Күн бүгүн Саха сиригэр үлэлии-хамсыы олорор социальнай хайысхалаах тэрилтэлэртэн биир улаханнарынан уонна көдьүүстээх үлэлээҕинэн Василий Кононов аатынан Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ буолар.
Барыта орун-оннугар, ып-ыраастык хомуллубут киэҥ тиэргэҥҥэ киирээт да, аҕыйах киһи: ким эрэ үлэлии, ким эрэ сынньана олорорун көрө түстүбүт. Биллэн турар, манна элбэх киһи күргүөмүнэн хаамса дуу, дьаарбайа дуу сылдьыаҕын күүппэтэхпит…
Биһигини Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр быйылгыттан дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьар Алексей Петрович Шестаков (урут дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ) көрүстэ.
– Биһиэхэ урут 257 киһи олорбут буоллаҕына, кэлин уопсай стандартка сөп түбэһиннэрэн, иитиллээччилэрбит ахсааннарын көҕүрэппиттэрэ. Онон билигин хосторго үстүү киһи олорор, уопсайа 201 киһини көрөбүт-харайабыт. Интэринээт-дьиэбитигэр 165 үлэһиттээхпит. Ол иһигэр, 6 быраас, 3 биэлсэр, фармацевт, стоматолог, 2 психолог, 11 социальнай үлэһит (бибилэтиэкэр, иитээччи, култуура тэрээһиннэрин ыытааччы, үлэ, успуорт инструктордара уо.д.а.) бааллар.
Судаарыстыба биһиэхэ бачча киһини көрөҕүт-харайаҕыт диэн былаан биэрэр. Иитиллээччилэрбититтэн 8 киһи бэйэтэ үлэлээх: чугастааҕы «Саюри» тэпилииссэҕэ 4 дьахтар интэринээттэн сылдьан үлэлиир, ону таһынан куоракка атын тэрилтэлэргэ үлэлиир дьоннордоохпут.
Биһиэхэ үксэ инбэлииттэр сыталлар. Холобур, 200 киһиттэн 160-на инбэлиит, онтон олох кыаммата (кэлээскэнэн сылдьааччы, торуосканан эрэ хаамааччы, олох сытар ыарыһах) сүүсчэкэ киһи буолар.
Икки куорпустаах интэринээт-дьиэҕэ түһүмэҕинэн өрөмүөн ыытыллар буолан, ыарахан ыарыһахтар сытар иккис этээстэригэр сылдьыбатыбыт. Манна 100 куойкалаах аһымал отделениета баар.
Сытар, кыаммат ыарыһахтары сиэстэрэлэр, санитардар суукканы быһа көрөллөр-харайаллар, аһаталлар, таҥыннараллар, сууйаллар-сотоллор. Сүүрбэччэлии сыл сыппыттар бааллар.
Капитоновкаҕа 40-50 сыл олорбут дьону төрүт олохтоох дьонунан (старожилы) ааттыыллар, ыал буолан, үрүҥ көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир дьон эмиэ баар. Биһиги соһуйбуппутун көрөн, Алексей Петрович ол барыта хас биирдии киһи доруобуйатыттан тутулуктааҕын туһунан быһаарда. Сорох кыаммат дьон интэринээккэ киирэн баран, олохтон туорууллар, онтон сорохтор уһун үйэлэнэллэр. Онон, манна кырдьаҕаһы, ыарыһаҕы көрөргө улахан уопуттаах, сүрүнэ аһыныгас сүрэхтээх исписэлиистэр эрэ үлэлииллэр.
«Старость в радость» аһымал пуонда – интэринээт иитиллээччилэрин биир сүрүн көмөлөһөөччүлэрэ уонна өйөөччүлэрэ. Федеральнай пуонда интэринээти кытары ыкса ситимнээхтик үлэлээбитэ хайыы үйэ 3 сыл буолбут. Ону таһынан сытар ыарыһаҕы хайдах көрөргө-харайарга сүбэ-ама биэрэллэр. Онуоха 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар баар интэринээт-дьиэлэр үлэһиттэрэ кэлэн үөрэммиттэрэ, уопуттарын атастаспыттара туһаттан атыны аҕалбатын туһунан дириэктэр Алексей Шестаков кэпсиир.
Интэринээт-дьиэҕэ киирии олус судургута суоҕун, уочараты өр кэтэһиэххэ сөбүн туһунан кэпсэтиилэр баар буолааччылар. Ол туһунан Алексей Шестаков:
– Биһиэхэ киирэргэ социальнай көмүскэл управлениетыгар (улуустарга эмиэ) сайабылыанньа биэрэллэр, докумуоннарын хомуйаллар. Онтон улуустааҕы уонна куорат управлениелара СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин хамыыһыйатыгар ыыталлар. Хамыыһыйа көрөн-үөрэтэн баран, кими ханнык улууска, ханнык интэринээккэ ыытар туһунан боротокуол толорор. Маннык хамыыһыйа ый аайы үлэлиир, ол аата биһиэхэ төһө миэстэ баарыттан көрөн, ый аайы да кэлиэхтэрин сөп. Онтон олорор интэринээтиттэн атыҥҥа көһүөн баҕарар киһи баҕа санаата эмиэ учуоттанар, – диэн кэпсээтэ.
Билигин интэринээт-дьиэҕэ киирии туһунан өйдөбүл арыый уларыйан турар. Манна инбэлиит уонна кырдьаҕас эрэ буолбакка, араас төрүөтүнэн, олох тэтимнээх хаамыытынан интэринээт-дьиэҕэ киирэр дьон аҕыйаҕа суохтар. Холобур, өр сылларга кырдьаҕас төрөппүттэрин көрөр дьон сылайа быһыытыйдахтарына эбэтэр уоппускаларыгар ыраах баралларыгар, дьиэлэрин өрөмүөннүүллэригэр көрдөрөр киһилэрэ суох буоллаҕына уо.д.а. Капитоновкатааҕы интэринээт-дьиэҕэ быстах кэмҥэ хаалларыахтарын эмиэ сөп эбит. Ону үлэһиттэр «тыын ылыы» («передышка») диэн ааттыыллар.
Судаарыстыба өйөбүлүнэн уонна соругунан, омос көрдөххө, тигинэччи үлэлии олорор ханнык баҕарар тэрилтэ хайаан да туох эрэ кыһалҕалаах, ситтэрбэт дьыалалаах буолар. Ол да курдук, Капитоновкатааҕы интэринээт-дьиэҕэ гериатр-быраас тиийбэт. Дьиҥэр, нэһилиэнньэ бу араҥатыгар саамай наадалаах исписэлиис буолуон сөп этэ. Ол да буоллар, каадырдар барыылар-кэлиилэрэ соччо бэлиэтэммэт. Манна үгүс үлэһиттэрэ – Капитоновка, Тулагы, Жатай олохтоохторо. Онон бу нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтин таһаарар социальнай тэрилтэ диэтэхпитинэ сыыспаппыт.
Арассыыйа араас эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саха сиригэр 2021 сылтан «Кырдьаҕас дьону иитэ ылар ыал» диэн бырайыак баар буолбута.
– Дьиҥэр, ити олус наадалаах уонна туһалаах буолуохтаах этэ, бу биһиэхэ биир сүрүн кыһалҕабытынан буолар. Холобур, интэринээппитигэр улуустартан кэлбит кырдьаҕастарбыт дойдуларын ахтан дууһалара моруу буолар, дойдуларыгар төннүөхтэрин баҕараллар. Ол иһин улуустар дьаһалталарыгар биир дойдулаах кырдьаҕаскытын дьиэ кэргэттэргэ иитэ ылыҥ диэн сурук суруйабыт да, «оннук ылан көрөр ыал суох» диэн хардараллар…
Алексей Петрович аһыныгас санаалаах, үтүө дьыаланы оҥорор дьон элбэҕин астына бэлиэтиир. Ол эбэтэр спонсордар, дуогабарынан бииргэ үлэлээччилэр, биирдиилээн да дьон көмөлөһөллөр, иһититтэн-хомуоһуттан саҕалаан, матарааһыгар, остуолугар, оронугар, тиэннистиир остуолга тиийэ бэлэхтииллэр. Быйыл куорат дууматын дьокутаата Яков Тимофеевич Оконешников үрүллэр тыы биэрбит.
– Биһиэхэ көмөлөһөр, өйүүр дьон баарыттан үөрэбит эрэ. Биһиги улуустары кытары эмиэ биир ситиминэн үлэлии олоробут. Улуус түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кэлэннэр, биһиэхэ олорор дьоннорун көрсөллөр, араас кэнсиэри көрдөрөллөр.
Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинэ сыл аайы диспансеризацияны ыытар, харах өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһата интэринээт дьаһалтата ыҥырдаҕын аайы кэлэн кырдьаҕастар харахтарын көрөр. Социальнай бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, Саха тыйаатыра, «Сахафильм» босхо билиэт биэрэн, интэринээт дьоно харахтыын сырдаан, дууһалыын чэпчээн кэлэллэр. Ону таһынан ХИФУ психологияҕа институтун, креативнай индустрия кэллиэһин, технологическай сервис техникумун, Гериатрия киинин, көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин, о.д.а. кытта дуогабардаахпыт. Үөһээ ааттаабыт үөрэх кыһаларын устудьуоннара дьиэ-уот ис-тас бараанын дизайннаан биэрэллэр, иитиллээччилэр баттахтарын кырыйаллар.
Онтон үлэһиттэрбит туһунан этэр буоллахха, маннык тэрилтэҕэ ылбычча киһи кыайан үлэлээбэт. Биһиги интэринээппит уратытын билбэккэ эрэ да үлэҕэ киирбит дьон аһымал санаалара баһыйан, үлэлии хаалаллар, киһиэхэ барытыгар көмөлөһө сатыыллар. Онон биһиэхэ аһынар сүрэхтээх, үтүө санаалаах, дьулуурдаах, тулуурдаах дьон үлэлииллэр. Эдэр исписэлиистэрбит билимҥэ үлэлэрин суруйан саҕалыыллар, араас бырайыактарга кытталлар.
Марианна Маркова, социальнай отдел сэбиэдиссэйэ:
– Биһиэхэ, биллэн турар, кыһалҕалаах, араас олохтоох дьон кэлэллэр. Майгыларын кыайан төрдүттэн уларыппаккын, кинилэри кытары килиниичэскэй уонна социальнай психологтар үлэлэһэллэр. Саамай ыарырҕаталлара – аан бастаан кэлэн баран кыайан үөрэнэ охсубаттар (адаптация).
Ол бириэмэҕэ күүстээх үлэ үчүгэйдик бардаҕына, кэнники син үчүгэй буолар. Махталлаах дьон элбэх.
Петр Дьячковскай, 79 саастаах интэринээт-дьиэ олохтооҕо:
– Капитоновкатааҕы интэринээт-дьиэҕэ столярынан, сантехнигынан үлэлээбитим. Кэргэним эмиэ манна кулуупка үлэлээбитэ, кини бу орто дойдуттан барбытын кэннэ манна хаалбытым. 2 оҕолоохпун, ыаллар, кэлэн билсэ тураллар. Ол эрээри, үлэ дьонун аралдьыппаппын, ыҥырбаппын. Миэхэ манна олорорум табыгастаах. Урут хомус оҥорор этим. Онон алтантан, латунтан уонна тимиртэн оҥорбут хомустарым Хомус түмэлигэр хараллан сыталларынан киэн тутта саныыбын. Билигин да хомустуубун, ыллыыбын, онон тэрилтэбитигэр буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытта сатыыбын. Бибилэтиэкэр Тамара Васильевна хоһугар киирэн, кинигэ, хаһыат көрөбүн. Ол эрээри, кэнники хараҕым мөлтөөтө, катарактабын эпэрээссийэлэтээри кэтэһэ сылдьабын. Кыыһым ыҥырар, эпэрээссийэ кэнниттэн толкуйданыам, көстөн иһиэ… Манна үлэһиттэр барыбытыгар олус үчүгэйдик сыһыаннаһаллар, ас-таҥас барыта баар, ыраас, уурбут-туппут курдук. Тугу наадыйарбытын булан аҕалаллар.
Быйыл сэтинньи 14 күнүгэр 80 сааспын туолуохтаахпын, аҕам өттүнэн уһун үйэлээхтэр: аҕам 90 сааһын лаппа аһаран баран оһолго өлбүтэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ 103 сааһыгар өлбүтэ, – диэн Петр Дьячковскай уһуннук олорор баҕалааҕын туһунан сэмээр этэн баран, биһиэхэ хомуска сахалыы матыыптары оонньоон иһитиннэрдэ. Түмүккэ чэгиэн доруобуйаны уонна баайдык олорорбутугар баҕаран, барыбыт настарыанньабытын көтөхтө.
СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…