Калининградка альманах биһирэмэ буолан ааста. Альманах тахсыыта Москва уонна Калининград куораттар литературнай уопсастыбаларын ситимниир айар муостанан буолар. Арассыыйа саамай арҕаа точкатыгар бу альманах тахсыыта дойду саамай хотугу эрэгийиэнигэр туох суолталааҕын билэргит интэриэһинэй буолуо.
Ол курдук, бу литературнай хомуурунньугу бэйэтин кэмигэр Саха сиригэр алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэлээбит Ирина Александровна Матвеева хомуйан оҥордо. Оттон альманах редакторынан профессор, экономическай наука дуоктара Николай Леонидович Пирогов үлэтинэн баай ис хоһоонноох биографията хоту сиртэн саҕаллыбыта. Кини 1959 сыллаахха институту бүтэрээт, Саха сиригэр үлэлии кэлбитэ.
Николай Леонидович тыйыс усулуобуйалаах хотугу кыраайга үлэһит, уопсастыбанньык уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл быһыытынан сиппитэ-хоппута. Кини үлэтин прорабтан саҕалаабыта. Онтон учаастак начальнигынан, «Якуталмаз» трест «Айхал» руднигын дириэктэрин солбуйааччынан анаммыта. Салгыы ССКП Саха обкомун тутууга уонна куораттааҕы хаһаайыстыбаҕа отделын сэбиэдиссэйинэн, Миирнэйгэ ССКП горкомун чилиэнинэн уонна бюротун чилиэнинэн талыллыбыта, Дьокуускайдааҕы ССКП обкомун чилиэнинэн, САССР Үрдүкү Сэбиэтин 9-с ыҥырыытын дьокутаатынан талыллыбыта. Альманахха Николай Леонидович хас да кэпсээнэ киирдэ. Ол иһигэр тыйыс тымныылаах Саха сирин тайҕатыгар үлэлээбит, олорбут метеорологтар дьиэ кэргэннэрин туһунан интэриэһинэй кэпсээн баар.
Альманахха киирбит 30 хоһоон уонна проза ааптардарыттан биирдэстэринэн биир дойдулаахпыт, саха кыыһа Оксана Егорова буолар. Оксана – Ксана Кобяйская, дьиэ кэргэнин кытта икки сыллааҕыта Калининградскай уобаласка көспүтэ. Элбэх оҕолоох ийэ, саха тылын уонна литературатын учуутала, дойдутугар олорон үлэлии сылдьан, төрөөбүт тылынан хоһоон суруйара. Оксана Калининградка көһөн тиийэн баран, дириҥ историялаах, Прибалтика кытылын кэрэтин кэрэхсии көрөн, кутун-сүрүн туттаран, айар үлэтин билигин Пушкин уонна Толстой тылларынан салҕыыр.
Дойдутун, айылҕатын, олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин туһунан хоһооннору сөбүлээн суруйар. Оксана Ивановнаны Калининградтааҕы литературнай түмсүү билиннэ, ылынна. Түгэнинэн туһанан, Калининградка олорор биир дойдулаахтара истиҥник эҕэрдэлииллэр, киниэхэ өссө да айар дьоҕура сайдан иһэригэр баҕараллар.
Биир дойдулаахтарбыт ханна да сырытталлар, силис тардыбыт өбүгэлэрин, төрөөбүт дойдуларын умнубаттара кэрэхсэбиллээх. Бу үтүө күн ыалдьыттар альманах үгүс ааптардарын айымньыларын кытта билистилэр. Ааптардар бу күн саҥа айымньыларын аахтылар, бэйэ-бэйэлэрин кытта билистилэр.
Өссө Москваттан сылдьар Марина Замотина “Зарисовки о Якутии” диэн айанын бэлиэтээһиннэрэ дьон интэриэһин тардыбытын бэлиэтиэххэ сөп. Кини «Михаил Светлов» теплоходунан Өлүөнэ очуостарыгар айанын туһунан олус үчүгэйдик ойуулаабыт. Ааптар Саха сирин кэрэ айылҕатын, муҥура суох кэтит, дохсун сүүрүктээх, киэҥ нэлэмэн Өлүөнэ өрүһү сөхпүтүн-махтайбытын ойуулуур.
Марина Замотина Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар дойдуларыттан ыраах көһөрүүгэ баран өлбүт уонна көмүллүбүт Чурапча олохтоохторун кэриэһигэр туруоруллубут өйдөбүнньүк сиргэ сылдьан аһыныгас санаатынан уонна хараастыылаах саха норуотун историятын хомолтолоох түгэннэрин курдаттыы сэрэйэн суруйбут.
«Ытыктабыллаах аксакаалбытыгар Николай Леонидовичка – алмааһы хостуур бырамыысыланнас бэтэрээнигэр, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр – уһун үйэни, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, сир үрдүгэр эйэ, доҕордоһуу баар буоларын туһугар айа-тута сылдьаргар», — диэн Калининградка олорор биир дойдулаахтара баҕа санаалырын тиэрдэллэр.
Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыбаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэн, хас биирдии ыалга араас ырысыабынан дьикти утаҕы оҥостон…
Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.…
Сайдыы балысханнык хардыылаан, Оҥоһуу өй, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ, “Искусственнай интеллект” диэн саҥа технология баар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна улаатан эрэр оҕолор реабилитационнай кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ,…
Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтатыгар улуус булчуттара, булчут ыттарынан дьарыктанааччылар, сэҥээрээччилэр саха ытын боруода быһыытынан…
Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бу сыл олунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Дьаһалга…