Калмыкия өрөспүүбүлүкэтин куукула тыйаатыра гостуруоллуу сылдьар

Share

«Улахан гостуруоллар» диэн бырайыак чэрчитинэн, СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар Калмыкиятааҕы  «Джангар» куукула тыйаатыра ыалдьыттыы сылдьар.

Бүгүн, алтынньы 24  күнүгэр, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар «Сар-Герел» диэн испэктээкилгэ сырыттым. «Джангар» куукула тыйаатыра бу күннэргэ оҕолорго анаан Корней Чуковскай «Мойдодыр» айымньытын уонна бэйэлэрин норуоттарын бэйиэтэ Давид Кугультинов поэматынан «Сар-Герел» испэктээкиллэри көрдөрбүттэр. Саала иһэ тобус-толору оҕо. Манна лааҕырдартан, куорат араас оскуолаларыттан испэктээкили көрө кэлбиттэр. Бастаан суугунаһыы, оҕолор кэпсэтиилэрэ мэһэйдиэх курдук буолбута, ол эрээри испэктээкил саҕаланан, артыыстар саҥаран-иҥэрэн, оонньоон киирэн барбыттарыгар, били суугунаһыы чуумпуран, иһийэн хаалбыта. Тыйаатыр ураты эйгэтэ уонна Калмык омук илдьэ кэлбит тыына оҕолор куттарын-сүрдэрин туппутун бэлиэтии көрдүм.

Герел диэн кэрэ кыыһы Күн таптыыр. Кыыс тус олоҕун толук ууран, бар дьонун тымныыттан быыһыыр туһуттан таптыыр уолун, дьонун-сэргэтин хаалларан күҥҥэ барар. Ити кэннэ Герел кыыс ый буолан түүҥҥү хараҥаны сырдатар диэн түмүктэнэр айымньы.

Калмыкия өрөспүүбүлүкэтин «Джангар» тыйаатырын сүрүн режиссера Алексей Сарангов  санаатын үллэһиннэ:

-Биһиги Саха сиригэр бу бастакы сырыыбыт буолар. Бу иннинэ биһиэхэ, Калмыкияҕа Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара кэлэн барбыттара. Онон хардарыта ыалдьыттаһар үчүгэй үгэскэ кубулуйан эрэр. Бу билигин көрдөрбүт «Сар-Герел» испэктээкилбит нууччалыы тылбааһа «Лунный свет» диэн. Бу биһиги Калмык норуотун үһүйээнэ буолар. Ону бэйэбит норуодунай  бэйиэппит Давид Кугультинов литературнай айымньы суруйан үйэтиппитэ. Давид Кугультинов аатынан оннооҕор планета баар. Сарсын гостуруолбут түмүктэнэр күнэ, онон «»Сар-Герел» эмиэ туруорабыт. Бэйэбит тыйаатырбыт туһунан этэр буоллахха, түөрт сыл анараа өттүгэр төрүттэммиппит. Биһигини дьылҕабыт Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна «Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын» кытта ситимнээбитигэр махтанабыт.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago