Казахстааҥҥа мас тардыһыытын күрэхтэһиитигэр 40 спортсмен кытынна
Астанаҕа Саха сирэ уонна Казахстаан бөҕөстөрө тустууга уонна мас тардыһыытыгар кииристилэр.
Саха сирин күннэрин чэрчитинэн Жаксылык Ушкемпиров аатынан Успуорт киинигэр ыытыллар күрэхтэһии аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ тылы этэригэр, мас тардыһыытын уонна тустуу күрэхтэһиилэрин ыытыы сүрүн соругунан туһааннаах көрүҥнэри сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрии буоларын бэлиэтээтэ. Казахстааҥҥа тустуу киэҥник тарҕаммыт успуорт биир көрүҥэ эбит буоллаҕына, мас-рестлинг саҥа кэрэхсэнэн эрэр.
— Биһиги норуоттарбыт успуорду инники күөҥҥэ тутан сылдьаллар. Көҥүл уонна греко-римскэй тустуу көрүҥнэригэр олимпийскай чөмпүйүөннэрбит ааттарынан киэн туттабыт. Сахалар өбүгэлэрбититтэн үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэспитин — мас тардыһыытын эмиэ биир тарбахха баттанар успуорт көрүҥүн быһыытынан билинэргэ үлэлэһэбит. Аан дойдуга мас-рестлинг саҥа тарҕанан эрэр эрээри, бүгүҥҥү күҥҥэ 55 дойдуга мас-рестлинг федерацията баар буолла. Онон, сотору кэминэн бу дьон болҕомтотун тардар успуорт биир чаҕылхай көрүҥэ Олимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киирэригэр эрэнэбин. Казахстаан сиригэр мас тардыһыытын күрэхтэһиитин ыытан эрэллэригэр махталбын биллэрэбин, — диэн эттэ Айсен Николаев күрэхтэһиилэри аһар үөрүүлээх түгэҥҥэ.
Күрэхтэһиигэ 40 спортсмен кытынна. Көҥүл тустууга ыччаттар кыттыыны ыллылар. Түмүккэ мас тардыһыыга Саха сирин спортсменнара тэҥнээхтэрин булбатылар. Көҥүл тустууга Казахстаан бөҕөстөрө кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: