Кардиососудистай кииҥҥэ  улаханнык ыалдьар ыарыһахтарга анал кэбиниэт аһылынна

Share

М.Е. Николаев аатынан Национальнай мэдиссиинэ киинин өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһатын сүрэх-тымыр киинэ Уһук Илин уокурукка биир саамай аныгы технологияны туттан үлэлиир мэдиссиинэ киининэн буолар. 

Быйыл Сүрэх-тымыр киинигэр улахан кутталлаах ыарыһахха, ордук “антикоагулянтнай уонна липиды түһэрэр” терапияны ааһар дьоҥҥо аналлаах кэбиниэт аһылынна. Манна  ыарыһахха эмтэниини тутуһарга көмөлөһөллөр, хаан баттааһынын үрдээһинин сэрэтии, мэдиссиинэ көмө быраабылаларыгар сөп түбэһиннэрэн ыйыллыбыт эмтэри туһаныы көдьүүһүн уонна куттала суох буолуутун тупсарыы буолар.

Үрдүк кутталлаах офис хас да улахан суолталаах функцияны толорор, ол иһигэр антикоагуляннары уонна генетическэй инженериянан оҥоһуллубут биологическай эмтэри иһэр ыарыһахтар реестрдэрин оҥоруу, ону тэҥэ  мэдиссиинэ тэрилтэлэрин кытта үлэлээһин.

Ону таһынан, атын быраастар ыыппыт ыарыһахтарыгар консультациялар ыытыллаллар, эмтэр дьайыыларын кэтээн көрөллөр. Офис өссө генетическэй диагностиканы туһанан, генетическэй инженериялаах биологическай эмтэринэн антикоагулянт уонна липиды түһэрэр терапия төһө көдьүүстээҕин уонна куттала суох буолуутун тупсарар.

Сүрэх-тымыр киинэ билим уонна тиэхиникэ аныгы ситиһиилэригэр олоҕурбут уустук уонна ураты мэдиссиинэ технологияларын туһанан нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн көхтөөхтүк оҥорор. Күннээҕи үгэскэ искусственнай эргиир анныгар уустук аһаҕас сүрэх эпэрээссийэлэрэ, кыра инвазивнай тымыр эпэрээссийэлэрэ киирэллэр, олор кыһалҕаны түргэнник уонна чопчу суох оҥорорго көмөлөһөллөр, ыарыһаҕы кылгас кэм иһигэр олоххо төннөрөллөр. Үрдүк технологиялаах мэдисссиинэ көмөтө нэһилиэнньэҕэ тиийимтиэ буолан иһэр, сылга 1600-тэн тахса ыарыһаҕы хабар.

Киин быраастара өрүү эмтиир саҥа ньымалары баһылыыллар: былырыын сүрэх-тымыр хирургиятын эйгэтигэр 10 саҥа хирургическай эпэрээссийэ оҥоһуллубут.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Саха сиригэр айан суолга түөрт киһи үлүйэ сыспыт

Ньурба оройуонун ДПС инспектордара кыһыҥҥы айан суолга суоппардарга көмөлөстүлэр. Түүн оройуон исписэлиистэрэ «Бүлүү» трасса 818…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Бүгүн — Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүннэ

Ахсынньы 21 күнэ – Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүнэр. Бу күнтэн ыла Саха сирин аатырбыт…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөрт түмсүү уһуйааччыта

Былатыан Ойуунускай аатынан Литэрэтииринэй түмэлгэ оҕо эрдэхпититтэн көрөн улааппыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо ойууларын таҥас…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр күн коллектордарыгар олоҕуран үлэлиир бастакы оскуола аһылынна

Ахсынньы 20 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин үөрүүлээх сиэрэ-туома…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Оҕолор дьоллоругар тыа сиригэр олохсуйбут ыал

«1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола олорон ааспыт нэһилиэгэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр онкология ыарыытын аҥарыттан ордуга эрдэтинэ быһаарыллар

Саха сиригэр 57%-тан тахса онкология ыарыыта эрдэтинэ быһаарыллар. Бу диагностика саҥа ньыматынан  ситиһиллэр. Итинник статистиканы…

2 часа ago