«КАМА ХАНА» Азия эрэгийиэннэригэр бэрэстэбиитэллээх буолуоҕа
Бүгүн «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер «КАМА ХАНА» устуудьуйатын резиденнэрэ РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкиҥа, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистрэ Алексей Чекунковка бэйэлэрин сонун бырайыактарын билиһиннэрдилэр.
Устуудьуйа режиссера, продюсера Юрий Борисовтан бэйэлэрин бырайыактарын туһунан билиһиннэрэригэр көрдөспүппэр, маннык кэпсээтэ:
Юрий Борисов тоҕо устуудьуйаларын «КАМА ХАНА» диэн ааттаабыттарын маннык быһаарда:
— “Кама” диэн персидскэй тылтан “айыахха-тутуохха” диэн суолталаах. Оттон “Хана” түүрдэр тылларынан “сир (местность), эйгэ” диэн суолтадаах. Ол аата “Айар эйгэ” диэн буолар. Аат интэриниэккэ соҕотох уонна өйдөнүмтүө буолуохтаах. Сахалыы “ойуу” уонна “эйгэ” диэн тыллар тарҕаммыттара ыраатта. Биһиги устуудьуйабыт бу аатынан бэйэтэ саайтаах. 2030 сылга диэри Азия эрэгийиэннэригэр бэрэстэбиитэлистибэ аһар былааннаахпыт. Онон бу ааппытын кэнэҕэс туттуохпут диэн талбыппыт.
2018 сылтан устудьуоннуу сылдьан, бары араас тэрээһиннэри хаартыскаҕа, видеоҕа уһула сылдьыбыппыт. Идэбитинэн араас эйгэ дьонобут: физик, геолог, ювелир, историк. Бары мустан устуудьуйа тэринэргэ санаммыппыт. Онон кэскиллээх былааммыт элбэх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: