Салгыы
«Кандидат»: норуот кэмиэдьийэтэ табыллыбыт

«Кандидат»: норуот кэмиэдьийэтэ табыллыбыт

Ааптар:
02.09.2023, 19:00
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 31 күнүттэн Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар «Народная комедия: кандидат» киинэ көстө турар. Киинэ режиссера Дмитрий Шадрин, продюсер Владимир Дормидонтов.

ИНТЭРИЭҺИНЭЙТЭН САҔАЛААТАХХА

Бу «DETSAT» бөлөх 18-с киинэтэ буолар. Быйыл ый устата Хаҥалас улууһун Төхтүр сэлиэнньэтигэр устубуттар. Киинэ идиэйэтэ өссө 2007 сыллаахха, айар бөлөх быыбар сүпсүлгэнигэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сырыттаҕына, кэлбит эбит.

Режиссер Дмитрий Шадрин киинэ сценарийын 2020 сыллаахха үс ый иһигэр суруйбут. Онтон салгыы үлэ хаамыыта уларыйан испит. Киинэҕэ DETSAT биллиилээх үлэлэриттэн быһа тардыылар киирбиттэр. Киинэ балтараа чаас курдук барар.

Киинэҕэ баар “Кыһыл Сулус” диэн дэриэбинэ аата дьиҥнээхтии Сахабыт сирин биир муннугар баар сир-­уот эбит. Ол курдук, өссө дьоруойдарбыт ааттарыгар кии­­риэххэ. Бары Шандор эйгэтиттэн эбиттэр: Абан – бииргэ оттуур киһитэ, Макуля – тастыҥ бы­­раата, Банчо – бииргэ үөрэммит киһитэ.

КЫРАТЫК СЭГЭТТЭХХЭ

Дэриэбинэ чуумпу олоҕун нэһилиэк баһылыгын быыбара аймыыр. Киинэ сүрүн дьоруойа, нэһилиэк баһылыга Степан Степанов уонна күтүөтэ – үлэтигэр-хамнаһыгар эгилитэ-бугулута суох, үөрэҕин уон сыл соһон баран саҥа бүтэрэн кэлбит, ол эрээри, киһи быһыытынан үтүө, кэргэнин, оҕолорун таптыыр, кинилэргэ бэриниилээх Абан Мохначевскай киирсэллэр. Баһылык оруолун СӨ норуодунай артыыһа Анатолий Николаев толорбут, оттон Абан оруолун – Игорь Говоров. Дьэ, быыбарга кыа­йаары-хотоору, күтүөтүн тиэхиньиичэскэй хандьыдаатынан туруорар. Барыта этэҥҥэ аҕа киһи баҕарбытынан барыа эбитэ да буолуо. Ол эрээри, Абан аҕа кынна аһара барарын, дьикти, өйдөммөт быһыы-майгы буола турарын ылыммакка, доҕотторун кытта утары барар. Көрөөччү көрүн-нарын тардар түгэннэр, дьоруойдар көстөллөр.

КИМИ КӨРҮӨХПҮН СӨБҮЙ?

“DETSAT” айар түмсүү Саха сиригэр биллэр 29 инфлюенсеры, киинэ уонна тыйаатыр артыыстарын биир киинэҕэ түмтэ.

Саҥа кэмиэдьийэҕэ көрөөччү Степан Порядины, Игорь Говоровы, Роман Дорофеевы, Анатолий Нико­лаевы, Нюргуяна Шадринаны сэргии көрүөҕэ. Ону таһынан, «Быара суохтар» Моруусалара – Мария Сергеева, ырыаһыт Валентина Романова-Чыскыырай, блогер Матрена Евсеева-Мото Куо киинэни киэргэтэллэр. Ону кытта куоластааһыҥҥа кыайбыттар – Сайдам Саввинов уонна блогер Анастасия Дьяконова-Ананас көстөн ааһаллар. Дьон-сэргэ тапталын ылбыт Зина уонна Леха эмиэ киинэ чаҕылхай дьоруойдарынан буолаллар. Киинэ продюсера Владимир Дормидонтов аҕыйах саҥалаах да буоллар, эмиэ бэрт көрүдьүөс оруоллаах.

БАСТАКЫ КРОССОВЕР КИИНЭ

Киинэни устууга үс мөлү­йүөн солкуобай харчы бараммыт диэн этэллэр продюсердар. Киинэ үс сыл бэлэмнэммит. Үрдүк таһымнаах хамаан­да үлэлээбит. Тиэхиньикэни «Мосфильм» устуудьуйаттан ылбыттар. Киинэ продакшн хайысхатыгар Петр Хикки курдук идэтин толору баһылаабыт киһи ылсан үлэлээбит.

Бу киинэ Саха сирин киинэтин устуоруйатыгар кроссовер халыыптаах бастакы киинэ диэн бэлиэтииллэр. Үөһэ этиллибитин курдук, DETSAT биллиилээх үлэлэриттэн быһа тардыылар киирбиттэр. Холобур, аатырбыт-сураҕырбыт «Кэс­кил” киинэттэн – Витек, Банчо уонна Абан. “Юбилей” киинэттэн – Эльпидифор.

АРТЫЫС МИХАИЛ БОРИСОВ СЫРДЫК КЭРИЭҺИГЭР

Кэмиэдьийэ аатырбыт «Кэскил» киинэҕэ сүрүн дьоруой оруолун толорбут Саха тыйаатырын артыыһа Михаил Борисов сырдык кэриэһигэр ананна. Бэлиэтээн суруйдахха, Михаил төрөппүт оҕолоро оонньообуттар. Сахабыт сиригэр “Кэскил” киинэни билбэт киһи суоҕа буолуо. Дьэ, кырдьык, кэмиэдьийэ хайысхатыгар киинэ аартыгын арыйбыт, суолун тэлбит киинэ буолар. Бу маны барытын эмиэ

2000-с сыллар чаҕылхай, талааннаах ыччаттара, «ДетСАТтар», айбыттара-туппуттара. Бу холобуртан эмиэ олоҕу хамсатааччыларынан бэйэбит буоларбытын өйдүүбүт.

ИККИ ТҮМҮКТЭЭХ ЭБИТ

Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 27 күнүгэр сабыылаах көрдөрүү буолбута. Продюсер Владимир Дормидонтов бэлиэ­тээбитинэн, киинэ политизацията суох уонна ханнык да баартыйа пиар-хампаанньата буолбатах. Улахан экраҥҥа, бүгүн, атырдьах ыйын 31 күнүгэр, икки түмүктээх тахсар. Ол аата, кэмиэдьийэ альтернативнай түмүктээх диэн бэлиэ­тиэххэ сөп. Тоҕо оннук буолбутуй?

Бастатан туран, киинэ көрөөччүгэ анаан уһуллар. Оттон хас биирдии көрөөччү сөбүлүүр, долгуйар дьоруойдаах буолар. Ол дьоруойугар киинэ көстөрүн тухары “ыалдьар”. Онон киинэ оҥорооччулара көрөөччү бэйэтин дьо­­руойугар үөрэрин туһугар икки түмүктээх гыммыттарын биллэрдилэр.

КИИНЭНИ ТАПТААҤ

Саха киһитэ ырытар, анаарар дьоҕура өрүүтүн баар. Ону таһынан, саха дьоно ураты юмордаахпыт. Ону бэйэбит эрэ өйдүүбүт. Билиҥҥи уустук, күчүмэҕэй кэмҥэ көрөөччүгэ олус да сөптөөх киинэ уһуллубут.

Норуот кэмиэдьийэтэ диэн мээнэҕэ ааттамматах. Бу уобарастар туһунан киинэ. Манна хас биирдиибит бу үлэҕэ бэйэтин нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин көрүөн, өйдүөн сөп. Тыа сирин олоҕун күннээҕи түбүгэ көстөр. Киинэ артыыстарын састааба – бары сулустар, дэгиттэр дьон.

Киинэ арааһа, эгэлгэтэ элбэх бөҕө буоллаҕа. Муусука курдук иһиллэр живопись кэриэтэ. Киинэ дьон, уопсастыба настарыанньатын оҥорор, тупсарар ускуустуба хайысхатын быһыытынан бастыҥ ахсааҥҥа киирсэрэ буолуо. Онон саха киинэтин таптааҥ. Чахчы да, муҥутуур чыпчаалы дабайаат, ол үрдэлтэн түспэккэ сылдьарбытын, киинэ ханнык баҕарар хайысхатын кыайа тутан устарбытын, оҥорорбутун көрдүбүт.

Эльдар Садовников.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: