Калининград пуойаһа кинитэ суох айаннаабат

Share

Кэлиҥҥи кэмҥэ араас дойдуларга саха кыргыттара араас идэни баһылаан үлэлии сылдьалларын туһунан социальнай ситимнэртэн үгүстүк ааҕан билэр буоллубут.

Аныгы үйэ диэх курдук, ким стюардесса буолан, аан дойдуну тилийэ көтөр, ким соҕуруу дойду көмпүүтэринэн үлэлиир пуойаһын араас куораттарынан сүүрдэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, тыа сириттэн төрүттээх ыччаттар бэрт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларынан киһи киэн туттар.

Бүгүн “Саха сирэ” хаһыакка Горнай улууһун Бэрдьи­гэстээҕиттэн төрүттээх, билигин Калининград куоракка олохсуйан олорор Пелагея Егорова ыалдьыттыыр.

Дууһалыын ылыныы

– Пелагея, дойдугар бэрт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьан, хайдах, туох санааттан соҕуруу баран олохсуйарга  сананныҥ?

– Арааһа, оҕо эрдэхпиттэн эбээм кэпсиирин истэн буолуо,  соҕуруу үөрэниэхпин, онно олоруохпун наһаа баҕарар этим. “Чэ, атахпар турдахпына…” диэн санаа өрүү баара.  Бастаан оҕобун кытта Санкт-Петербурга көспүтүм. Онтон икки нэдиэлэҕэ Калининградка эдьиийбэр күүлэйдии барбыппыт. Уонна… сөмөлүөттэн түһээт, бу дойдуну салгыныттан саҕалаан, айылҕата кэрэтин, муората чугаһын ис-испиттэн сөбүлээбитим. Киһи куттуун таттарар дойдута. “Манна олохсуйар эбиппин…” диэн санаалаах сарсыныгар үлэ көрдөнөн барбытым.

Табыллыы

– Үлэ көрдөнөргө ыарыр­ҕаппатаҕыҥ дуо? Атын дойду тыына баара чахчы…

– Биллэн турар, үлэ көрдүүр киһи, бастатан туран, оҕобун уһуйааҥҥа олохтуур баҕа­лаах буоллаҕым. Дьиктитэ баара, кырачааммын уһуйааҥҥа туох да уустуга суох биир күн иһигэр ылбыттара. Ити курдук, олоҕум аана саҥалыы арыллан, аны үлэ көрдүүр сорук турбута.  Идэбинэн юриспын, уйулҕа үөрэхтээҕэбин. Эбиитин интерьер дизайнера идэлээхпин. Онон хас да үлэҕэ үлэлиэхпин сөп эйгэлэринэн резюмебын ыыппытым. Соһуйуом иннигэр, ФСБ-тан, борокуратуураттан, Ис дьыала министиэристибэтиттэн, хас да юридическай тэрилтэлэртэн “үөрэ-көтө ылабыт” диэн эппиэттэр кэлбиттэрэ. Итилэртэн тыраа­ныспар полициятын талан, Черняховскай диэн байыаннай  куоракка көспүтүм.

”Баҕалаах  маска ыттар” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх дии саныыбын. Хас биирдии киһи олоҕор көрсөр уустук түгэннэрдээх. Онно барытыгар санаар­ҕыы, аймана сылдьыбакка, төттөрүтүн, бэйэҥ ис туруккун күүһүрдэн, олох үтүө өрүттэрин эрэ көрдүүр, талар буоллаххына, барыта санааҕын батыһан, табыллар.

Уопутуран баран – Саха сиригэр

– Саха Кэрэ куотун күрэс­тэригэр кыайа-хото эрэ сылдьыбыт киһиэхэ, бэйэҥ нарын сэбэрэҕэр, туттуугар-хаптыыгар дьүөрэлэспэт наһаа уустук эр киһи үлэтин талбыккын дии?

– Бэйэм кэммэр “Мисс Горный-2007”, “Мисс Яку­тия-2008” куонкурустарга кыттан миэстэлэспитим. “Мисс Универсиада-2011” тэрээһин кыайыылааҕа буолбутум. “Айыы куо” муода тыйаатырын модела этим. Түгэнинэн туһанан, муода эйгэтигэр ииппит-такайбыт, ис куппун арыйбыт учууталбар, норуот маастара Надежда Ивановаҕа истиҥ махталбын тиэрдэбин. Кини миэхэ бэйэбэр эрэл кыымын күөдьүтэн, ис кыахпын кулуһуннуу умаппыта. Ол да иһин туохтан да толлубакка, инним диэки хардыы­лаан иһэр буоллаҕым. Дойдубар урбаан­ньыттаабытым. Өссө биир хоту улууска  маҕаһыын туттаран турабын. Онно бэкээринэ, кафе арыйан үлэлэппитим. КамАЗ массыыналарынан хоту улуустарга табаар тиэйэр өҥөнү дьаһайар этим. Билигин санаатахпына, хорутуулаахтык да үлэлээбит эбиппин. Маныаха төрөппүттэрбэр махталым муҥура суох. Кинилэр миигин өрүү бэйэм быһаарыныы ыларбар үөрэппиттэрэ, буойбат-­хаайбат, хааччахтаабат этилэрэ. Оннук миэхэ эрэнэллэрэ, кыахпар итэҕэйэллэрэ. Ол иһин олоҕу көҥүллүк уонна киэҥник ылына, толкуйдуу улааппытым.

Биллэн турар, билигин үлэлиир үлэм ыарахан. Ол эрээри “тоҕо, туохха миэхэ нааданый бу?” диэн ыйытыыларга чопчу хоруйдаах буоллаххына, барыта табыллар. Тимир суол эйгэтин мин олус интэриэ­һиргээтим. Бу үлэни төрдүттэн билэн, үөрэнэн, уопутуран баран, төрөөбүт дойдубар төннөн кэлэн, “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньаҕа үлэлиэм. Ол инниттэн Санкт-Петербург куоракка тимир суол судаарыс­тыбаннай университетыгар тимир суол идэтигэр үлэлии-үлэлии, кэтэхтэн үөрэнэбин. Преподавателлэрим мин дойдубар тимир суол салаа­тыгар үлэ­лиир баҕалаахпын билэн, наһаа өйүүллэр.

A, B, C, D категориялардаах көлөлөрү ыытар көҥүллээхпин. Билигин үлэлиир идэбин баһылаары Читаҕа сыл аҥаара электропуойас машиниһын идэтигэр үөрэммитим. Аныгы үйэ көлөтүн аҥаарын көмпүүтэргэ таҥан үлэлэтэбит, аҥаарын – машинист ыытар. Онон олус эппиэтинэстээх үлэ. Биир ­эриэйсэҕэ «Ласточка» электропуойаһынан Калининградскай уобалас Светлогорскайыттан Зеленоградскайга  диэри ортотунан  900 киһи айанныыр. Локомотивнай биригээдэбитигэр иккиэбит.

Хаартыскалары Пелагея Егорова тиксэрдэ
Аҕа үбүлүөйэ

– Төрөөбүт Бэрдьигэс­тээххэр уоппускаҕар кэлэн бардыҥ дуо?

– Аҕам Дмитрий Дмит­риевич 75 сааһын туолар үбүлүөйүгэр кэлэ сырыттым.  Түгэнинэн туһанан, тапталлаах киһибин үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Миигин ыарахаттартан толлубат гына үөрэппитигэр наһаа махтанабын. Кини 55-с сылын суоппардыы сылдьар. Онон аҕам дьоро киэһэтигэр ыалдьыттаан, чугас аймахтарбын көрсөн наһаа үөрдүм, ахтылҕаммын таһааран, биллэ чэпчээтим, күүс-сэниэ ыллым.

What’s your Reaction?
+1
20
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago