«Карина» уус-уран хартыына киэҥ экрааҥҥа таҕыста

Share

Бу хартыынаны дьон күүппүтэ ыраатта. Дьиҥэр, туох да таайтарыыта суох, соторутааҕыта буолбут түгэн туһунан киинэ тоҕо дьону сэҥээрдиэн сөбүй?

Ол эрэн, 2014 сыл сайыныгар бары кэриэтэ муммут кыыс дьылҕатын долгуйа кэтээбиппит. Онон Карина Чикитова барыбытыгар чугас киһи буол­бута. Киинэ күүппүт эрэлбитин толоруо дуо? Бүгүн сарсыарда 9 чаастаах сеанска анаан-минээн тиийэн көрдүм-иһиттим.

Буолбуту кэпсиир

“Карина”, этиллибитин курдук, дьиҥнээх олоххо буол­бут түгэни кэпсиир киинэ, онон туох эрэ дьикти, соһутар түмүгэ суох, саҕаланыытыттан бүтэһигэр диэри биллэр ис хоһоон­ноох. Ол да буоллар, олус сатабыллаахтык суруллубут сценарий, астык режиссура киинэ бүтүөр диэри көрөөччү болҕомтотун экрааҥҥа хам хатыыр. Буолбут түгэни хас даҕаны хайысхаттан көрдөрөллөр: көрдөөһүн тэрээһинэ, холуобунай силиэстийэ үлэтэ, кыыс дьонун аймалҕана уонна, биллэн турар, кыра­чаан Карина тыаҕа муна сылдьара. Монтаж буолбут түгэн араас күннэригэр көһө сылдьар эрээри, таҥыы бэрт сатабыллаахтык оҥоһуллубут, сэһэн тиһигин ыһыктыбаккын. Киинэни айан таһаарбыт дьон Өлүөхүмэ тайҕатыгар саспыт быыкаайык дэриэ­бинэ олоҕун ымпыгын-чымпыгын олус кичэллээхтик оҥорон таһаарбыттара сөхтөрөр. Дьон таҥаһа-саба, туттар мала-сала, оннооҕор олохтоохтор сирэйдэрэ кытта учуоттаммыт (Өлүөхүмэ диэки бэрт элбэх  уу сахалыы саҥарар нуучча сирэйдээх дьон бааллара көрдөрүллэр). Киинэни түбэлтэ буолбут сириттэн, Оломтон, 18 килэмиэтир эрэ тэйиччи сытар Быһыктаах диэн сиргэ устубуттар, онон айылҕата эмиэ чопчу дьүөрэлэһэр.  Быыһыыр эпэрээс­сийэ эмиэ олус кичэллээхтик, итэҕэтии­лээхтик көрдөрүллэр. Аны от кэмигэр көрдөөһүҥҥэ тардыллыбыт дьон настарыанньата, баһаар үгэннээн турар кэмигэр быыһааччы тиийбэтэ, барыта ол сайын салгынын кыраҕытык ойууланар.

Сүрүн оруоллар

Ийэ оруолун толорбут Мария Кычкина кутталыттан таалан хаалбыт, түҥкэтэх эдэр дьахтары оонньуур. Аҕыйах тыллаах оруол эрээри, оҕотун туһугар куттанан ыгылыйбыт 21 саастаах ийэ туруга олус бэркэ бэриллибит. Элбэх бириэ­мэ силиэстийэ уонна көрдүүр тэрээһин салайааччыларыгар бэриллибит. Көрдүүр эпэрээссийэ салайааччытын оруолун Вячеслав Лавернов, силиэстийэ салайааччытын Павел Колесов оонньообуттар. Оҕо туһугар ис иһиттэн ыалдьар Лавернов дьоруойа дьону барытын уорбалыыр эбээһинэстээх полицейскайы кытта үгүстүк бииргэ көстөллөр, сүппүт киһини көрдүүр үлэ икки өрүтүн бэртээхэйдик арыйаллар.

Уопсайынан, оонньуу таһыма үрдүк. Карина хос эһээтин Петр Баснаев оонньуур. Ис туругун дьоҥҥо көрдөрбөт адьынаттаах саха оҕонньоро тыаҕа тахса ууттан, сиртэн-­уоттан көрдөһөн хараҕыттан уу-хаар баспыта  хартыына биир саамай тыҥааһын­наах, көрөөччүнү уйадытар түгэнинэн буолла.

Кырачаан артыыс София Прибылых оҕо оонньуутун биир чаҕылхай холобура буол­бут. Сарсыарда туран сууна-тараана сылдьара, араадьыйаттан эрэкэлээмэ ырыатын үтүктэн ыллыыра, тэриэлкэ алдьатан эбээтиттэн куттанара, тыаҕа тулаайахсыйан ийэтин ыҥырара – барыта ис киирбэхтик көрдөрүллүбүт. Уопсайынан, оонньуур дьоҕурдаах оҕону булуу – уустук сорук. Бу оруолга Софияны  328 оҕоттон кастиннаан талбыттар. Бу иннинэ сахалыы киинэҕэ куһаҕана суохтук оонньуур оҕолор син бааллара. Дириҥник ырыппакка көрдөххө, “Күлүк хомус” киинэҕэ Аэлина Колесова, “Тимир” киинэҕэ Альгис Данилов үрдүк таһымнаах үлэлэрин бэлиэтиэххэ сөп. Ол эрэн, София кинилэртэн быдан балыс, киинэни устар кэмнэригэр 5 эрэ саастааҕа. Онон бу кыысчаан Саха сирин саамай эдэр артыыһа буолар. Талаана аһыллан, улахан артыыс буолуон сөптөөх. Бу курдук этэргэ, киинэҕэ кыратыгар оонньоон улахан артыыс буолбут илэ холобур баар – кыыс ийэтин оонньуур Мария Кычкина 9 саастааҕар Алексей Балабанов “Река” диэн киинэтигэр биир сүрүн оруолу, Бытархайы, оонньообута. Араҥнар дэриэбинэлэриттэн кыһыл оҕону тутан соҕотох тыыннаах хаалбыт кыыс оҕону өйдүүргүт буолуо. Бу Мария Кычкина бастакы оруола.

Быстах оруоллары толорооч­чулар эмиэ үчүгэйдэр. Оҕону куоттарбытыттан буруйдана саныыр эбээтэ, сүрэҕэлдьээн айдаан таһаа­ра сатыыр доброволец, тылланан барсыбыт 17  саастаах уолчаан, уорба­лааһыҥҥа түбэспит ыаллыы олорор эр киһи – бары хартыына уопсай тыынын дьиҥнээх олоххо чугаһатарга үлэлииллэр.

Таҥыы үлэтэ

Монтаж үлэтин Камила Сафина оҥорбут. Таҥыы, дьиҥэр, уустук соҕус, холобур, киинэ кыыс сүппүтэ түөрт хонук ааспыт кэмиттэн саҕаланар. Онтон хаста даҕаны ойо түһэн эрдэ туох буолбутун быһаарар түгэннэр кыбыллаллар. Ол эрэн, Саха сирин көрөөччүтэ уопуттаах киһи, бу таҥыыны улаханнык ыарыр­ҕаппакка ылынара чахчы. Хата ол оннугар маннык таҥыы олус сатабыллаахтык уоскулаҥы уонна күүрүүнү солбуһуннаран, көрөөччү болҕомтотун олоччу сүүйэр.

Бу түбэлтэни Саха сирин олохтоохторо бары өйдүүбүт эрээри, уруккуну сөргүтэн өйдөтөр оруннаах курдук. 4 саас­таах Карина 2014 сыл от ыйын 29 күнүгэр сүппүтэ. Ийэтэ атырдьах ыйын 2 күнүгэр эрэ оҕо сүппүтүн туһунан айдааны тарпыта. Каринаны аҕата ылбыта буолуо дии санааннар, кыыс сүппүтэ тута биллибэтэх. Онон, хас да күн ааһыыта, аҕата кыыһын ылбатаҕа биллибитин эрэ кэнниттэн көрдөөһүн саҕаламмыта. Оҕо өр кэмҥэ соҕотоҕун ойуурга сылдьыбыта. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр быыһааччылар буланнар, Дьокуускайга Мэдиссиинэ киинигэр аҕалбыттара. Карина билигин 14 саас­таах, балет оскуолатыгар үөрэнэр.

Түмүккэ

Киинэ араас соруктаах уонна таһымнаах буолар. Ардыгар ис хоһоонун өйдөөбөккө, бэрт үрдүк таһымнаах киинэни “дьаабы киинэ” диэн кыйаханыахха сөп. Сороҕор төттөрүтүн, бэрт судургу, соруга өйдөнөр киинэни оҥоруута, оонньуу таһыма мөлтөҕө буортулуур, мыыннарар. “Карина” – артхаус дуу, туспа бөлүһүөпүйэ дуу өттүгэр охтуута суох ыраас “олох түбэлтэтэ”. Ону кытта үрдүк таһымнаах оонньуу, сөптөөх үбүлээһин, саталлаах таҥыы тэҥҥэ дьүөрэлэспиттэр. Онон көрөөччү үрдүк сыанабылын ыларыгар тус бэйэм саарбахтаабаппын. Онон барыгытыгар сүбэлиибин – бу киинэни көтүтүмэҥ, киэҥ эк­­рааҥҥа көрүҥ!

What’s your Reaction?
+1
30
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago