Муус устар 18-23 күннэригэр Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытылыннылар. Түмүктүүр тэрээһининэн Алматы куоракка Абай аатынан Казах национальнай академическай опера, балет тыйаатырыгар «Ньургун Боотур» опера буолла.
Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевтыын былырыын кэпсэппиттэрин түмүгэр, ыытылыннылар.
— Казахстаан олохтоохторугар сылаас сыһыаҥҥыт, дохсун ытыс тыаһынан көрсөргүт иһин махтанабыт. Астана уонна Алматы тыйаатырдарын саалалара бары тобус-толору этилэр. Уруулуу норуоттар доҕордоһуулара салҕанар. Эһигини аны Саха сиригэр күүтэбит, — диэн култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев эттэ.
Бу күннэргэ бары хайысхаларынан үлэ барда. Сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ атыы-эргиэн, инвестиционнай, туристическай кыаҕын көрдөрдө. Айсен Николаев уонна Касым-Жомарт Токаев бииргэ үлэлэһии торумун кэпсэттилэр.
Ил Дархан Казахстаан бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Олжас Бектеневы, туризм, спорт миниистирэ Ермек Маржикпаевы кытта көрсөн, атыы-эргиэн, спортивнай тэрээһиннэри туорумнаатылар.
Кэккэ докумуоннарга илии баттастылар. Саха сирэ Хотугу-Казахстаанскай уобалас акиматын кытта бииргэ үлэлэһиэҕэ. Казахстаҥҥа мас-рестлинг аан дойдутааҕы турнира буолуоҕа. Саха сирин уонна Казахстаан Суруйааччыларын сойуустара бииргэ үлэлэһэргэ илии баттастылар.
Саха сирин сайдыытын корпорацията Казахстаан Креативнай индустрияларын альянсын кытта бииргэ үлэлэһиэҕэ.
Олус элбэх култуурунай тэрээһиннэр ыытылыннылар. «Ньургун Боотур» олоҥхону казахтар олус сылаастык ылыннылар. Маны тэҥэ, «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо-испэктээкил, «Аан дойду эпостарын көрсүһүүлэрэ» кэнсиэр, «Геометрия движения», «Сияющий камень» балет испэктээкиллэрэ, «Виртуозы Якутии» ансамбыл түөрт кэнсиэрэ, «Легендарный Максим» быыстапка ситиһиилээхтик ыытылыннылар.
«Сокровища Якутии» уонна «Чарующие звуки предков» быыстапкалар дьон болҕомтотун тартылар. «Сделано в Якутии» оҥорон таһаарааччылар дьаарбаҥкалара элбэх дьону түмтэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…