Калининградка дьыктаан суруйдулар

Share

«Дьыктаан  суруйдубут. Алаадьылаах олорон», — диэн ситим нөҥүө сонун тиийэн кэллэ.  Ити СГУ ИФФ  СС-78 бииргэ үөрэммит дьүөгэбит, кууруспут ыстаарыстата Маргарита Иванова уопсай бөлөхпүтүгэр кэлиҥҥи сонунуттан үллэстибит.

Маргарита Николаевна Иванова 1983 с. үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт Сунтаарыгар саха тыла сайдарын туһугар, учуутал быһыытынан утумнаахтык үлэлэспитэ, кэлин оскуола дириэктэригэр тиийэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ мэтэдиис-учуутала, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката. 2004-2023 сылларга дириэктэрдиир кэмигэр Күндэйэ агро-хайысхалаах оскуолата өрөспүүбүлүкэ биир биллэр оскуолатын быһыытынан инники күөҥҥэ тахсыбыта.

Маргарита Николаевна күһүн үлэтин түмүктээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа барар бигэ санааны ылыммыта. Калининград куоракка олорор уолугар көһөн барбыта.  Калининград куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин туһунан суруйар, саҥаттан саҥа хаартыскаларын күннэтэ ыыталыы олорор. Тиийээт, ити куоракка олорор дойдулаахтарын кытта уопсай тылы булан номнуо бэйэ киһитэ буолла. Онно Саха сириттэн тиийэн олорор дьон түмсүү тэриммиттэр эбит. «Земляки Саха» КРОО салайааччыта Туйаара Егоровна Иванова. Кинилэр «Центр межнационального сотрудничества» диэн тэрилтэ  биир хоһугар мусталлар.

Национальнай бибилэтиэкэни кытта эрдэ сибээстэһэннэр, 10 сыллаах аахсыйаҕа кыттыһар сыаллаах-соруктаах, анал  иһитиннэриини  тарҕатан, Ийэ  тыл күнүнэн, Калининградка олорор дойдулаахтарын сахалыы дьыктааҥҥа ыҥырбыттар. Тааттаттан төрүттээх  Галина Романовна Кашкина алаадьылаан мустубут дьону күндүлээбит. Маргарита Николаевна  Иван Федосеев — Доосо «Олоххо эргиллии» кэпсээниттэн быһа тардыыны ааҕан, салайан ыыппыт. Түмүгэр дуоһуйа оһуокайдаан  тарҕаспыттар.

Хаартыскаҕа көрдөххө, эдэр ыччаттар кыттыыны ылбыттара сүргэни көтөҕөр. Кинилэр салгыы өссө да атын тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыахтара. Калининград куоракка төрөөбүт тылларынан саҥарар, үрдүк култууралаах норуот буолалларын үтүө холобурун көрдөрүөхтэрэ диэн бигэтик эрэниэҕи баҕарыллар.

Саха тылын учуутала Маргарита Николаевна араас тэрээһиннэртэн туора турбат эбит. Соторутааҕыта сахалыы таҥнан, симэнэн, бибилэтиэкэҕэ үөрэнээччилэри, учууталлары кытта көрсүһүүгэ  сылдьыбыттарын туоһулуур хаартыскаларга көрөбүт.

Калининградка олорор биир дойдулаахтарбытыгар этэҥҥэ буолуҥ, айымньылаахтык үлэлээҥ диэн баҕа санаабыт бастыҥын  тиэрдиэҕиҥ.

Августина Хабарова

Хаартыскаларга Туйаара Иванова түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Кыргызстан бэрэсидьиэнин кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…

6 часов ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Бишкеккэ Сергей Вакуновы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка  Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх туһунан…

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Тургутук

Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»

Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: «Посадочнай толуону» сүтэрбит буоллаххына…

Ыйытыы:  Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр.  Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 1 күнүттэн Арассыыйаҕа туох уларыйыы киириэҕэй?

Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…

7 часов ago