Карина Чикитова туһунан киинэ билиэттэрэ атыыга таҕыста

Share

Өлүөхүмэ ойууругар 12 күн муна сылдьыбыт үс саастаах Карина Чикитова туһунан киинэ бу сыл муус устар 11 күнүгэр киэҥ экрааннарга тахсыаҕа.

Билиэттэри атылааһын номнуо саҕаланна. Дьокуускайга «Карина» киинэҕэ билиэттэри хаассаларынан биэс киинэ тыйаатыра атыылыыр — «Емеян», «Азия», «Авиатор», «Центральнай»  уонна «Cinema-Center». Сыана араастаһар: бириэмэтиттэн уонна миэстэлэртэн көрөн 240-тэн 840 солк. диэри халбаҥныыр.

Хаартыска: тизертэн - скрин.

Саамай бастакынан  «Азия» киинэ тыйаатырыгар сарсыарда 09:30 чаастан көрдөрүөхтэрэ. Сарсыардааҥы кэмҥэ билиэт сыаната 280-тан 560 солк. диэри халбаҥныыр. Премьера күнүгэр «Азия» киинэ тыйаатырыгар барыта 11 сеанс ыттыллыаҕа, «Емеяҥҥа» — 10, «Центральнайга»  — 5, «Авиаторга» — 4, оттон «Cinema-Center» биир сеанс былааннанар.

Киинэ 2014 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһугар буолбут түбэлтэҕэ олоҕурар. Үс саастаах кырачаан Карина ойуурга мунарын, ону Найда диэн ыта өрүһүйэрин туһунан көстүөҕэ.

Карина Чикитова туһунан киинэни Оломо сэлиэнньэтиттэн 18 километр тэйиччи сытар «Быһыктаах» диэн сиргэ устубуттара. Сүрүн оруолга София Прибылых талыллан, биэс сааһыгар саха кинематографиятын устуоруйатыгар саамай эдэр актер буолар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

40 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago