Кардиолог Савва Попов саҥа кинигэтэ
Өр сыллаах айымньылаах, бэриниилээх үлэтинэн бэйэтин эйгэтигэр киэҥник биллибит уонна ытыктабылы ылбыт сүрэх-тымыр бырааһа С.Т. Попов «Книга о вашем здоровье» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ ааспыт бээтинсэҕэ Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар буолан ааста.
Манна учуонайдартан, быраастартан саҕалаан, Савва Тимофеевиһы кытта араас сылларга алтыспыт доҕотторугар тиийэ – элбэх киһи муһунна. Үксэ бу кинигэни хайыы-үйэ ааҕан-билэн кэлбит дьон эбит, онон кэпсэтиигэ, санаа атастаһыытыгар кыттыы олус көхтөөх. Мэдиссиинэ наукатын дуоктара, профессор, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтун кафедратын сэбиэдиссэйэ Т.Я. Николаева, бу институт доцена, наука кандидата У.С. Портнягина, СӨ үтүөлээх бырааһа Г.Э. Кузьмин, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ П.И. Попов, тыл үөрэхтээҕэ, педагогическай наука доктора, ХИФУ профессора Е.М. Поликарпова, СӨ социальнай көмүскэл сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ Н.Г. Егорова уо.д.а. ааптар үлэтин биһирээн санааларын эттилэр.
Савва Тимофеевич чөл турук уонна чуолаан сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтии, эмтээһин туһунан бу иннинэ хас даҕаны кинигэлээх. Оттон бу саҥа таһаарыыта олортон уратыта диэн, кини кардиолог быһыытынан өр сыллаах практикатыгар, уопутугар уонна ситиһиилэригэр олоҕуран ыарыыттан хайдах харыстанар, эбэтэр ылларбыт буоллахха туохтан ордук сэрэнэр, баалатыы ыксаллаах түгэннэригэр хайдах дьаһанар-көрүнэр туһунан олус туһалаах сүбэлэри оҥорбут. Кэрэхсэбиллээҕэ, маны барытын ааҕааччыга тиийимтиэ гынан, үөрэх-наука уустук өйдөбүллэрин судургутутан кэпсиир.
Доруобуйа харыстабылыгар ураты суолталаах, ыарыһахтарга эрэ буолбакка, билиэн-көрүөн баҕарар нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар наадалаах үлэ бэчээттэнэн тахсыбыт – кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон итинник биир санааҕа кэллилэр, ааптары истиҥник эҕэрдэлээтилэр. «Кэлиҥҥи сылларга киһи аймахха, ол иһигэр биһиэхэ, сахаларга, атеросклероз, сүрэх ишемическэй ыарыыта, инсульт, инфаркт – өлүү-сүтүү сүрүн төрүөтэ буолла. Билигин киһи бу кинигэни ыйынньык оҥостон, бэйэтин көрүнэ, харыстана үөрэниэхтээх, ис туругун төһө кыалларынан билэ-сэрэйэ, «иһиллэнэ» сылдьыахтаах. Онон «Книга о вашем здоровье» эбии бэчээттэнэн киэҥник тарҕанарын ситиһиэҕиҥ», – диэтэ профессор Татьяна Яковлевна Николаева.
Савва Тимофеевич нууччалыы, төрөөбүт тылын курдук хомоҕойдук суруйар «билингвальнай» дэнэр ааптар. Бу тохсус кинигэтэ (о.и. кардиология тематыгар – үсүһэ) атыттарыттан социальнай суолтатынан уратылаах. Ону өйдүүр буолан, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар туохха ордук болҕойору сыымайдаан, хас да сыл устата суруйда. Онуоха кини 1978 с. үөрэҕи бүтэрэн быраас идэтин ылаат, кый ыраах Таймылыыр балыыһатыттан саҕалаан үлэлээбит, салгыы Пирогов аатынан 2-с МГМИ ординатуратын үөрэнэн бүтэрэн, Нерюнгритааҕы киин балыыһа кардиология отделениетын салайбыт, онтон чааһынай практиканан үлэлээбит – барыта 40-тан тахса сыллаах уопутугар олоҕурда. Бу тухары суруммут бэлиэтээһиннэрин, бэл биирдии ыарыһаҕынан кичэйэн оҥостубут кардиограмма картотекатын уо.д.а. мунньубут матырыйааларын туһанна. Онон ханна да суох ураты үлэни түмүктээн ааҕааччыга бэлэх уунна. Улуу дьулуурунан, дьоҥҥо туһалыыр ыраас баҕа санаатынан, туораттан үп-харчы тардыбакка, ороскуотун тус бэйэтэ уйунан, саҥа кинигэтин 200 экземплярынан күн сирин көрдөрдө.
«Книга о вашем здоровье» Дьокуускай куорат кинигэ маҕаһыыннарыгар атыыга таҕыста.
Петр Попов
Хаартыскалар Петр Попов тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: