иккис сезоммутун “Будь в движении” диэн ааттаатыбыт.

– Биир сезоҥҥа төһө элбэх оҕо сылдьар?

– Бастакы сезоҥҥа араас оскуолалартан 175 оҕо сылдьыбыта,  итинтэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕа аҕалаах 25 оҕо, ПДН, КДН лииньийэтинэн 12 оҕо сынньаммыттара. Төрөппүттэр көрдөһүүлэрин эмиэ ылынабыт, онон Новосибирскайтан кэлбит оҕолор кытта бааллара.  Оттон бу иккис сезоҥҥа 141 оҕо кэллэ, итинтэн 18 оҕо аҕата ба­­йыаннай дьайыы кыттыылаа­ҕа, ПДН, КДН лииньийэтинэн эмиэ 12 оҕолоохпут.

Оҕолор сынньалаҥнарын интэриэһинэй оҥорор сыалтан баһаатайдарбыт, иитээччилэрбит бииртэн биир тэрээһини толкуйдууллар. Биһиэхэ иккис сезоҥҥа сөбүлээн хаалар оҕолордоохпут, онон кинилэргэ интэриэһинэй буоллун диэн, ааспыт сезон тэрээһинин уларытан биэрэбит. Оттон сүрүн тэрээһиннэр: “Хордар киирсиилэрэ”, “Мисс Лик”, “Мистер Лик” хаалаллар.

Ааспыт сезоҥҥа Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хуншань куоратыттан кэлбит оҕолор дэлэгээссийэлэрин кытта көрүһүннэрбиппит. Ол олус интэриэһинэйдик ааспыта. Киинэҕэ, бассейнҥа куруук сылдьабыт. Бу сезон өссө кэлии­лээх-барыылаах буолла. “Үлэ кыбартаалыгар” тиийэннэр, араас маастар-кылаастары көрбүттэрэ. Бүгүн бу муниципальнай кураторбыт “Бастыҥнар хамсааһыннара” тэрилтэ бэйэтэ ыытар тэрээһиннээх кэллэ.

Иитээччилэр, баһаатайдар лааҕыртан иитиллэн тахсаллар

Варлам Алексеевичтыын кэпсэтэ туран, 31 №-дээх оскуо­ла биир үтүө үгэстээҕин биллим. Манна 2012 сыллаахха “Оҕо саас штурманнара” диэн педагогическай этэрээт тэриллибит. Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһиннэргэ кыттыбыттар, өрөспүүбүлүкэ барыта билэр. Бу этэрээти оскуолаҕа үөрэх кэмигэр педагог-тэрийээччи Анна Анатольевна Семенова иилээн-саҕалаан үлэлэтэр, “Баһаатай дьыалата” диэн бэйэ­тэ куруһуок­таах. Дьэ бу педагогическай этэрээккэ буһан-хатан тахсыбыт оҕолор оскуола тэрээһиннэрин ыытыһаллар, сайынын бу “Каландарашвили” лааҕырга выпускниктар кэлэн иитээччинэн үлэлииллэр, үөрэнээччилэр баһаатайдыыллар. Анна Анатольевна бу оҕолорун кытта тэҥҥэ сайын аайы лааҕырга иитээччинэн үлэлиир.

“Ол иһин биһиги атын лааҕырдарга курдук сайын аайы иитээччи, баһаатай көрдүүр сүпсүлгэнигэр түспэппит. Барыта бэйэбит выпускниктарбыт кэлэн үлэлииллэр”, — диэн киэн тутта кэпсиир Варлам Алексеевич. – Бу үлэни барытын аттаран, тэрийэн үлэлэтэ сылдьар дириэктэрбитигэр Алина Егоровна Бубякинаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит.

Варлам Алексеевич лааҕыр устун биһигини батыһыннара сылдьан көрдөрөр: “Бу быйыл Дьокуускай куорат дьаһалтата уонна үөрэхтээһин управле­ниета хапытаалынай өрөмүөҥҥэ үп-харчы көрөн, 5 куорпус ис-тас өттүлэрин өрөмүөннээтибит. Бириэмэбит ыгым да буоллар баттаһан, сарайдарын саҥаттан оҥортордубут. Лааҕырбыт 1960-с сыллардааҕы, көстүүтэ-тутуута эмиэ ол сиэринэн. Ол иһин кэлиҥҥи кэмҥэ төрөппүттэр көрдөбүллэрэ күүһүрэн иһэр”.

Лааҕыр 185 миэстэлээх таас кулууп дьиэлээх, туох баар тэрээһиннэр манна буолаллар эбит. “Дьэ бу кулууппут биһиги киэн туттуубут буолар”, — диир Варлам Алексеевич.

Баһаатай көмөлөһөөччүтүттэн – ыстаарсай иитээччигэ диэри

Бу бэртээхэй тиһик олохтоммут буолан, лааҕырга үлэлиир дьон бары бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр, ол уопсай үлэ хаамыытыгар үчүгэй эрэ өттүнэн дьайар.

Лааҕыр ыстаарсай иитээччитинэн үлэлиир Алексей Бурцев маннык диэн кэп­сиир:

– Лааҕырга 2013 сыллаах­тан үлэлиибин, оччолорго оскуо­лаҕа үөрэнэр буоламмыт, баһаа­тай көмөлөһөөччүлэрэ этибит. Онтон 18 сааспын туолан баран, иитээччи буолбутум. Оннук 19 сезон үлэлээбитим, онтон үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, оскуолабар информатика учууталынан үлэлии кэлбитим. Билигин лааҕырга ыстаар­сай иитээччинэн үлэлээбитим 4 сыла буолла. Лааҕырга сылдьыбыт оҕо ахсаанын 2013 сыллаахтан аахтахха, 5000-тан таҕыста. Биһиэхэ 6 аҥар саастаах оҕоттон 17 саастаах­тарга тиийэ сөбүлээн сылдьаллар. Сыл аайы лааҕыр­быт сайдан-тупсан иһэр. Бу сылга лааҕырбыт тематиката “Бастыҥнар хамсааһыннара” диэн, ол эбэтэр оҕолорго патриотизм диэн өйдөбүлү иҥэрэрдии итини талбыппыт. Биһиги лааҕырбыт эйгэтэ олус бэһиэлэй, көхтөөх, сырдык баҕайы салгыннаах. Итини барытын биһиги баһаатайдарбытыттан саҕалаан, бары үлэһиттэр оҥороллорун иһин оҕолор үөрэ-көтө сылдьаллар.

Дьэ кырдьык, оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын куорат дьаһалтата олохтоохтук ылсан, таас үчүгэй тутуулары ыытара наада буолбут. Төһө да хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ бардар, мас тутууларга утуйар-олорор оҕолор доруобуйалара араас. Уонна кэм-кэрдии ирдэбилэ да буоллаҕа – бачча кырасыабай бэс чагда быыһыгар толору хааччыллыылаах үчүгэйкээн кыра-кыра дьиэлэр тураллара эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаах бардыбыт.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

8 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

33 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago