Казахстаан уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойуустара бииргэ үлэлэһиэхтэрэ
Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн, икки уруулуу норуот литератураҕа сибээстэрин бөҕөргөтөр туһунан «төгүрүк остуол» буолан ааста. Бу «төгүрүк остуолга» Казахстаан уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойуустара бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэһиигэ илии баттастылар.
— Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ үрдүк таһымҥа ыытыллыбыттарыттан олус үөрэбит. Астанаҕа, Алматыга элбэх тэрээһин ыытылынна. Бүгүн бу «төгүрүк остуол» биһиги литератураларбыт урут-уруккуттан доҕордуу сыһыаннарын туоһута буолар, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов эттэ.
Кини Ил Дархан аатыттан «За укрепление мира и дружбы народов» бочуоттаах бэлиэни Казахстаан судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, олоҥхону казах тылыгар тылбаастаабыт Улугбек Есдаулетка туттарда.
Сэбиэскэй кэмҥэ казах уонна саха суруйааччылара ыкса сибээстээх этилэр. Хардарыта элбэх кинигэ тылбаастаммыта. Ааспыт үйэ 80-с сылларыттан Казахстаан уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойуустара хардарыта ыалдьыттаһан, норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтөллөрө.
Билиҥҥи кэмҥэ казах уонна саха суруйааччылара бииргэ үлэлэһэр үйэлээх үгэһи салгыыллар. Саха сиригэр ыытыллар «Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээлгэ казах суруйааччылара кэлэн ыалдьыттыыллар. 2022 сыллаахха казах тылынан саха аныгы поэзиятын антологията уонна Николай Лугинов «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» арамаана тылбаастаммыттара.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа маныаха хардаран, саха тылынан казах аныгы поэзиятын антологиятын таһаарарга үлэлэһэр.
Казахстааҥҥа норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева кинигэтэ казах тылынан тылбаастанна. Оттон Улугбек Есдаулет «Незабвенная Турсынай» уонна «Песнь каменного балбала» кинигэлэрэ сахалыы тылбаастаннылар. Саҥа кинигэлэри сүрэхтээһин бу күннэргэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: