«Камазтар» кинилэри эҕэрдэлээн ааһаллар
05.04.2023, 09:45

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Сарсыарда сэттэ чаас саҕана, Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгэр Балаҕаччынан айаннаан иһэн, хаалыктаах хаама сылдьар дьону көрсө түстүбүт.
Суруналыыс киһи, булчукка тэҥнээх. «Бэрт да тиэмэ!» диэн саҥа аллайаат, дьонум аттыгар биирдэ баар буола түстүм. Бастаан утаа, суол ортотугар эмискэ «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһын көрөөт, соһуйан баран, сэһэргэһээччилэрим аа-дьуо холкуларыгар түһэн, кэпсээн бардылар.

Уонтан тахса сыл устата, хаар-ардах буоллун, хойуу туманнаах кыһыҥҥы тымныы күн буоллун, Балаҕаччы хаалыктаахтара «скандиларын» биир да күн тохтоппоттор эбит. Кинилэри оннооҕор сыл аайы айанныыр таһаҕас тиэйэр массыыналар суоппардара билэн, эҕэрдэлээн сигналлаан ааһаллар эбит. «Биһигини билэр дьон үгүс» дииллэр хаалыктаахтар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: